Инсульт – сэрэппэккэ кэлэр ыарыы
Инсульт диэн тугуй? Киһи уорганыгар ыарыы дьайыыта. Инсульт (лат. Insultus «охсуу»).
Инсульт сэрэппэккэ кэлэр ыарыы, мэйии тымырдарынан кини килиэккэлэригэр кислород тиийэрэ мөлтөөтөҕүнэ үөскүүр. Кислородунан хааччыйар тымырдар ханнык эрэ салаалара кыараатаҕына эбэтэр бүөлэннэҕинэ эбии бэргиир. Кислороду хаан тарҕатар. Атеросклероз бляшкалара киһи хааныгар холестерин курдук эттиктэр аһары үрдээһиннэриттэн үөскүүллэр.
Инсульт икки араастаах.
Ишемическай инсульт — тымыр бүөлэниитэ.
Тымыр кыарааһынын түмүгэр мэйиигэ кислород тиийбэтэх сиригэр үллүү үөскүүр. Атеросклероз бляшкалара тымыр эркинигэр сыстан баран тааһыран хаалаллар, оччоҕо хаан сатаан сүүрбэт, кислород тиийбэт. Ол түмүгэр бүөлэммит тымыр тула «аччыктааһын» (ишемия – кислородное голодание) саҕаланар.
Геморрагическай инсульт –хаан бөлөхсүйүүтэ.
Эмискэ хаан баттааһына үрдээһинин түмүгэр тымыр быстан, мэйиигэ хаан турар.
Ол түмүгэр мэйии ньиэрбэтин килиэккэлэрин үлэтэ мөлтүүр эбэтэр килиэккэ өлөн үлэлээбэт буолар. Оччоҕуна киһи илиитин, атаҕын уна эбэтэр ханас өттө кыайан хамсаабат, үлэлээбэт .
Ыарыы бастакы сибикилэрэ:
Ыарыы сүрүн бэлиэтэ – төбө ыарыыта, мэйии эргийиитэ, сылайыы, илии, атах ханас эбэтэр уна өттө сэниэтэ суох буолара. Ол гынан баран, ыарыы бэрт аҕыйах дьоҥҥо баарын биллэримиэн сөп, ол олус сэрэхтээх уонна кутталлаах. Киһи кэпсэтэрин, санарарын ыарырҕатыан, суруйарыгар буочара уларыйыан, ону таһынан хараҕа көрөрө мөлтүөн сөп, хаамара, хамсанара уларыйар.
Инсульт сибикилэрин хайдах быһаарабыт?
- Сирэй ханньары барар.
- Киһи икки илиитин тэннэ өрө ууммат, өрө көтөхпөт, уна эбэтэр ханас өттө мөлтүүр.
- Киһи тыла бөлүөхсүйэр, чуолкайа суохтук санарар буолар.
Бу маннык буолбут киһиэхэ суһал көмөнү ынырар булгуччулаах. Мэдиссиинэ үлэһитэ кэлиэр диэри ыалдьыбыт киһини хамсатар уонна туруорар көҥүллэммэт.
Доруобуйаҕытын көрүнэ, бэйэҕитин харыстана сылдьын!
Марианна Исакова, Нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин
невролог-бырааһа
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: