Ипэтиэкэҕин болдьоҕун иннинэ сабаары гыннаххына…
Ипэтиэкэ, кирэдьиит усулуобуйатын үчүгэйдик ааҕаргыт ордук.
“Российская газета” хаһыакка кэрэспэдьиэн Татьяна Ткачева кирэдьиити ылыыга хайдах сыыстарбат туһунан ыстатыйаны таһаарда. Онно кини Г.Плеханов аатынан Арассыыйатааҕы экэниэмикэ университетын үп кафедратын доцена Мария Ермилованы кытта кэпсэппит. Ол ыстатыйаттан дьоҥҥо туһалаах буоллун диэн таһаарабыт (кылгатан).
— Страховкабын хайдах гынабын?
Мария Ермилова: Ипэтиэкэ ыларгар олоҕу уонна доруобуйаны уонна бас билиини страховкалатаҕын. Өскөтүн эһиги кирэдьииккитин болдьоҕун иннинэ сабар былааннаах буоллаххытына, бастаан ол туһунан страховой хампаанньаҕын сэрэтиэхтээххит. Оччоҕуна суумаҕытын хаттаан ааҕан, эһиэхэ үп сорох чааһын төннөрүөхтэрэ.
— Кирэдьиит каартатынан туһанарга тугу болҕомтоҕо ылыахха?
Мария Ермилова: Сороҕор Арассыыйа олохтоохторо иэс харчынан туһанан баран, төннөрүөхтээхтэр эрээри, маны кирэдьиити ыллым дии санаабаттар. Кинилэр үксүгэр кирэдьиит каартатыгар бырыһыан ааҕыллыбат чэпчэтиилээх кэм ханнык күнтэн уонна хаһан бүтэрин чопчулуу сатаабаттар. Ону тэҥэ төһөнү эбии төлүүргүн билэр туһугар каарта бырыһыанын ставкатын билиэхтээххин.
Кирэдьиит каартатыгар кешбэк усулуобуйата эмиэ араастаах. Буонуһа киһини ымсыырдар эрээри, каарта биэрбит бааны кытта үлэлэһэр партнердартан эрэ атыылаһаргар көрүллүөн сөп.
Хаартыскаҕа: тустаах хаһыаттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: