Мин 1965 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Госплемстанция Төҥүлүтээҕи филиалыгар Мэҥэ Ханалас оройуонугар селекционер-зоотехнигынан үлэлии киирбитим.
М.Горькай аатынан холкуоска Балыктаах отделениетыгар участковай зоотехнигынан үлэлии сырыттахпына Ион Павлович Цыпандин туруорсан үлэҕэ ылбыта. Бу тэрилтэҕэ мин 20-тэн тахса сыл үлэлээбитим.
Мин кэлэрбэр Ион Павлович Мэҥэ Ханалас оройуонугар искусственнай буоһатыыны бүттүүн киллэрээри сүүрэ-көтө сылдьар кэмэ этэ. Бу кэмҥэ Мэҥэ Ханалас оройуонугар искусственнай буоһатыы инструкторынан Слободчиков Егор Николаевич үлэлииэ. Сорох холкуостар отделениелара искусственнай буоһатыыттан аккаастанан, уруккулуу оҕуһунан буоһатыынан сылдьыахпыт дииллэрэ. Киһитэ кини буолан сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн-ипсэтэн Мэҥэ Ханалас оройуона бүттүүн искусственнай буоһатыыга киирэр буолбута. Осеменатордары сүүмэрдээн оройуоҥҥа куурус аһан үөрэппиттэрэ. Хас сайын аайы осеменатордары мунньан сэминээр оҥороллоро уонна кинилэр икки ардыларыгар күрэхтэһии ыыталлара. Онон осеменатордар көрдөрүүлэрэ тупсан испитэ. Ленин аатынан колхуос Павловскайдааҕы отделениетын осеменатора Кириллин Степан Семенович сүөһүнү буоһатыыны 100 % тириэрдибитэ. Атын да осеменатордар 90-тан лаппа тахса бырыһыаны ситиһэллэрэ. Онон Мэҥэ Ханалас оройуонугар сүөһү боруодата тупсубута, сүөһүттэн бородууксуйа биллэрдик үрдээбитэ. Ол курдук, Шарин Павел Петрович Мэҥэ Ханалас оройуонун Герой Попов сопхуоһугар ыанньыксыттыы сылдьан биирдии фуражнай ынаҕыттан 1985 сыллаахха 6071 киилэ үүтү ыан, ХХ үйэ чөмпүйүөн ыанньыксытын аатын ылбыта.
Искусственнай буоһатыыга үрдүк көрдөрүүлэнэн, өрөспүүбүлүкэ племстанцияларын икки ардыларынааҕы социалистическай куоталаһыыга хас да төгүл кыайыы Кыһыл знамятын ылбыппыт. Бу кыайыы Ион Павлович сыралаах үлэтин түмүгэ буолара саарбаҕа суох.
Үлэтигэр дириҥ билиилээх исписэлиис, сатабыллаах салайааччы буолан, уһуннук өрөспүүбүлүкэтээҕи Госплемстанция Төҥүлүтээҕи филиалын начаалынньыгынан үлэлээбитэ.
1971 сыллаахха Дьокуускай куоракка киирэн, саҥа тэриллибит Госплемхолбоһугу салайан ситиһиилээхтик үлэлээн, өрөспүүбүлүкэ уонна ССРС үтүөлээх зоотехнига буолбута. 1994 с. Мэҥэ Ханалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо буолбута.
Улууска Ион Павлович үлэлээбит үлэтэ, албан аата өр сылларга умнуллуо суоҕа.
Анастасия Семеновна Ноговицына ,
племенной үлэ бэтэрээнэ. Төҥүлү.
Хаартыска: архыып
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…