Интэриниэккэ баар “оптовай” маҕаһыыннартан сэрэниҥ
Түөкүттэр сымыйа маҕаһыыннары уонна олор ыытар баһыылкаларын кэтиир албын сыһыарыылары оҥорбуттар диэн ИДьМ информационнай технологияны сокуоннайа суох туһаныыны утары охсуһар департамена иһитиннэрэр.
Түөкүттэр интэриниэккэ чэпчэки сыаналаах табаардаах уонна ыллаҕына төлүүр кыахтаах «оптовай маҕаһыыннар» саайтарын оҥороллор. Ыытыллыбыт сакаас айаннаан иһэрин кэтээн көрөргө, туһанааччылартан анал мобильнай сыһыарыыны хачайдаан ылалларыгар көрдөһөллөр.
Дьиҥнээҕэр бу сигэ Mamont вируһугар тириэрдэр, ол вирус баан сыһыарыытын хонтуруолга ылар уонна атын улахан суолталаах информациялары уорар.
Бу иннинэ түөкүттэр «Саҥа дьыллааҕы» схемалара хайдах үлэлиирэ биллибитэ: Саҥа дьыл кэнниттэн күүһүгэр киирэр саҥа сокуон ылыллыбытын, ол сокуон быһыытынан улахан төлөбүрү ылыахтааҕыҥ туһунан иһитиннэрэллэрэ. Ол гынан баран, кинилэр дьиҥнээх сыаллара-соруктара үп-харчы информациятын уоран ылан, баан счеттарыгар киирии буолар.
2024 сыллаахха Арассыыйа олохтоохторун 47%-на кибер-түөкүттэрдиин алтыһан ааспыт, бу дьонтон 8% кинилэр угаайыларыгар киирэн биэрбит. Тэҥнээн көрдөххө: 2023 сыллаахха Арассыыйа олохтоохторун 64% түөкүттэрдиин алтыһыы кэнниттэн 19% кинилэр оҕуруктарыгар киирэн биэрбиттэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: