Бүгүн анал байыаннай эпэрээссийэттэн икки нэдиэлэлээх уоппускаҕа кэлбит Дмитрий Прокопьевич Аргунову, биир идэлээхтэрэ, В.А. Петрова аатынан улуустар икки ардыларынааҕы Ньурбатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин кэлэктиибэ көрүстэ.
Биир идэлээхтэрэ байыаһы истиҥник-иһирэхтик көрүстүлэр. Дмитрий Прокопьевич былырыын балаҕан ыйыгар ыҥырыллыбыта. Байыаннай эпэрээссийэҕэ байыастар омугуттан тутулуга суох бары бырааттыы курдуктарын, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөллөрүн, өйөһөллөрүн этэр. Тэрийии, хааччыйыы баарын, барыта тиийэрин ыйар, Саха сириттэн көмө тиһигин быспакка тиэрдиллэр диир. Көрсүһүү түмүгэр кыайыы хайаан даҕаны биһиги туспутугар буолуо диэн бигэтик эттэ.
Кэлэктиип байыаска кытаанах доруобуйаны уонна дойдутугар кыайыы көтөллөөх түргэнник эргиллэн кэлэригэр баҕа санаатын тиэртэ итиэннэ сиргэ-уокка илдьэ сылдьарга аналлаах малы-салы туттарда. Дмитрий Прокопьевич кэргэнэ эмиэ интэринээт-дьиэҕэ үлэлиир. Дьиэ кэргэн үс кыра оҕолоох. Биир идэлээхтэрэ мас хайытан, хортуоппуй олордуһан, хомуйсан, тэлгэһэ иһин-таһын ыраастаһан, туох кыалларынан барытынан ситимин быспакка өрүү көмөлөһөллөр.
Бу иннинээҕи күн эмиэ тустаах тэрилтэҕэ үлэлиир Е.Н. Афанасьева Бахмуттан уоппускаҕа кэлбит уолугар кэлэктиип аатыттан утуйар мөһөөччүк уонна тиэримэс туттарбыттара. Екатерина Николаевна өйөбүллэрин иһин уолун аатыттан биир идэлээхтэригэр улахан махталын биллэрдэ.
Улуустар икки ардыларынааҕы Ньурбатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрин кэлэктиибэ байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын өйөөһүнү тэрийиигэ көхтөөхтүк кыттар: байыаннай эпэрээссийэ пуондатыгар харчы хомуйан ыыталлар, хас даҕаны хаххалыыр сиэккэни өрдүлэр, 18 сылаас наскыны баайдылар. Биһиги саллааттарбыт дьоруойдуу быһыыларын көмөтүнэн, дойду эрэллээх эркиннээх, дурдалаах-хаххалаах.
Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…
Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …