Салгыы
ИНТЭРИЭҺИНЭЙ ЧАХЧЫЛАР: Нуучча сирин кистэлэҥнэрэ

ИНТЭРИЭҺИНЭЙ ЧАХЧЫЛАР: Нуучча сирин кистэлэҥнэрэ

Ааптар:
30.09.2023, 18:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Арассыыйа устуоруйатыгар билигин даҕаны туга-ханныга биллибэтэх араас кистэлэҥнэр элбэхтэр. Учуонайдар быһаара илик, дьону-сэргэни билиҥҥэ диэри долгутар урукку-хойукку чахчылары түмтүбүт.

РУСЬ ДИЭН ТЫЛ ТУОХ СУОЛТАЛААҔЫЙ?

Билиҥҥэ диэри бу тыл хантан кэлбитэ биллибэт. Биир чахчынан, Рось диэн күөл аатыттан тахсыбыт. Өссө Ruotsi, Roots, Rotsi диэн шведтэр финн билиэмэлэрин ааттаабыттарыттан тахсыбыт диэн сабаҕалааһын эмиэ баар эбит.

Ломоносов этэринэн, рустар роксоланнар эбэтэр росоманнар (бу тыллар уларыйаннар “русь” диэн буолбуттар быһыылаах) диэн бэйэлэрин ааттанар сарматтар удьуордарынан буолаллар

Ити курдук, араас санаалар бааллар, чопчу хантан кэлбит тыл буолара биллиҥҥэ диэри биллэ илик эбит.

РЮРИК ХАНТАН КЭЛБИТЭЙ?

Рюрик кинээс кимтэн кииннээҕэ, хантан хааннааҕа эмиэ баччааҥҥа диэри үөрэтиллэ илик. Устуоруктар Рюригы Скьёльдунг диэн датскай династия бас-көс киһитэ этэ дииллэр. Оттон сорохтор Эйрик Эмундарсон диэн швед этэ диэн этэллэр.

Аны Рюрик полабскай славяннай баһылыктара этэ, Руян диэн балтийскай арыыттан кэлбит киһи диэн эмиэ быһаараллар. Өссө олох даҕаны Рюрик диэн толкуйдаммыт уобарас диэччилэр эмиэ бааллар.

15 с үйэҕэ диэри биир даҕаны нуучча кинээһэ “Рюриковичпын” дэммэтэ үһү. Бу кинээс ким-туох буоларын туһунан сураһыы 18 с үйэттэн саҕаламмыт, билиҥҥэ диэри биллэ илик.

ИККИ ТӨБӨЛӨӨХ ХОТОЙ ХАНТАН КЭЛБИТЭЙ?

Бу хотой бэчээккэ бастакытын Иван III салайар эрдэҕинэ баар буолбут. Ону Арассыыйаҕа кини ойоҕо византийка Софья Палеолог аҕалбыт. Устуоруктар тоҕо Иван III Софьяны кэргэн ылбыта сүүрбэ сыл буолбутун кэнниттэн биирдэ хотой судаарыстыбаннай бэлиэ буолбутун чопчулуу сатыыллар. Аны бу хотой византиецтар судаарыстыбаннай бэчээттэригэр эмиэ туттуллубатах эбит. Ол оннугар бу кэмтэн үйэ аҥаарын анараа өттүгэр Европаҕа Габсбург королевствотыгар, Кыһыл көмүс Орда манньыаттарыгар туһана сылдьыбыттара биллэр.

ИВАН ГРОЗНАЙ УОЛУН ӨЛӨРБҮТЭ ДУО?

Улуу худуоһунньук Репин хартыынатынан аан дойду дьоно бары нуучча аатырбыт кинээһэ Иван Грознай уолун тайаҕынан төбөҕө саайан өлөрбүтэ диэн билэр. Ол эрээри, бу билиҥҥэ диэри чопчулана илик чахчы эбит.

1903 сыллаахха академик Н. П. Лихачев Иван Иванович (уола) 11 күн орон-тэллэх киһитэ буолан сытан ыалдьан баран өлбүтүн туһунан дакаастабылы булбут. Аны бу туһунан Иван Грознай боярдарга суруйбут суруга булуллан, эмиэ биир дакаастабылынан буолбут.

1963 сыллаахха Иван Грознай уонна уолун хоруоптарын арыйан көрбүттэр. Онно Иван Иванович (уола) төбөтүн уҥуоҕуттан бу диэн улахан туох да ордубатах, онон эчэйии ылбытын дуу, суоҕун дуу учуонайдар сатаан быһаарбатахтар.

Оттон оччолорго нуучча сиригэр сулууспалаабыт француз Жак Маржерет Иван Ивановиһы аҕата тайаҕынан охсубутун кэнниттэн тута өлбөтөх, аҕыйах кэм буолан баран күүлэйдии сылдьан быстыбыт диэн суруйбута баар эбит.

АЛЯСКА АТЫЫЛАММЫТ ХАРЧЫТА ХАННА БАРБЫТАЙ?

Алясканы 1867 сыллаахха Арассыыйа империята Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар 7,8 миллион дуоллар харчыга атыылаабыта биллэр. Онон 1 518 800 км² иэннээх сир Хотугу Америка сирэ буолбута.

Ол эрээри, арыы атыыламмыт харчыта ханна барбыта билиҥҥэ диэри биллибэт. Дуогабар быһыытынан Арассыыйаҕа бэриллиэхтээх кыһыл көмүс кутуулары Лондонтан “Оркни” баркынан аҕалан испиттэр. Суудуна тимирэн хаалбыт, онно кырдьыктыы кыһыл көмүс баара дуу, суоҕа дуу биллибэт.

Архыыпка биир докумуон быһыытынан, атыыламмыт харчы сороҕунан Курско-Киевскэй, Рязанско-Козловскай, Московско-Рязанскай уо. д.а. тимир суоллары тутууга ыыппыттар.

ДЯТЛОВ ДАБААНЫГАР ТУОХ БУОЛБУТАЙ?

Ааспыт үйэ биир арылла илик кистэлэҥинэн Игорь Дятлов салайааччылаах туристар өлүүлэрэ буолар. Ол курдук, 1959 сыллаахха олунньу 26 күнүгэр Хотугу Уралга биир дабааҥҥа (ол кэлин Дятлов аатынан ааттаммыта) Игорь Дятлов салайааччылаах сылдьыбыт тоҕус турист өлүгүн булбуттара.

Кинилэр туохтан өлбүттэрэ билиҥҥэ диэри быһаарыллыбакка сылдьар. Дьиҥэ, хайаҕа ыттыынан үлүһүйэр туристар араас оһолго түбэһэн өлүүлэрэ сэдэх түбэлтэ буолбатах: хайа хаспаҕар түһүү, хаар баттааһына, тоҥон өлүү уо. д.а. түбэлтэлэр буолуохтарын сөп.

Ол гынан баран, Дятлов салайбыт бөлөҕүн туристара туохтан өлбүттэрэ үйэ аҥаарыттан ордук кэм ааспытын да кэнниттэн учуонайдары, бар дьону интэриэһиргэтэр.

Иэдээн буолбут сирин өр үөрэтэн баран, тустаах уорганнар «Туристар өлүүлэрин төрүөтэ — айылҕа күүстээх алдьатыытыгар түбэһии» диэн түмүктээн дьыала тохтотуллубута.
Билигин да бу дьыала тула араас сабаҕалааһыннар бааллар. Хайа хаарын сиҥниитэ эбэтэр аракыата эстиитэ диэн буолаллар.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: