Бастакы уонна сүрүн ньыма – «киберугроза» хантан кэлиэн сөбүн билии буолар. Интэриниэт нөҥүө албыннааһын уонна уоруу туһунан саҥа ыстатыйалары ааҕыҥ, видеолары көрүҥ.
Тэрилтэ систиэмэтигэр үлэлиир буоллаххытына, парольгут араас улаханнаах буукубаларынан, сыыппараларынан уонна символларынан суруллуохтаах. Төһөнөн ыарахан – оччонон үчүгэй. Ханнык да түгэҥҥэ парольгутун кимиэхэ да этимэҥ уонна 3-4 ый арыттаах кэмҥэ уларытар табыгастаах буолар.
Үлэҕит уонна бэйэҕит бас билэр электроннай почталаргытын холбоон бииргэ туһанар көҥүллэммэт. Корпоративнай почтаны бэйэҕит суруйсуугутугар уонна араас саайтарга киириигэ туһанымаҥ. «Киберугроза» саамай киэҥник тарҕаммыт көрүҥэ «фишинг» диэн буолар. Холобур, эһиги почтаҕытыгар биллибэт сыылкалаах сурук кэлиэн сөп, ол сыылканы баттатаххытына, көмпүүтэргэ «куһаҕан» бырагыраама киирэн, алдьатыан эбэтэр үлэҕитин тохтотуон сөп. Бу курдук албыннааһыны утары бастыҥ ньыма – почтаны ыытааччы аатын-суолун уонна сурук ис хоһоонун болҕомтолоохтук ааҕыы. Оннук ис хоһоонноох суругу кэтэспэт буоллаххытына эбэтэр ыытааччы аадырыһа сыыһалаах суруллубут буоллаҕына – куттаммакка сотторуохха сөп.
Сымыйа рекламалар
Интэриниэти сөпкө туһаныы биир сүрүн быраабылата – араас биллэриилэртэн сэрэхтээх буолуу. Биллэн турар, хас биирдии биллэрииттэн куттаныллыбат, ол эрэн, бүтэһик кэмҥэ интэриниэт эйгэтэ улаатан, албын биллэриилэр эмиэ элбээтилэр. Онтон куотунар туһугар хайдах да түгэҥҥэ билбэт саайткытыгар биллэрии сыылкаларын баттаамаҥ.
Сэрэниҥ, вирус!
Үлэбит кэмигэр араас көмпүүтэр бырагырааматынан туһаныы биһиги олохпут быстыспат сорҕото буолар. Бэчээккэ, табыл уонна презентация оҥоруутугар аналлаах бырагыраамалар үксүгэр үлэ көмпүүтэригэр эрдэттэн баар буолаллар. Ол эрэн, эһиги көрдүүр бырагыраамаҕыт суох буоллаҕына, тугу гыныахха сөбүй? Бастатан туран, бэйэҕит интэриниэккэ киирэн көрдөөмөҥ, хачайдаамаҥ. Тоҕо диэтэр, сыыһа саайтка киирэн, вирустаах бырагыраамаҕа түбэһэн эрэйи көрүөххүтүн сөп. Оннук буолбатын туһугар аан бастакынан үлэҕит программиһыгар эбэтэр салайааччыгытыгар биллиҥ.
Көмпүүтэр вирустарын утары саамай тарҕаммыт көмүскэл – антивирус. Оннук бырагыраама хас биирдии көмпүүтэргэ баар буолуохтаах. Куруутун туһаныҥ, хайаан да ханнык да баҕарар флешканы уонна электроннай суругунан ылбыт файлгытын бэрэбиэркэлээҥ.
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…
Дойду үрдүнэн, ону кытта кэнники сылларга Саха сиригэр оҕо аниматордарын, Тымныы оҕонньору уонна Хаарчаананы дьиэҕэ…