Ионовтар мүөттээх ыҥырыалара болҕомтону тардар

Share

Ионовтар мүөттээх ыҥырыаны иитиинэн дьарыктаммыттара хаһыс да сыла. Мантан сиэттэрэн, дойду атын эрэгийиэннэриттэн аҕалан мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэр элбиэхтэрэ. 

Ил Дархан Айсен Николаев командировкаҕа сылдьан Ионовтар хаһаайыстыбаларын кытта билистэ. Ыал хаһаайыстыбата Бүлүү улууһун Дьөккөн нэһилиэгин Лүксүгүн сиригэр-уотугар баар. Ионовтар маны таһынан үүт, эт бородууксуйаларын оҥорон таһаарыынан эмиэ дьарыктаналлар.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

Урбаанньыт Сидор Ионов дьиэ кэргэнэ мүөттээх ыҥырыаны иитиинэн дьарыктаммыта тохсус сыла эбит. Былырыын 500-тэн тахса киилэ мүөтү оҥорбуттар. Оттон быйыл кинилэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна оройуон өйөбүллэрин ылан, Татарстантан 100 ыҥырыа уйатын аҕалбыттар.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

Айсен Николаев Ионовтар бу дьарыктара сайдан кэҥииригэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр салгыы көмөнү оҥорорго сорудахтаата.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

Хаһаайыстыба салайааччыта Сидор Ионов Ил Дархаҥҥа үлэни-хамнаһы сиһилии билиһиннэрдэ.

Ионовтар хаһаайыстыбаларын 2015 сыллаахха тэриммиттэр. Үлэ сүрүн хайысхата — сүөһү иитиитэ. Хаһаайыстыбаларыгар 160 төбө сүөһүлээхтэр, итинтэн ыанар ынаҕа — 102. Былырыын Бүлүү улууһугар үүттэн астыыр уонна эт кэнсиэрбэтин оҥорор сыаҕы арыйбыттар.

Бу туһунан сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3366828 ааҕыҥ.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Эльдар Садовников

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

12 часов ago