Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Чэпчэтиилээх ипотеканы ылыы усулуобуйата өссө судургутуйуоҕа. Бу туһунан РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕа таҕыста.
Бэҕэһээ РФ бырабыыталыстыбатын премьер-миниистирэ Михаил Мишустин судаарыстыбаттан чэпчэтиилээх бэриллэр ипотекалар (“Дьиэ кэргэн ипотеката”, “Чэпчэтиилээх ипотека”, “Уһук Илиҥҥи ипотека” уонна “Айти ипотека”) саҥа усулуобуйаларын туһунан уураахха илии баттаата.
Туох уларыйыылар киириэхтэрэй? Бастатан туран, дьиэ кэргэн ипотекатыгар доруобуйаларынан хааччахтаах ыалга ураты болҕомто уурулунна. Өскөтүн доруобуйатынан хааччахтаах оҕолоох ыал олорор эрэгийиэнигэр саҥа дьиэни кыайан ылбат буоллаҕына, урут да тутуллубут дьиэлэргэ кыбартыыра ылара көҥүллэнэр буолла. Санатан эттэххэ, дьиэ кэргэн ипотеката алта бырыһыаннаах, бу бырагырааманы туһанан кыбартыыра, сир ылыахха эбэтэр чааһынай дьиэ туттуохха сөп. Оттон чэпчэтиилээх уонна Уһук Илиҥҥи ипотекалар уларыйыылара байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар дьоҥҥо сыһыаннаахтар. Чуолаан дьиэҕэ регистрацияланыы, олорор дьиэни регистрациялааһын болдьоҕо суох буолла.
Михаил Мишустин мунньахха бэлиэтээбитинэн, бу саҥа уларыйыылар дьон-сэргэ олорор усулуобуйатын тупсарарга туһуланаллар. Санатан эттэххэ, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэйэтин туһаайан этиитигэр олорор дьиэлэри тутууга, нэһилиэнньэ олорор усулуобуйатын тупсарыыга ипотека улахан оруолу ыларын, манна болҕомтону ууруохха наадатын бэлиэтээбитэ.
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр кыралаан ардыыр, соҕуруу диэки сорох сиринэн ардах…
Хой Олус ситиһиилээх күн Онон сөптөөхтүк дьаһаннаххына, үп-харчы, дьиэ кэргэҥҥэ үөрүүлээх түгэннэр үгүс буолуохтара. Бары…
Ыам ыйыгар оҕуруот үүнээйитигэр ый халандаарынан (лунный календарь) саамай табыгастаах күннэрин таһаарабыт. Быйыл ыам ыйыгар…
«Алдан» патриотическай драма - байыаннай дьайыы дьоруойдарын хорсун быһыыларын туһунан кэпсиир уус-уран киинэ дойдуга бастакы…
Ыам ыйын 9 күнүгэр Зярынка олохтоохторо икки сүүнэ улахан хотой миитиҥ кэмигэр элиэтии көтөллөрүн видеоҕа…
Чугастааҕы сууккаҕа, ыам ыйын 11 күнүгэр, Таатта, Чурапчы, Амма, Уус Маайа, Кэбээйи оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 15-20…