Иннокентий Юмшанов: “Кэлин Арктика, хоту улуустарга болҕомто биллэ күүһүрдэ”
Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ тахсан, Саха сирин олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Дьааҥы улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Иннокентий Юмшанов:
— Сибээспит мөлтөх, Ил Дархан быһа эпиирин быста-быста да буоллар көрдүм, үөрэх чааһыгар аҕыйах ыйытыы киирдэ. Эксээмэҥҥэ бэлэмнэниигэ үөрэх кэнниттэн босхо дьарык туһунан сөпкө ыйыттылар. Үөрэх федеральнай судаарыстыбаннай ыстандаартынан, үөрэҕи таһынан дьарыкка консультациялар булгуччу ыытыллаллар. Онтон атын кылаастары бэлэмнээһиҥҥэ, дьарыктара элбэҕин быһыытынан, күүскэ киллэрэр кыаллыбат. Билигин урукку курдук “продленка” суох, туспа ыстаат көрүллүбэт.
Ил Дархан куоракка учууталлар тэйиччиттэн олорон дьарыктары ыыталларын иһитиннэрдэ. Олус үчүгэй эрээри, биһиги интэриниэппит мөлтөх буолан, билиҥҥитэ итиннэ кыайан кыттыһар кыахпыт суох. Үс сылынан Арктикаҕа барытыгар интэриниэт киириэхтээҕин үөрэ иһиттибит, дьон кэтэһэр. Манна даҕатан эттэххэ, Дьокуускайга таксистыыр тыл үөрэхтээх, юрист идэлээх биир дойдулаахтарбыттан: “Манна таксистыаххыт кэриэтэ дойдугутугар, Дьааҥыга тиийэн тоҕо үлэлээбэккит?”, – диэн ыйыттахха, «Онно тугу гыныахпытый, оннооҕор интэриниэт суох», — дэһэллэр. Биһиги улууспутугар 45 үөрэх тэрилтэтэ баар (21 оскуола, 19 уһуйаан, 5 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ), күн бүгүн 37 учуутал тиийбэт.
Анаабыр гимназиятын туһунан ыйытыы эмиэ сөптөөх. Кэлин Арктика, хоту улуустарга тутуу өттүгэр сайдыы олус күүскэ барда. Мин бэйэбит улууспут холобурун ахтан аһарыым. Бу сыл ахсынньытыгар Сайдыы нэһилиэгэр 80/40 миэстэлээх оскуола-уһуйааны үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Адыаччыга 120/40 миэстэлээх оскуола-уһуйаан тутуутун эһиилгиттэн саҕалыырга күүстээх хамсаныыны ыыта сылдьабыт. Оскуола дьиэтэ олоччу тэллэй буолан, былырыын сабарга күһэллибиппит. Тутуу уочаратыгар сэттис миэстэҕэ турарбыт. Бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуона бэлэм, хочуолунайын тутуутун боппуруоһа барыта кэпсэтиллэн турар. Итини таһынан, холобур, быйыл биир сыллаах федеральнай хапытаалынай өрөмүөҥҥэ Саха сиригэр алта, икки сыллаахха аҕыс оскуоланы былааҥҥа киллэрбит эбит буоллахтарына, итинтэн иккитэ Дьааҥы улууһун (Баатаҕай уонна Элгэс) оскуолалара өрөмүөннэниэхтэрэ. Аны өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл аҕыс успуорт саалатын өрөмүөннүүр эбит буоллахтарына, итинтэн иккитэ — Дьааҥы улууһугар (Дулҕалаах, Боронук). Баатаҕайга ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутулла турар. Ити курдук, Арктика, хотугу улуустарга үөрэхтээһин уонна олох бары эйгэтигэр Арассыыйа да, өрөспүүбүлүкэ даҕаны өттүттэн күүстээх өйөбүл баарын бэлиэтиибин, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: