Салгыы
Иннокентий Макаров: «Бэйэ бодобутун тардынар кэммит кэллэ”

Иннокентий Макаров: «Бэйэ бодобутун тардынар кэммит кэллэ”

Ааптар:
19.10.2022, 17:00
Бөлөххө киир:

Биир дойдулаахтарбыт Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыгар тус санааларын үллэстэллэр.

Атах оонньуутугар Саха АССР уонна РСФСР спордун маастара, мас-рестлиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ спордун маастара, Уһук Илин уонна Сибиир абсолютнай чөмпүйүөнэ, өрөспүүбүлүкэ кыһыҥҥы чөмпүйэнээтин абсолютнай чөмпүйүөнэ, Дыгын оонньууларын үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Иннокентий Макаров:

— Арассыыйа уонна Украина икки ардыларыгар бара турар киирсиилэри биһиги, сахалар эрэ буолбакка, аан дойду барыта долгуйан, кэтээн олорор. Сорохтор сөптөөх дииллэр, атыттар сыыһа дииллэр. Тус бэйэм политик буолбатахпын, ол эрээри санаабын эттэхпинэ, биһиги дойдубут улахан, киэҥ дойду буоллаҕа — кыайыахтаах, бастаан иһиэхтээх!
Сахалар кыра ахсааннаах омуктарга киирэбит. Арассыыйа иһигэр бааргын да — ол иһигэр бааргын буоллаҕа: ханна да куотан да, саһан да барыа суохтаахпыт. Сыыһа хамсанар кэм буолбатах. Быһыы-майгы сүрдээх кытаанах. Арассыыйа сыыһа гынар диэн ааттааннар ити арҕааҥы дойдулар (Америка, Европа, НАТО дойдулара) Америка Европейскай штаттара диэни ылынаары гыныахтара. Онно Прибалтика судаарыстыбаларын, Польша, Чехословакия курдук судаарыстыбалары барытын ылыахтара. Ол хамсаныылара Украинаттан саҕаланна эрэ буоллаҕа, түргэн баҕайытык бүтэн хаалбат, уһуон сөп.
Биһиги ол иһин тулуурдаах буолуохтаахпыт. Бары биир өйгө-санааҕа кэлиэхтээхпит, баһылыктарбытын батыһыахтаахпыт. Бэйэм кытаанах, туруору соҕус киһи буоларбынан эттэхпинэ, саҕалаатыҥ даҕаны, хаһан да кыайтарбат курдук барыахтаахпыт дии саныыбын. Бэйэ бодобутун тардынар кэммит кэллэ.

Елена Иванова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: