Инвестициянан иирэн, түөкүттэргэ киирэн биэриэххэ сөп
Бастаан төлөпүөҥҥэ эрийэн, харчыгын инвестицияҕа уган элбэтиэххин баҕарбаккын дуо диэн ыйыталлар. Баҕалаах киһи түөкүттэргэ харчытын ыытар, тус бэйэтэ кэбиниэттэнэр. Онно сымыйа счекка дохуота улааттар улаатан иһэрин көрөр, астынар.
Онтон ол счетуттан харчытын ылаары гыммытын хамыыһыйаны төлөө диэн ыгаллар, ол кэнниттэн аны Киин баан түөкүннээһиҥҥэ уорбалаан эрэр, онон улаатыннарбыт харчыгын кумааҕы харчыга уларытар гынар кыахпыт суох дииллэр.
Салгыы “Киин баан” бэрэстэбиитэлиттэн” төлөпүөннүүллэр. Кини брокерскай счеттан харчыны устан ылар кыахтаах бэйэҥ эрэллээх киһигин була оҕус диэн ыксатар. Инньэ гынан “инвестор” хайа эрэ аймаҕын бу угаайыга киллэрэн кэбиһэр.
Уопсай түмүккэ, бу дьону түөкүннээһиҥҥэ буруйдууллар, хаайыыга ыытыахпыт диэн куттууллар уонна дьиэҕитин атыылаан, кирэдьиит ылан, ол харчыгытын ыыта охсуҥ диэн дибдийэллэр. Онон түөкүттэр бу угаайыларыгар биир эрэ буолбакка, хас да уруу-аймах дьон сөрөнөн хаалыахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: