Ипотеканы ылар ыараата
2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн судаарыстыба өйөбүллээх чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамата тохтотуллан уонна Киин баан от ыйын 26 күнүттэн эмискэ сүрүн ыстаапканы 18% диэри улаатыннаран, саҥа тутуллубут да, эргэ да дьиэҕэ ипотека кирэдьиитин ылыы ыараата.
Бу икки уларыйыы дьиэ-уот атыытын ырыынагар улаханнык дьайда диэххэ сөп.
Дьиэ сыаната хайдах буолуой?
Арассыыйа Киин баана иһитиннэрбитинэн, от ыйын бастакы үс нэдиэлэтигэр чэпчэтиилээх ипотеканы биэрии ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ, икки төгүл аччаабыт.
Бу күннэргэ хас да улахан баан ипотека бырыһыанын тута үрдэттэ. Сүрүн ыстаапка 18 % тиийдэ, ону кытары тэҥҥэ дьиэ ыларга кирэдьиит бырыһыана эмиэ үрдээтэ. 2024 сылга усулуобуйа тупсуо, бырыһыан түһүө диэн этэр кыах суох. Маннык усулуобуйаҕа дьиэни, кыбартыыраны атыылаһар төһө табыгастааҕый дуу эбэтэр кирэдьиит бырыһыана кыччыырын кэтэһэр ордук дуу?
«РБК-Недвижимость» суруйарынан, эспиэрдэр сыаналыылларынан, дойду киин өттүгэр кыбартыыра сыаната саҥа тутууга үрдүө суоҕа. Кэлиҥҥи сылларга тутааччылар 80 % кэриҥэ атыыларын дьон үксүн ипотека чэпчэтиилээх бырагырааматынан ылар диир «Эксперт РА» ааҕыныстыба ыстаарсай дириэктэрэ Дмитрий Сергиенко. Кини этэринэн, саҥа тутуллан киирэр дьиэҕэ сыана олох кыратык түһүөн сөп диир. Тоҕо диэтэххэ, тутааччылар бырайыактарын үбүлүүргэ бааннарга аһаҕас лимииттээхтэр уонна билиҥҥитэ кинилэр элбэх кыбартыыраны атыылаан олороллор, онон бу уустук кэми туоруулларыгар, бигэ тирэхтээх буолалларыгар саппаастаахтар диэн эспиэр быһаарар. Онон сыана эмискэ түһүө диэн эрэнэрбит сатаммат. Кинилэр эмиэ кирэдьиит ылан тутар буоланнар, босхону үрдүнэн эрэ сыанаҕа атыылаабаттара чахчы.
Чэпчэтиилээх ипотека ырыынакка хайдах дьайарый?
Быйыл от ыйын 1 күнүгэр сылга 8%-наах саҥа тутууларга чэпчэтиилээх ипотеканы биэрии бырагыраамата түмүктэннэ. Бу бырагыраама 2020 сыл сааһыттан, ол аата түөрт сыл үлэлээтэ. Син балачча киһи дьиэлэннэ диэххэ сөп. Ол эрээри үчүгэй да куһаҕаннаах диэбиккэ дылы, саҥа тутуллар дьиэлэргэ ипотеканы элбэх киһи ылар буолан, сыананы үрдэтиигэ тиэртэ. Ону сырса «иккис ырыынак» диир эргэрэн эрэр, дьон олорбут дьиэтин атыытыгар сыана үрдээтэ. Киин баан сыаналаабытынан, бастакы уонна иккис ырыынакка сыана араастаһыыта, ортотунан, 42% тиийбит.
Онон судаарыстыба чэпчэтиилээх бырагырааманы оҥорон дьиэ-уот ырыынагар сыана бас-баттах барыытын тохтотор кыаҕа суоҕун биллэ. Оттон ону тохтотор мэхэньиисим билиҥҥитэ суох. Ол эрээри Киин баан бэлиэтээбитинэн, тутааччылар уонна бааннар араас бырагыраамалары таһааран эрэллэр. Бу күннэргэ Киин баан салайааччыта Эльвира Набиуллина судаарыстыба өйөбүлүнэн оҥоһуллубут чэпчэтиилээх бырагыраама бүппүтүн кэннэ дьиэ-уот ырыынагар оҥоһуллубут араас исхиэмэлэри утары охсуһуохпут диэн эттэ. Онон сылыктаатахха, мантан салгыы аһара үрдээһин суох буолуо.
Сбербаан ыстаапкатын үрдэттэ
2024 сыл атырдьах ыйын 6 күнүттэн Сбербаан ипотека бырыһыанын дьиэ көрүҥүттэн уонна бастакы төлөбүр кээмэйиттэн тутулуктанан 0,3-2 % үрдэттэ, бэлиэтээн эттэххэ, сүрүн ыстаапкатын соторутааҕыта 16%-н 18%-ҥа диэри улаатыннарбыта. Онон Сбербаан ипотекатын бырыһыанын алын кээмэйэ «иккис ырыынакка» — 20% уонна саҥа тутууларга 20,3% буолуоҕа диэн Сбербаан-«Домклик» сыһыарыытыгар иһитиннэрэр.
Онно этиллэринэн, атырдьах ыйын 6 күнүттэн баан 30 % бастакы төлөбүр иһин 0,5 % оҥорор чэпчэтиитин тохтотор. 20,1 %-наах усунуоска чэпчэтии 1-тэн 0,7 % диэри кыччыыр, итини тэҥэ, от ыйыгар улахан кирэдьииттэри ыллахха, 0,3% чэпчэтии көрүллэр буолбут.
Инньэ гынан, Сбербааҥҥа эргэ дьиэни «Домклик» сыһыарыынан атыылаһарга, 20,1% бастакы төлөбүрдээх уонна олох иһин страховканы киллэрэн туран ипотекатын алын кээмэйэ 20% буолара ыйыллар.
Оттон бастакы ырыынакка, ол аата саҥа тутуллар дьиэҕэ олох страховкатын уонна бастакы төлөбүр 20,1% буоллаҕына, кирэдьиит ыстаапкатын алын кээмэйэ 20,3% тэҥнэһэр.
Атын бааннарга
Сбербаан кэннитэн ВТБ, Газпромбанк, Альфа-баан, о.д.а. ипотекаларын кирэдьиитин ыстаапкатын бырыһыанын эмиэ үрдэттилэр. Дьиҥэ, бааннар бары Арассыыйа Киин баанын сүрүн ыстаапкатынан салайтаран бырыһыаннара үрдүүр.
Бу күннэргэ хас даҕаны бөдөҥ баан ырыынак ипотекатыгар ыстаапкаларын үрдэттилэр диэн «Marcs» маркетинговай ааҕыныстыба чинчийиитигэр сигэнэн ТАСС иһитиннэрэр.
ВТБ баан эмиэ атырдьах ыйын 6 күнүттэн ипотекатын кирэдьиитин ыстаапкатын
0,5-1,7 п.п. үрдэттэ. Кыбартыыра атыылаһарга ипотека алын ыстаапкатын кээмэйэ 20,5 % буолуоҕа, ону даҕаны хамнастарын бу баантан ылар дьон комплекснай страховка оҥорторор буоллахтарына, ону тэҥэ 30 % бастакы төлөбүрдээх уонна улахан кирэдьиити ылар буоллахтарына.
Ипотека ылыытыгар атырдьах ыйын 5 күнүгэр диэри кирэдьиит ылаллара бигэргэммит дьон урукку усулуобуйанан атырдьах ыйын 16 күнүгэр диэри ылыахтарын сөп диэн бу баан исписэлиистэрэ быһаардылар. Итини таһынан, бу баантан хамнастарын ылар дьоҥҥо чэпчэтии көрүллүөн сөп эбит. Оттон атын судаарыстыбаннай бырагыраамаларга ВТБ ыстаапкаларын уларыппатах, оннунан хаалларбыт.
«Альфа-Баан» бырагыраамаларын ыстаапката атырдьах ыйын 5 күнүттэн 21,09-
21,99 % диэри үрдээтэ. Усулуобуйата эмиэ үөһээ бааннартан улахан уратыта суох.
«Газпромбаан» атырдьах ыйын 1 күнүттэн ипотекатын 1,4 п.п. үрдэтэн, алын кээмэйэ 22,5 % буолла.
ПСБ кэккэ бырагыраамаларыгар, ортотунан, 1,5 п.п. үрдэппит, онон билиҥҥитэ
18,5 % буолбут. Ол эрээри туох да усулуобуйата суох 21 % тиийиэн сөп эбит.
«Совкомбаан» ыстаапкатын 1 п.п. өссө от ыйын 21 күнүгэр үрдэппитэ, онон бу сырыыга оннунан хаалларар былааннаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: