Инвестициянан харчы оҥоһулларыгар итэҕэйимэҥ!
Саха сирин олохтооҕо доҕотторугар инвестициянан харчы оҥоруохха сөбүн туһунан кэпсээн тылыгар киллэрбит. Эр киһи түөкүттэргэ итэҕэйэн 2.9 мөл.солкуобайы кирэдьиит ылан ыыппыт.
Маны сэргэ оҥорбут дьайыытыгар бэйэтэ итэҕэйэн, доҕотторун харчылаһарга кучуйан эмиэ албыннаппыт. Ол курдук, доҕотторуттан харчы ыыттара-ыыттара харчытын ыыта олорбут.
Хоромньу уопсай сууммата 18,5 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспит. Билиҥҥи туругунан, бу дьыаланан борокуратуура ылсан эрэрин уонна хонтуруолга ылыллыбытын туһунан СӨ борокуратууратын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрбиттэр.
Бэлиэтээн суруйдахха, билигин дистанционнай түөкүннээһин саамай үөдүйбүт кэмигэр билбэт нүөмэргит эрийдэҕинэ да, ылар сэрэхтэнэн турар. Ханнык да сигэни батыһан кииримэҥ, полиция, баан, балыыһа о.д.а тэрилтэ аатыттан эрийдэхтэринэ итэҕэйимэҥ диэн сүбэлииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: