Ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, култуура туйгуна Иннокентий Корякин «Биэс уонус хаарым» диэн быыстапката аһылынна.
Бу кини үһүс быыстапката. Бэйэтэ да сөҕүөн иһин, лоп курдук 50 хартыына көрдөрүүгэ турда. Быыстапка аһыллыытыгар кэлбит биир идэлээхтэрэ, биир дойдулаахтара, худуоһунньук айар үлэтин сүгүрүйээччилэрэ истиҥник эҕэрдэлээтилэр, алгыс тыл үтүөтүн анаатылар, үтүө санааларын тиэрдэн, салама баайан ыйаатылар.
— Бу үлүгэрдээх 50 кыраадыстаах тымныы, дьаҥ-дьаһах турбут кэмигэр ыҥырыыбын быһа гыммакка, анаан кэлбит дьоммор-сэргэбэр ис сүрэхпиттэн махтанабын, — диэн Иннокентий Иннокентьевич эттэ. — Мин санаабар, 50 саас диэн айар-тутар киһиэхэ саҕалааһын эрэ курдук буолар. Быыстапкаҕа киһи туох сыыһалааҕын-халтылааҕын өйдөөн көрөр, тугу ситиспитин торумнуур. Быыстапканы тэрийии аҥаардас худуоһунньуктан эрэ тутулуктаах буолбатах. Элбэх киһи көмөтө баар. Бастатан туран, ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ, Худуоһунньуктар сойуустарыгар, багетнай мастарыскыайга, Мария Олесоваҕа, Юрий Спиридоновка, таптыыр кэргэммэр, чугас дьоммор махтаныам этэ. Бэҕэһээҥҥэ диэри 47-48 үлэ баара, онуоха түмэл пуондатыттан эбиллэн, 50 үлэ буолан таҕыста. Бэйэм да соһуйдум.
Быыстапкаҕа худуоһунньук киэҥник биллибит урукку үлэлэрин сэргэ, саҥа хартыыналара эмиэ бааллара кэрэхсэбиллээх.
Иннокентий Корякин олоххо үтүөнү, сырдыгы эрэ булан көрөн, уруккуну-хойуккуну анааран, дьүһүйэр уратылаах. Өҥү-дьүһүнү, уот, күн сырдыгын-күлүгүн, композиция тутулун таба туһанара сөхтөрөр. От-мас хас биирдии сэбирдэҕин, устар уу сүүрүгүн эгэлгэ дэгэтин ойуулууру дэбигис киһи сатаабат буолуохтаах. Хартыыналара дириҥ ис хоһоонноох буолан, толкуйдаталлар, бэйэлэригэр тардар, абылыыр күүстээхтэр. Худуоһунньук хас биирдии дьоруойун тапталынан дьүһүйбүтэ көстөр. Сороҕор ис хоһооно көрдөөх соҕус да буоллар («Атаах боотур», «Дьэдьэнньит боотур», о.д.а.) киһи дьоруойу омнуолуу көрбөт.
Кини урут-уруккуттан саха олоҕун номохторго, үгэстэргэ, фольклорга, итэҕэлгэ тирэҕирэн, көрдөрөр, ойуулуур. Үтүө, сылаас, остуоруйа эйгэлээх айымньылара дьоҥҥо өйдөнүмтүө уонна чугас буолан, дьон-сэргэ биһирэбилин, махталын ылыахтарын ылаллар.
Быыстапка ахсынньы 8 күнүттэн 2024 сыл олунньу 4 күнүгэр диэри үлэлиир. Түмэл үлэлиир чааһа: сэрэдэҕэ — 12.00-20.00 (каасса 19.30 ч. диэри), чэппиэргэ-баскыһыанньаҕа — 10.00-18.00 (каасса 17.30 ч. диэри). Бэнидиэнньик-оптуорунньук — өрөбүл күннэр. Сиһилии 8 (4112) 33-52-79, 8 (4112) 33-52-80 (каасса) төлөпүөннэринэн билсиэххэ сөп.
Ааптар түһэриилэрэ.
Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…
Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…
Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…
Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …
Бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, норуот суруйааччыта, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата…