Салгыы
Ипотеканы ылар ыараата

Ипотеканы ылар ыараата

11.08.2024, 19:00
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн судаарыстыба өйөбүллээх чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамата тохтотуллан уонна Киин баан от ыйын 26 күнүттэн эмискэ сүрүн ыстаапканы 18% диэри улаатыннаран, саҥа тутуллубут да, эргэ да дьиэҕэ ипотека кирэдьиитин ылыы ыараата.

Бу икки уларыйыы дьиэ-уот атыытын ырыынагар улаханнык дьайда диэххэ сөп.

Дьиэ сыаната хайдах буолуой?

Арассыыйа Киин баана иһитиннэрбитинэн, от ыйын бастакы үс нэдиэлэтигэр чэпчэтиилээх ипотеканы биэрии ааспыт сылы кытары тэҥнээтэххэ, икки төгүл аччаабыт.

Бу күннэргэ хас да улахан баан ипотека бырыһыанын тута үрдэттэ. Сүрүн ыс­­таапка 18 % тиийдэ, ону кытары тэҥҥэ дьиэ ыларга кирэдьиит бырыһыана эмиэ үрдээтэ. 2024 сылга усулуобуйа тупсуо, бырыһыан түһүө диэн этэр кыах суох. Маннык усулуобуйаҕа дьиэни, кыбартыыраны атыылаһар төһө табы­гастааҕый дуу эбэтэр кирэ­дьиит бырыһыана кыччыырын кэтэһэр ордук дуу?

«РБК-Недвижимость» суру­йа­рынан, эспиэрдэр сыаналыылларынан, дойду киин өттүгэр кыбартыыра сыаната саҥа тутууга үрдүө суоҕа. Кэлиҥҥи сылларга тутааччылар 80 % кэриҥэ атыыларын дьон үксүн ипотека чэпчэ­тиилээх бырагырааматынан ылар диир «Эксперт РА» ааҕыныстыба ыстаарсай дириэк­тэрэ Дмитрий Сергиенко. Кини этэринэн, саҥа тутуллан киирэр дьиэҕэ сыана олох кыратык түһүөн сөп диир. Тоҕо диэтэххэ, тутааччылар быра­йыактарын үбүлүүргэ бааннарга аһаҕас лимииттээхтэр уонна билиҥҥитэ кинилэр элбэх кыбартыыраны атыылаан олороллор, онон бу уустук кэми туоруулларыгар, бигэ тирэхтээх буолалларыгар саппаас­таахтар  диэн эспиэр быһаарар. Онон сыана эмискэ түһүө диэн эрэнэрбит сатаммат. Кинилэр эмиэ кирэдьиит ылан тутар буоланнар, босхону үрдүнэн эрэ сыанаҕа атыылаабаттара чахчы.

Чэпчэтиилээх ипотека ырыынакка хайдах дьайарый?

Быйыл от ыйын 1 күнүгэр сылга 8%-наах саҥа тутууларга чэпчэтиилээх ипотеканы биэрии бырагыраамата түмүктэннэ. Бу бырагыраама 2020 сыл сааһыттан, ол аата түөрт сыл үлэлээтэ. Син балачча киһи дьиэлэннэ диэххэ сөп. Ол эрээри үчүгэй да куһаҕаннаах диэбиккэ дылы, саҥа тутуллар дьиэ­лэргэ ипотеканы элбэх киһи ылар буолан, сыананы үрдэтиигэ тиэртэ. Ону сырса «иккис ырыынак» диир эргэрэн эрэр, дьон олорбут дьиэ­тин атыытыгар сыана үрдээтэ. Киин баан сыаналаабытынан, бастакы уонна иккис ырыынакка сыана араастаһыыта, ортотунан, 42% тиийбит.

Онон судаарыстыба чэпчэтиилээх бырагырааманы оҥорон дьиэ-уот ырыынагар сыана бас-баттах барыытын тохтотор кыаҕа суоҕун биллэ. Оттон ону тохтотор мэхэньиисим билиҥҥитэ суох. Ол эрээри Киин баан бэлиэтээбитинэн, тутааччылар уонна бааннар араас бырагыраамалары таһааран эрэллэр. Бу күннэргэ Киин баан салайааччыта Эльвира Набиуллина судаа­рыстыба өйөбүлүнэн оҥоһуллубут чэпчэтиилээх бырагы­раама бүппүтүн кэннэ дьиэ-уот ырыынагар оҥоһуллубут араас исхиэмэлэри утары охсуһуох­пут диэн эттэ. Онон сылык­таатахха, мантан салгыы аһара үрдээһин суох буолуо.

Сбербаан ыстаапкатын үрдэттэ

2024 сыл атырдьах ыйын 6 күнүттэн Сбербаан ипотека бырыһыанын дьиэ көрүҥүттэн уонна бастакы төлөбүр кээмэйиттэн тутулуктанан 0,3-2 % үрдэттэ, бэлиэтээн эттэххэ, сүрүн ыстаапкатын соторутаа­ҕыта 16%-н 18%-ҥа диэри улаа­тыннарбыта. Онон Сбербаан ипотекатын бырыһыанын алын кээмэйэ «иккис ырыынакка» — 20% уонна саҥа тутууларга 20,3% буолуоҕа диэн Сбербаан-«Домклик» сыһыарыытыгар иһитиннэрэр.

Онно этиллэринэн, атырдьах ыйын 6 күнүттэн баан 30 % бастакы төлөбүр иһин 0,5 % оҥорор чэпчэтиитин тохтотор. 20,1 %-наах усунуоска чэпчэтии 1-тэн 0,7 % диэри кыччыыр, итини тэҥэ, от ыйыгар улахан кирэдьииттэри ыллахха, 0,3% чэпчэтии көрүллэр буолбут.

Инньэ гынан, Сбербааҥҥа эргэ дьиэни «Домклик» сыһыарыынан атыылаһарга, 20,1% бастакы төлөбүрдээх уонна олох иһин страховканы киллэрэн туран ипотекатын алын кээмэйэ 20% буолара ыйыллар.

Оттон бастакы ырыынакка, ол аата саҥа тутуллар дьиэ­ҕэ олох страховкатын уонна бастакы төлөбүр 20,1% буол­лаҕына, кирэдьиит ыстаап­катын алын кээмэйэ 20,3% тэҥнэһэр.

Атын бааннарга

Сбербаан кэннитэн ВТБ, Газпромбанк, Альфа-баан, о.д.а. ипотекаларын кирэдьии­тин ыстаапкатын бырыһыанын эмиэ үрдэттилэр. Дьиҥэ, бааннар бары Арассыыйа Киин баанын сүрүн ыстаапкатынан салайтаран бырыһыаннара үрдүүр.

Бу күннэргэ хас даҕаны бөдөҥ баан ырыынак ипотекатыгар ыстаапкаларын үрдэттилэр диэн «Marcs» маркетинговай ааҕыныстыба чинчи­йиитигэр сигэнэн ТАСС иһитиннэрэр.

ВТБ баан эмиэ атырдьах ыйын 6 күнүттэн ипотекатын кирэдьиитин ыстаапкатын
0,5-1,7 п.п. үрдэттэ. Кыбар­тыыра атыылаһарга ипотека алын ыстаапкатын кээмэйэ 20,5 % буолуоҕа, ону даҕаны хамнастарын бу баантан ылар дьон комплекснай страховка оҥорторор буоллахтарына, ону тэҥэ 30 % бастакы төлөбүрдээх уонна улахан кирэдьиити ылар буоллахтарына.

Ипотека ылыытыгар атыр­дьах ыйын 5 күнүгэр диэри кирэдьиит ылаллара бигэргэммит дьон урукку усулуобуйанан атырдьах ыйын 16 күнүгэр диэри ылыахтарын сөп диэн бу баан исписэлиистэрэ быһаардылар. Итини таһынан, бу баантан хамнастарын ылар дьоҥҥо чэпчэтии көрүллүөн сөп эбит. Оттон атын судаарыс­тыбаннай бырагыраамаларга ВТБ ыстаапкаларын уларыппатах, оннунан хаалларбыт.

«Альфа-Баан» бырагыраа­маларын ыстаапката атыр­дьах ыйын 5 күнүттэн 21,09-
21,99 % диэри үрдээтэ. Усулуобуйата эмиэ үөһээ бааннартан улахан уратыта суох.

«Газпромбаан» атырдьах ыйын 1 күнүттэн ипотекатын 1,4 п.п. үрдэтэн, алын кээмэйэ 22,5 % буолла.

ПСБ кэккэ бырагыраамаларыгар, ортотунан, 1,5 п.п. үрдэппит, онон билиҥҥитэ
18,5 % буолбут. Ол эрээри туох да усулуобуйата суох 21 % тиийиэн сөп эбит.

«Совкомбаан» ыстаапкатын 1 п.п. өссө от ыйын 21 күнүгэр үрдэппитэ, онон бу сырыыга оннунан хаалларар былааннаах.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: