Иннокентий Сосин баара буоллар, бүгүн 94 сааһын туолуо этэ…
Майа начаалынай оскуолата Сэбиэскэй уулуссаҕа турар биир этээстээх, улахан сырдык таас түннүктээх, “Г” буукубалыы моһуоннаах эргэ мас дьиэ этэ. Оскуола таһыгар лаглайбыт лабаалаах суон хатыҥнар үүнэн тураллара. Онно чыычаахтар мустан, ырыа-тойук арааһын тардаллара.
Арай биирдэ оскуолаҕа оҕолор ортолоругар “саҥа учуутал кэлбит” диэн сонун тарҕанна. 1977-1978 үөрэх дьылыгар биһиги бэһис кылааска үөрэнэрбит. Күһүөрү этэ бадаҕа… Ол сыл саха литературатын үөрэтэ Майа начаалынай оскуолатыгар Иннокентий Михайлович Сосин кэлбитэ. Сахаҕа улахан көнө уҥуохтаах, сырдык сиэрэйдиҥи өҥнөөх көстүүмнээх, сымнаҕас, холку саҥалаах киһи биһиги кылааска киирэн кэлбитэ. Оҕолор көрүү-истии бөҕө буолбуппут. Үтэн-анньан көрүү ханна барыай, мэниктиирбитин тохтоппокко, күлсэ, кэпсэтэ олорбуппут. Онуоха Иннокентий Михайлович мөхпөккө-эппэккэ оргууй кэпсээнин саҕалаабыта уонна: “Оҕолоор, ким остуоруйа истиэн баҕарар?” – диэн ыйыппыта. Онуоха “Мин-мин” дии-дии, илиибитин өрө ууна-ууна, былдьаһа-тарыһа бары утуу-субуу саҥарбыппыт. “Чэ, оччоҕо чуумпурдубут, уруокпутун эрдэ бүтэрдэхпитинэ, остуоруйа кэпсиэм”, – диэтин кытта кылаас иһэ уу-чуумпу буолбута, уруокпут саҕаламмыта. Дьэ, ити курдук, орой мэник чолопуустары “илиитигэр ыллаҕа” ол.
Оҕолор куруук саха тыла хаһан буоларын кэтэһэрбит. Кыһын уоту умулларан баран уруок кэннэ хаалан, “кутталлаах кэпсээннэри” кэпсэтэрбит. Ким тугу истибитин, “көрбүтүн” омуннаах соҕустук кэпсээн, аны дьиэбитигэр барарбытыгар куттал бөҕө буоларбыт. Урут билиҥҥи курдук уулусса лаампа уотунан сырдатыллыбат этэ. Ыраах-ыраах турар остуолбаларга онон-манан уот кыламныыра. Оҕолор бары банаарыктаах сылдьарбыт. Биирдэ Иннокентий Михайлович: “Оҕолоор, миигин оҕолору үөрэппэккэ остуоруйа кэпсээн тахсаҕын диэн мөхтүлэр. Мантан инньэ аны уруокпутугар болҕомто уурабыт”, – диэбитэ. Биһиги наһаа кыһаллан туран кини биэрбит дьиэҕэ үлэтин: нойосуус буоллун, өйтөн суруйуу буоллун, толорорбут. Дьэ, уонна тапталлаах остуоруйаларбытын, сэһэннэрбитин истэрбитин тохтоппотохпут. Арааһа, өссө үчүгэйдик үөрэнниннэр диэн эппит буолуохтаах дии саныыбын. Баҕар, кырдьык, мөҕүллүбүтэ дуу, ким билиэй билигин?..
Суруйааччылары ыҥыран көрсүһүү оҥороро. Биирдэ Рафаэль Баҕатаайыскай кэлбитин өйдүүбүн. Кини үгэлэрин оҕолор өйтөн аахпыттара. Ол көрсүһүүгэ Иннокентий Михайлович таһырдьа күөх лабаатынан тыалга үҥкүүлүү турар хатыҥнары ыйа-ыйа, “бу хатыҥнары биһиги оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан олордубуппут” диэбитин тоҕо эрэ өйдөөн хаалбыппын. Кини биһигини биир сыл үөрэппитэ эрээри, оҕолорго чаҕылхай өйдөбүлү, төрөөбүт тылбытын таптыырга, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннарга үөрэппитин күн бүгүҥҥэ диэри куруук ахтан-санаан ааһабыт.
Кэлин күн сирин көрбүт “Өссө кэпсээ эрэ” (1985 с.), “Ойуурга моҕотой угуйар” (1990 с.), “Абааһы туһунан кэпсээннэр” (1993 с.), “Төгүрүк сыл. Күн-дьыл халандаара” (1993 с.) кинигэлэригэр киирбит сэһэннэри, суруйуулары, кэтээн көрүүлэри биһиги бастакынан истибит эбиппит. Кини тула мустан, “өссө кэпсээ эрэ, өссө кэпсээ эрэ” диирбитин иһин, Иннокентий Михайлович кэлин кинигэтин ааттаабыт эбит дии саныыбын.
Киниэхэ киһи барыта – ситэ илик сибэкки
Оскуоланы бүтэрэн ыал буолан, ыраах Нерюнгри куоратынан тэлэһийэн, өр сылларга алтыспакка, көрсүбэккэ сылдьыбытым. Дьэ, куоракка көһөн кэлэн, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуот айымньытын киинигэр үлэлии киирэн баран, араас күөн-күрэстэргэ дьүүллүүр сүбэҕэ чилиэн, бэрэссэдээтэл быһыытынан олорор этим.
Ол курдук, 2004 сыллаахха Валерий Власьевич Ноев төрөөбүтэ 65 сылын көрсө Бэдьимэҕэ кини ырыатын толорооччуларга күөн-күрэс буолбута. Онно тахсыбыппар арай, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн учууталым Иннокентий Михайлович Сосин ананан кэлэн олорор эбит. Мин олус үөрдүм. Хас оҕону өйдүөй? Бэйэбин билиһиннэрэн, уруккуну-хойуккуну санатыһан, “эн-мин” дэһэн ити күнтэн ыла ыкса алтыспытынан барбыппыт. Араас тэрээһиннэргэ дөрүн-дөрүн да буоллар көрсөн ааһарбыт. Ол курдук, кинини кытта өссө “айдааннаах” быыбарга үлэлэһэн турардаахпын. Билигин саныахха наһаа күндү… Ол сылдьан куруук миигин үөрэтэрэ, такайара. Туохтан эмэ эбэтэр кимтэн эмэ кыыһыран этиннэхпинэ: “Пахай, доҕоор, итиннэ кыһаныма. Киһи-киһи араас буолар, тыаҕа мас үүнэрин курдук. Кэлин бэйэтэ өйдүө”, – диирэ.
Иннокентий Михайлович сахалыы майгылаах, киэҥ көҕүстээх, ыраас ис туруктаах Саха Саарына… Хаһан да дьону намтатан ду, баттаан ду саҥарбытын өйдөөбөппүн. Киниэхэ дьон бары куруук үчүгэй, бары ситэри ситэ илик сибэккилэр, лыахтар… Сахатын дьонун итинник таптыыра, ситиһиилэринэн үөрэрэ, сыыһаларын көрбөтөх-истибэтэх буолара… Ордук быыбарга кинини кытта бииргэ сылдьан ити майгытын бэлиэтии көрбүтүм, элбэххэ үөрэммитим. Учуутал куруук учуутал буоларын онно билбитим.
Тапталлаах Суолабыт туһунан…
2009 сыллаахха ханнык эрэ тэрээһиҥҥэ сылдьан: “Михалыч, дьэ эрэ, тапталлаах Суолабыт туһунан кинигэтэ суруй эрэ. Былыргытыттан саҕалаан билиҥҥэ диэри”, – диэн сорудах биэрбитим. Ону сэргии истибитэ эрээри, тутатына “ээх” диэбэтэҕэ, толкуйдуох буолбута. Биир сыл ааспыта, 2010 сыл үүммүтэ. Арай биирдэ төлөпүөннээн, Майаҕа “Туос Мааска” диэн тыйаатыр бэстибээлин саҕана быыс булан кэпсэтиэх буолбуппут. Болдьоспут кэммитигэр бириэмэ булан кэпсэппиппит. Онно “Суон сурахтаах Суола үрэх” трилогия-кинигэ былаанын аҕалан көрдөрбүтэ. Кини суруйар, оттон мин эрэдээксийэлээһинигэр уонна үп-харчы булан таһаартарарга эппиэттиир буолан арахсыбыппыт. Дьэ, ити күнтэн ыла утуйар уубутун умнан туран үлэбитин саҕалаабыппыт. Ол түмүгэр 2013 сыллаахха, ааптар тыыннааҕар “Суон сурахтаах Суола үрэх. Очеркалар, кэпсээннэр, эсселэр”, онтон 2016 сыллаахха суох буолбутун кэннэ “Суон сурахтаах Суола үрэх. Айар куттаах дьон”, 2019 сыллаахха “Суон сурахтаах Суола үрэх. Кутталлаах кэпсээннэр” трилогия-кинигэ икки туома тахсыбыттара. Учууталым санаатын толордум, үстүү сылынан быысаһан, “Суон сурахтаах Суола үрэх” трилогия-кинигэ түмүктэннэ!
Дьон-сэргэ кэлин бу Иннокентий Михайлович тиһэх улахан үлэтин сыаналыахтара, төрөөбүт түөлбэлэрин устуоруйатын үөрэтэллэригэр төһүү билии буоларын өйдүөхтэрэ диэн санааттан, төһө да Учууталым санаабыт санаатын ситэрбэккэ, бу орто дойдуттан күрэммитин иһин, кини оҥорбут былаанынан үһүс түһүмэх диэн бэчээккэ тахсыбыта. Аны кини баҕа санаатын ситэрэн, бу трилогия-кинигэни салҕаан төрдүс туомун оҥорорго сананан үлэбин кыралаан саҕалаатым. Төрдүс туом “Суон сурахтаах Суола үрэх. Кыраайы үөрэтээччилэр” диэн буолуохтаах.
Иннокентий Сосин баара буоллар, ахсынньы 1 күнүгэр 94 сааһын туолуо этэ. Эһиил 2023 сылга, үбүлүөйдээх 95 сылын көрсө Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.М.Сосин аатын сүгэр Киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бу күнтэн ыла араас хайысханан тэрээһиннэри саҕалыыллар. Амма улууһун бибилэтиэкэтин кытта 100 сылын көрсө биир ситим тосхолу былаанныыллар.
Мин үөрэбин – Иннокентий Михайлович сырдык аатын таптыыр Майатааҕы бибилэтиэкэтэ сүгэриттэн, мин үөрэбин – хас сыл аайы Учууталым баарын курдук саҥаттан саҥа кинигэ күн сирин көрөрүттэн, мин үөрэбин – эдэр көлүөнэ ыччат дьон хас сыл аайы кини айымньыларыгар ыытыллар араас тэрээһиннэргэ сэргэхтик кытталларыттан, мин үөрэбин – кини оҕолоро, сиэннэрэ эһэлэрин үрдүк аата үйэтитиллэригэр сыраларын, санааларын ууран туран күүскэ үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан!
Түгэнинэн туһанан, Иннокентий Михайлович Сосин «Суон сурахтаах Суола үрэх» кинигэлэрэ күн сирин көрөллөрүгэр күүс-көмө буолбут Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын дьаһалталарыгар, «Алаас» кинигэ кыһатыгар, оҕолоругар уонна сиэннэригэр махтанабын!
Суоссун – сүгүрүйэр Суола эбэтин сүүрүгүн курдук аата куруук ааттана, ахтылла турдун!
Суоссун – тапталлаах дойдутун аламаҕай дьоно-сэргэтэ силигилии сайда, үүнэ турдуннар!
Суоссун – кэрэ ыччата кэскиллээх, айыылартан алгыстаах, арчылаах буоллун!
Саргылаана АДАМОВА-АЛТАН КЫЫС, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: