Ирбэт тоҥ кистэлэҥнэрэ
Имири эстибит аарыма кыыл – сэлии күн бүгүҥҥэ диэри дьону долгутар, арыый эмэ үчүгэй туруктаах булумньу аан дойду учуонайдарын интэриэһин тутатына тардар. Аан дойдуга көстөр сэлии уҥуохтарын 80% кэриҥэ Саха сиригэр баар. Ирбэт тоҥ кэнники кэмҥэ бэрт күүскэ ирэр буолан, түҥ былыргы кыыллар өлүктэрэ сотору-сотору көстөр буоллулар. Былыргы баабыр, ыт оҕото, эһэ уо.д.а. харамайдар уҥуохтара эрэ буолбакка, тириилэрэ, эттэрэ кытта ирбэт тоҥҥо көстүбүттэрэ хас сырыы аайы улахан сенсация буолан наука эйгэтин аймаабыта. Аатырбыт “Адамс сэлиитэ” уонна “Березовка сэлиитэ” билим сайдыытын улахан суолталаах түһүмэхтэрэ буолбуттара. Бу булумньулар тула кэпсэтиэхпит.
Сир аннынааҕы аарыма харамай
Хотугу Кытайтан Саха сиригэр диэри олорбут омуктар, биллэн турар, дөрүн-дөрүн сир анныттан үтэн тахсыбыт сэлии уҥуохтарын булар этилэр. Бу туох уҥуоҕа буоларын туһунан араас тойоннооһуннар үөскээбиттэрэ. Биир сүрүн сабаҕа – сэлии сир анныгар олорор тыыннаах харамай. Сүр дириҥҥэ сир аннын хаһан айанныыр, үөһээ күөрэйэн алҕас күн уотун көрдөҕүнэ, салгын эҕирийдэҕинэ, тута өлөн хаалар үһү. Ол иһин кини өлүктэрэ үксүн эмпэрэҕэ, уу кытылыгар көстөллөр диэн быһаараллара. Бу тойоннооһуну дьон үксэ 18-с үйэ бүтүөр диэри кырдьыктаах сабаҕанан ааҕара. Үс үйэ анараа эрэ өттүгэр учуонайдар көстүбүт уҥуохтары сөптөөхтүк ырытан, соҕурууҥҥу аарыма кыыл слон дьардьаматын кытта дьүөрэлэһэрин өйдөөбүттэрэ. Ол эрэн, куйаас дойду “аймаҕа” хайдах Хотугу Муустаах байҕал кытылыгар көстөрүн туһунан сөптөөх хоруй көстүбэтэҕэ. Оччотооҕу кэм учуонайдара үксэ Библияҕа суруллубут чахчыларга сигэнэр буоланнар, биир сүрүн сабаҕанан “Ной саҕанааҕы мотуок кэмигэр халаан слон уҥуохтарын сири биир гына ыспыттар” диэн буолбута.
Билим ньымаларынан чинчийии бастакы хардыыларын Улуу Бүөтүр ыраахтааҕы саҕана оҥорбуттара. Ол кэм биллэр учуонайа, бэлиитигэ Василий Татищев көҕүлээһининэн сэлии толору дьардьаматын көрдүүр эспэдииссийэ тэриллибитэ. Эспэдииссийэ салайааччыта Д. Мессершмидт 1724 сыллаахха Индигир өрүскэ көстүбүт сэлии уҥуохтарын уруһуйдаан аҕалбыта. Кэнники бу уруһуйдарга тирэҕирэн, 1796 сыллаахха Франция улуу чинчийээччитэ Ж. Кювье сэлиини слон түҥ былыр олоро сылдьыбыт өбүгэтэ буоларын дакаастаабыта.
Адамс сэлиитэ
1799 сыл атырдьах ыйыгар Өлүөнэ өрүс төрдүгэр эбээн булчута эмпэрэ быстыбыт сиригэр бүтүн эттээх-сииннээх сэлии өлүгэ тахсыбытын көрбүт. Булчут сэлии аһыыларын арааран ылан Болтунов диэн араспаанньалаах атыыһыкка атыылаабыт. Киһитэ интэриһиргээн, бэйэтэ кэлин булумньуну чинчийбит, төһө кыайарынан уруһуйдаан ылбыт. Бу туһунан 1806 сыллаахха Дьокуускайга кэлбит Шотландия чинчийээччи ботанига М. Адамс истибит, уруһуйдары, суруйууну Санкт-Петербурга ыыппыт, булумньуну миэстэтигэр чинчийиигэ көҥүл көрдөөн суруйбут. Көҥүл ылан тиийэригэр сэлии этэ-сиинэ бараммыт – кырсалар, адьырҕа көтөрдөр олоччу сиэн кэбиспиттэр. Кыра тирии кырадаһыннара уонна төбөтүгэр аҕыйах эт хаалбыт. Ол да буоллар, бу уҥуоҕа барыта холбуу көстүбүт бастакы сэлии этэ. Уҥуохтары барытын хомуйан, Болтуновтан атыыласпыт аһыыларын төттөрү көрдөөн, сэлиини дойду киин куоратыгар Петербурга 1808 сыллаахха тиэрдибиттэр, ити сыл дьардьама Зоологическай мусуойга таҥыллан турбут, аныгы дьон түҥ былыргы кыыл илэ бодотун көрбүттэр. Адамс сэлиитэ аан дойдуга бастакы көстүбүт сэлии толору дьардьамата буолбута. Учуонайдар ирбэт тоҥ сүүһүнэн тыһыынча сыл анараа өттүгэр буолбут кэмнэри сырдатар кыахтаах дьикти кылаат буоларын өйдөөбүттэрэ.
Березовка сэлиитэ
Ирбэт тоҥ дьикти харыстыыр дьоҕурун өйдөөн, аан дойду учуонайдар “сэлии тыытыллыбатах өлүгүн булуохха сөп эбит” диэн эрэллэнэллэр. Ол эрэн, ити ыра санаа өр кэм устата туолбатах. Дьиҥэр, эттээх-сииннээх сэлии булумньутун туһунан 19-с үйэ устата кырата 10-ча сурах кэлэр. Ол эрэн, сырыы мөлтөҕө, сонун тиийэрэ куһаҕана атахтаан, көстүбүт булумньулар бэрт мөлтөх туруктаах учуонайдарга тиксэллэрэ. Үчүгэй туруктаах сэлиини булбукка бириэмийэ анаммыта эрээри, дьоҥҥо ити сурах аанньа тиийбэтэх, оттон тойоттор сорохторо “бириэмийэтээҕэр моһуога улахан буолууһу” дии санаан, ити сорудаҕы толорортон куотуна сатаабыттара биллэр. Үөһээ Дьааҥыга 19-с үйэ ортото бүтүн сэлии көстүбүтүн олохтоох тойон кырбастаан баран күөлгэ тимирдэргэ сорудахтаабыта биллэр.
Ити курдук, соччото суох көрдөөһүн түмүгэр, үчүгэй булумньу 20-с үйэ саҥатыгар эрэ көстөр.
С. Тарабукин диэн ааттаах булчут Халыма өрүс тардыытыгар сэлии бүтүн төбөтө сытарын булар. Аһыытын тууран ылан атыылыы куоракка илдьэр. Орто Халыма куорат олохтооҕо О. Явловскай бириэмийэ туһунан истэн билэр эбит, ол иһин, булчуту сирдэтэн булумньуга тиийэр. Миэстэтигэр көстүбүт сэлии туруга олус үчүгэйин өйдүүр уонна Тарабукинтан сэлиини дьаһайар быраабы атыылаһар. Өлүгү мас лабааларынан күн уотуттан, кыылтан-сүөлтэн харыстаан бүрүйэр уонна олохтоох дьаһалтаҕа тыллыыр. Дьокуускайга суһал сурах ыыталлар. Бу сырыыга сурах бэрт түргэнник Арассыыйа киинигэр тиийэр. Муус устарга сэлии көстүбүтүн туһунан Петербурдааҕы Наукалар академияларыгар биллэр. Академия бэрт суһаллык ыам ыйын 3 күнүгэр эспэдииссийэ тэрийэн ыытар. Зоолог үөрэхтээх
О. Герц салайар эспэдииссийэтэ үс ый айаннаан Дьокуускайга тиийэр, сэлии сытар сирин балаҕан ыйын бүтүүтэ булар. Бастакы чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн, сэлии ирбэт тоҥ иһиттэн көстүбэтэх чаастара бүүс-бүтүн сыталлар эбит. Тоҥ сири сыыйа ириэрэр туһугар булумньу үрдүгэр мас дьиэ туталлар, кыра кыралаан буортан арааран бараллар. Булумньуну бүтүннүү тиэйэр кыах суох буолан, өлүгү хас да чааска араараллар. Хас биирдии чааһын холустаҕа суулаан баран ат тириитигэр тигэллэр. Кыһын буолан, Иркутскайга диэри сэлии чаастара сытыйбакка тиийэллэр, онно анал рефрижератор богуоҥҥа угуллан 1902 сылга Березовка сэлиитэ Петербурга тиийэр.
Түмүккэ
Бу икки сэлии Арассыыйа эрэ билимин буолбакка, аан дойду палеонтологиятын олус күүскэ сайыннарбыта. Кэнники Саха сирин ирбэт тоҥугар түүлээх носорогтар, бизоннар, хаспах хахайдара, эһэлэрэ, оннооҕор 18 тыһыынча сыл анараа өттүгэр төрөөбүт ыт оҕотун булбуттара. Ирбэт тоҥ билигин даҕаны олус элбэх кистэлэҥи харайа сытар. Түҥ былыргыны үөрэтэргэ сүдү суолталаах сир-уот харыстаныах тустаах.
Кулун тутар 22-24 күннэригэр Дьокуускайга килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥу харыстааһын кыһалҕатыгар анаммыт научнай кэмпириэнсийэ буолуоҕа. Кэмпириэнсийэҕэ 200-чэ кэриҥэ учуонай Арассыыйаттан, Кытайтан, Индияттан, Казахстантан кэлэн, бу уустук кыһалҕаны хайдах быһаарар туһунан санаа үллэстиэ.
Хаартыскалар Тихонов А.Н. «Мамонт» кинигэтиттэн туһанылыннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: