Иоганн Матвеев: “Ырыаһыт аналын, дьэ, өйдөөн эрэбин”

Share

Айылҕаттан айдарыылаах, көмүс куоластаах эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев Бүлүү улууһун Тылгынытыттан төрүттээх. Кини 2015 с. оҕолорго аналлаах “Эн сулускун!” уонна 2019 с. “Туой Хайа” куонкурус кыайыылааҕа. Билигин АГАТУ-га агроинженер идэтигэр 4-с кууруска үөрэнэр. Кини бүгүн “Саха сирэ” саайт ыалдьыта.

Саас аайы Бүлүү ГЭС-н өрөмүөннүүр буоланнар, уоту ылан кэбиһэллэр. Матвеевтар дьиэлэригэр киэһэ ахсын уот барда да, аҕалара байаа­нын хостуур. Сэттэ оҕо бары үөрүйэх баҕа­йытык, кэчигирэһэн туран, ыллаан киирэн бараллар. Уот бардаҕына, бадаҕа, кинилэргэ бырааһынньык курдук, дьиэҕэ хабыс-хараҥаҕа ырыа-тойук ньиргийэн олорор.

Ордук саамай кыралара, 3-4 саастаах Иоганн чаҕаарар. Аҕата кини үчүгэйдик ыллыырын билэн баран, быраа­һынньыктарга ыллатар буол­бута. Уол кыбыстара бэрдиттэн, аккаастана сатыыра да, ха­­йыай?

Ол эрээри, кыракый Иоганчик ис-иһиттэн ырыаны таптыыра. Тэлэбиисэринэн “Туймаада” ансаамбылы көрөн, ырыаһыттар наушниктаах микрофоннарыгар ымсыырара. Биирдэ убайыгар эппитэ: “Убаай, үлэһит буоллаххына, миэхэ маннык микрофону ылан биэрээр”.

Дэриэбинэҕэ артыыстар гостуруоллуу кэллэхтэринэ, биир да кэнсиэри көтүппэт этэ. Сыана иннигэр тыыммакка да олорон, ырыаһыттар хайдах тутталларын, ыллыылларын көрөрө-истэрэ, иҥэринэрэ, сөҕөрө-махтайара. “Арай, мин ити чаҕылхай уоттаах сыанаҕа турар буолуум” диэн өйүгэр оҥорон көрөрө. Хайдах гынан артыыс буолаллара буолуой диэн толкуйдуура, ыра санаа оҥосторо.

“Тыыннаах таҥараларым – төрөппүттэрим”

– Хос эһээм, аҕам эһээтэ, тойуксут, ырыаһыт, олоҥхоһут эбит. Бүлүү улууһугар
I Күүлэккэ олорон ааспыт киһи. Биир ыһыахха туойа турдаҕына, халлаан арыллан кэлбит уонна сэттэ кыталык көтөн кэлэн, тэҥҥэ ылласпыттар. Түмүгэр кини “Мин кыайдым!” диэн хаһыытыахтаах эбит, ону хаһыытаабакка хаалбыт, онон ол кыһыны туораабатаҕа диэн кэпсииллэр.

Ийэм Любовь Анатольевна Кулакина ЯТЭК хампаанньаҕа үлэлиир. Аҕам Иван Егорович Матвеев сопхуоска тырахтарыыстаабыта, онтон бэйэ хаһаа­йыстыбатын тэрийэн үлэлэппитэ. Миигин аҕам аатынан ааттаабыттара. Пааспарбар атын ааттаахпын ээ, Ваня диэммин…

– Ээ дуо? Оччоҕо Иоганн диэн айар аатыҥ дуо?

– Таптал аатым. Дьиэ кэргэммэр да, оскуолаҕа да кыра эрдэхпиттэн итинник ааттыыллар. Ваня диэн аат­таахпын улаатан баран биирдэ билбитим. “Мин аатым буолбатах, тоҕо маннык суруйбуккутуй?” диэн сибидиэтэлис­тибэбин булан баран, дьоммор баран, эппиттээхпин (күлэр).

Композитор баар дии – Иоганн Себастьян Бах диэн. Ол кини аатынан дьонум дьээбэлээн дуу, тап­таан дуу ааттаабыттар. Дьонум Иоганчик дииллэр. Дьону кытта Иоганн диэн билсэбин. Ол иһин дьон дьиҥнээх ааппын биллэхтэринэ, соһуйаллар аҕай.

– Эйиэхэ наһаа барсар аат эбит. Иван Матвеев диэн атын киһи курдук…

– Оннук.

Төрөппүттэргит эһигини хайдах ииппиттэрэй?

– Тапталга улааппыт оҕобун. Үлэнэн ииппиттэрэ, ону сөптөөх иитии дии саныыбын. Оскуоланы бүтэриэхпэр диэри эрэсииммит кытаанах этэ, бачча чааска баар буолуох­тааххын диэн. Онон киэһэлик онно-манна, күүлэйгэ сылдьыбат этим. Улаатан иһэн, син биир бууннааһын баар буоллаҕа. Атаахпыттан да буолуо… Ол да буоллар, төрөппүттэргин утары барар кыаҕыҥ суох, син биир кинилэр эппиттэринэн буолар.

Аҕабыт кытаанах соҕустук ииппитэ, дьиссипилиинэҕэ үөрэппитэ. Арыгыны букатын иһимэҥ, табаҕы тардымаҥ диэн ирдэбиллээҕэ. Бэйэтэ үйэтигэр арыгы испэтэх киһи.

Киһиэхэ чугас доҕор диэн аҕыйах буолар, суоҕун кэриэтэ. Саамай чугас доҕотторуҥ бииргэ төрөөбүттэриҥ буолаллар дии саныыбын. Ханнык да ыарахан түгэҥҥэ бииргэ төрөөбүттэриҥ көмөлөһөллөр.

Үс убайдаахпын, үс ­эдьиийдээхпин, бары ыаллар. Кыралара буоламмын, атаах­пын. Ол эрээри, үлэ өттүгэр атаахтатыы суоҕа. Биһиэхэ дьиэҕэ баар киһи барыта хамсаныахтаах, таах олоруо суохтаах диэн этэ. Ону сөрү-сөпкө ииппиттэр диэн, кэлин махтана саныыбын. Саамай өйүүр, көмөлөһөр күндү дьонум, тыыннаах таҥараларым – ийэлээх аҕам.

“Урукку ырыалар миэхэ чугастар”

– Ырыа диэн эн олоххор туох суолталааҕый? Ырыата суох олоруоҥ этэ дуо?

– Билиҥҥи турукпунан, суох буоллаҕа. Ырыа эм­­тиир, үөрдэр-көтүтэр, уоскутар. Ырыа ыллаан, турукпун тупсарабын, дьону үөрдэн, дуоһуйабын. Айылҕа биэрбитин кистиэ суохтааххын, дьоҥҥо тиэрдиэх­тээххин диэн миэхэ уруккуттан этэллэр. Ырыаһыт аналын, дьэ, өйдөөн эрэбин.

Үксүн урукку ырыалары ыллыы сатыыбын, тоҕо диэтэр, оннук ырыалар миэхэ чугастар. Оннук өлбөт-сүппэт ырыалар билигин олус наадалар дии саныыбын, урукку ырыалары ыллыыр эдэр киһи хаалымаары гынна диэххэ сөп.

Мин саамай сүгүрүйэр дьонум: Валерий Ноев, Никифор Семенов уонна Гаврил Николаев. Кыра эрдэхпиттэн кинилэр талааннарыгар сүгүрүйэбин. Уһулуччу та­­лааннаах дьон кэлэн ааспыттар эбит. Раиса Захарованы сөбүлээн истэрим, илэ көрөн, истиэхпин баҕарарым да, оннук дьол тосхойботоҕо…

– Опернай ырыаҕа холонон көрбүтүҥ дуо?

– Суох, холонон көрө иликпин. Оскуоланы бүтэрбитим кэннэ, консерваторияҕа баран үөрэн дииллэрэ. Оччолорго ырыа диэн сөбүлүүр дьарыгым эрэ этэ, онон атын идэни ылыахтаахпын дии саныырым. Дьиҥэ, ырыа да идэ буолуон сөп этэ. Ырыаҕа син биир үөрэниэххэ наада, билигин да хойут буолбатах.

Ханнык баҕарар сыанаҕа тахсарбар, хас да көрөөччү буоллун, син биир долгуйабын. Ол долгуйарым хаһан эрэ сүтүө дуо дии саныырым, сүппэт эбит. Онтон ыллаан бардахха, ол долгуйууҥ бэйэтэ сыыйа сүтэр. Көрөөччүнү кытта сибээс баар буолар, кинилэртэн эниэр­гийэ ылан, дьон дуоһуйарын курдук, икки төгүл күүһүрдэн, төттөрү биэрэҕин.

“Балык” диэн баран, муннукка ытаабыт киһибин”

– Иллэҥ кэмҥэр туох дьарыктааххын?

– Бириэмэ ордорунан, куруук массыынабын хаһар идэлээхпин. Алдьамматах да буоллун, син биир хаһабын (күлэр). Кыра эрдэхпиттэн тиэхиньикэҕэ сыстаҕаспын. Аҕам үйэтин тухары тырахтарыыс, ону батыһа сылдьан, оҥорсон-хайаан, улааппытым. Сыл аайы оттуур этибит.

Саамай сөбүлүүрүм – булт, балыктааһын. Өбүгэлэр­бититтэн кэлбит үгэспит хас биирдии эр киһиэхэ хааммытыгар баар дии саныыбын. Былыр-былыргыттан эр киһи булар-талар ытык иэһэ. Эр киһи булка сылдьан, чэпчиир, дуоһуйар. Үксүн балыкка сылдьабын, илим, спиннинг, муҥха, куйуур да буоллун. Дойдубар Түҥ өрүскэ уонна улахан эбэлэрбитигэр анаан балыктыы барааччыбын. Куска күһүн сылдьа сатыыбын.

Төрөөбүт дойдуҥ син биир тардар, ыҥырар. Үксүгэр бэйэм бэйэбэр сылдьарбын сөбүлүүбүн. Сороҕор табаарыс­тарбын кытта. Айылҕаҕа тахсан, уоскуйабын, сааһыланабын. Уопсайынан, сахалар айылҕаны кытта ситиммит, итэҕэлбит күүстээх. Саха итэ­ҕэлигэр, иччилэргэ сүгүрүйэбин, үгэстэри тугу билэрбинэн, тутуһабын.

“Оҕолорум ийэлэрэ диэн тута билбитим…”

– Арай, кэргэниҥ “булка барбаккын!” диэн баран, ааны хатаан кэбистин, хайыаҥ этэй?

– Ээ, син биир булан, түннүгүнэн да тахсабын (күлэр). Оннук гыннаҕына, тыыммын хаайбыт курдук буолар буоллаҕа. Тыынар салгына суох хайдах олоруоҥуй?

Кэргэним АГАТУ-га үөрэнэр, Амматтан төрүттээх. Олох эдэр сылдьан ыал буолбуппут. Оҕоломмуппут кэннэ, аармы­йаҕа тутан илдьибиттэрэ. Ол дьыл Бүлүүгэ Саҥа дьылы көрсө барбыппыт. Покровскайга ба­­йаҥкамаакка төттөрү ыҥыр­быттара. Бастаан “не годен” диэн этим. Ону “кэлээр, диагнозкын бигэргэтиэхпит” диэбиттэрэ. Кэргэммэр “үс хонугунан кэлиэм” диэн барбытым. Байаҥкамааттар “Маякка” киллэрээт, мантан аармыйаҕа бараҕын диэн кэбиспиттэрэ. Үс хонуохтаах киһи, этэҥҥэ биир сыл сулууспалаан кэлбитим.

Кэргэммэр наһаа махтанабын, таптыыбын. Кини курдук киһи бу Сиргэ аҕы­йах дии саныыбын. Барытын өйдүүр, өйүүр, куруук санаабын көтөҕөр. Олохпор улахан күүс-көмө, тирэх буолар күндү киһим. Тугу да боппот ээ, булка үөрэ-көтө ыытар. Наар “кы­­таат!” диэбитинэн сылдьар.

Улахан тапталынан холбоспуппут. Бастакы көрүүттэн таптал диэн баар. Көрөөт да ылыммытым, туттара-хаптара, көрөрө-истэрэ, саҥарара, холку, номоҕон дьүһүнэ сүрэҕим-быарым ортотунан киирбитэ. Хайдах эрэ “бу мин киһим, оҕолорум ийэлэрэ” диэн сэрэйбитим.

– Оттон оҕоҕун хайдах иитэҕин?

– Кыыһым олох “паапа оҕото”. Наһаа атаахтатыам диэн куттанабын, онон тэҥнээн иитэ сатыыбын. Ийэтигэр көмөлөһөр эбээһинэһин ирдии­бин. Онон иһит сууйсар, дьиэ харбыыр, оонньуурун хомуйар. Кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэтиэххэ наада, сөбүгэр көрөн.

Кыыспын дьиэҕэ сахалыы эрэ саҥардабын. Атын оҕолордуун оонньоотоҕуна, тута нуучча буолан хаалар, ону көннөрөбүн. Оҕолорго саха тыла умнуллан эрэр курдук. Уһуйааҥҥа тиийдэххэ, төрөппүттэр оҕолорун кытта нууччалыы эрэ кэпсэтэллэр. Биһиги интэриниэтэ суох улааппыт бүтэһик көлүөнэбит быһыы­лаах.

Бэйэм иллэҥ кэммэр астыырбын сөбүлүүбүн, үксүн эт аһы. Дьиэҕэ эр киһи, дьахтар үлэтэ диэн араарбаппыт. Миигин оннук ииппиттэрэ.

Дьол диэн дьиэ иһигэр баар таптал, бэйэ-бэйэни өйдөһүү буолар. Ол баар буоллаҕына, туох баар ыарахаттары туоруугун. Дьиэбитигэр оҕобутун кытта оҕо буолан хаалабыт, тэҥҥэ оонньуубут. Бэйэбитин кытта тэҥҥэ улаатан иһэр. Хантан да сылайан кэлбитиҥ иһин, оҕоҕун көрдөххүнэ, күүс-сэниэ эбиллэр.

“Дьоҕуру да сөпкө арыйыахха наада”

– Олоххор ханнык оҥ­кул­лары тутуһаҕын?

– Куһаҕан да үчүгэйдээх, син биир үчүгэйинэн эргиллэр. Ыарахан түгэннэргэ инникибин көрөбүн. Бастаан тугу эрэ гынаа­ры туран, киһи толкуйдаан көрүөхтээх, нууччалыы эттэххэ, стратег буолуох­таах. Хас хамсаныы, хардыы толкуйтан тахсар. Ыарахан түгэн кэллэҕинэ, сырдыгы, ыраа­һы эрэ булан көрүөххэ наада, Айыылартан көрдөһөн, итэҕэ­йэн.

Сырдык, ыраас санаа­лаах, дьоҥҥо эйэҕэс буолуохха наада. Киирэн-тахсан, күлэн-үөрэн, толлон турбакка, кэпсэтэн-ипсэтэн иһиэххэ наада дии саныыбын.

– Дьоҕур диэн киһиэхэ ыар сүгэһэр дуу, эбэтэр, өрө көтүтэр кыната дуу?

– Кынат буоллаҕа. Хас биирдии киһиэхэ бэриллибэт ээ. Дьоҕур баара кыра, ону сөпкө туһаныахха наада. Сөптөөх суолу булан, сайыннаран, тус­­таах дьону кытта билсэн. Талааны уйбакка, арыгыһыт буолбуттар да бааллар ээ.

Киһи быһыытынан сүрдээх боростуой киһибин, дьонтон үрдүктүк туттары сатаабаппын. Куолас диэн куолас буол­лаҕа, ону дьоҥҥо тиэрдиитэ диэн баар. Ону эмиэ сатыахха, элбэхтик үөрэниэххэ, үлэ­лиэххэ наада. Саха киһитэ сайа­­ҕас, үтүө санаалаах буолуохтаах, төһө да элбэҕи ситистэр, киһиттэн ордук сананан, үрдүктүк туттуо суохтаах.

Инники былааннар

– Дьэ, бастакы айар кэнсиэркин бэлэмнии сылдьаҕын…

– Оо, наһаа долгутуу­лаах. Бастакы кэнсиэрим буолан, хас да бүк долгутуулаах. Хас хонон турдаҕым, ол күн чугаһаан истэҕин аайы, долгуйуум өссө улаатан иһэр. Урут билэр дьонум кэнсиэртииллэрин чэпчэки дии саныыр этим. Ыллаан баран, дьиэҕэр баран хаалар буоллаҕыҥ. Оттон бэйэҥ айар киэһэҕин тэрийэриҥ, дьэ, ыарахан эбит. Дьиҥэ, тэрээһин өттүн барытын убай оҥостубут киһим Кылаан Кындыл ылынан, сүүрэ-көтө сылдьар.

Кинини кытта оҕо эрдэхпинэ, “Эн сулускун!” бырайыак кэннэ билсибиппит. “Хайаан да ыллыаххын наада, мин көмөлөһүөм” диэн өйөөбүтэ, төһүү күүс буолбута, миэхэ эрэммитэ, онно наһаа махтанабын.

Кэнсиэр аҥаара аркыас­тыр доҕуоһуолунан барыаҕа. Сахалыы, нууччалыы, омуктуу тылынан, аан дойду классиката буолбут сүүрбэччэ тыын­наах ырыа эт куолаһынан ылланыаҕа. Кылаан Кындыл алгыс­тыаҕа, ырыаларын бэлэхтиэҕэ. Опера тыйаатырын артыыһа Мария Михайлова, “Эрэл” үҥкүү ансаамбыла кыттыахтара.

– Инники былааннаргыттан сэгэтэ түстэххинэ?

– Арассыыйа диэки ырыа күрэҕэр кыттыбыт киһи диэн былаанныыбын, холонон көрүөхпүн баҕарабын. Улахан уопут, бэйэни тургутуу, ары­йыы буолар. Саха сирин аатын ааттатыы буолан, улахан эппиэ­тинэстээх. Эһиилгэ диэри кыаллыа дии саныыбын.

What’s your Reaction?
+1
32
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга гостиница уоруйаҕын туттулар

Дьокуускай куорат ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар киин куорат олохтооҕо 30 тыһыынча солкуобай суумалаах…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Сүрүн

СҮБЭҺИТ: Балыктан ураты бүлүүдэлэр

Халлаан тымныйан, муус туран сырыы саҕаланан, собо балык атыыта дэлэйэн эрэр. Ыал сандалы тула мустан…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьэ сыана да сыана

Бу күннэргэ куобах этин амсайаары гынан, Бааһынай ырыынагын диэки бардыбыт. Бу күһүҥҥү курдук буолбатах, эт…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хатас-Павловскай хайысханан кыһыҥҥы суолу оҥоруу түргэтитилиннэ

Сэтинньи бүтүүтэ 3 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах  тырааныспар сырыытын арыйарга Хатас-Павловскай хайысханан Өлүөнэ эбэни туоруур кыһыҥҥы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Пумба»: «Кыргыһыы кэмигэр эдэрдэр тустарыгар долгуйаҕын»

Икки сыллааҕыта байыаннай дьайыы саҕаламмыта, тута быстах мобилизация буолан, саха ньургуннара Аҕа дойдуларын көмүскүү туруммуттара.…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Куораттан тыаҕа үлэлии

Бүгүн Бүлүүгэ Оһуокай иккис күнэ тэтимнээхтик саҕаланна. Ньурбаттан,Үөһээ Бүлүүттэн отуттан тахса этээччи эбии кэллилэр. Кинилэр…

2 часа ago