Ирбэт тоҥ ууллар. Тоҕо?

Ирбэт тоҥ ууллар. Тоҕо?

01.09.2023, 17:00
Хаартыска: Reuters
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгэр булгунньах мууһа тахсан кэлбитин көрдөрөр хаартыска социальнай ситимнэргэ киэҥник тарҕанна. Итиэннэ сайын Баатаҕай кратера ууллан, өссө улаатан эрэрин туһунан сонун кэлбитэ. Маннык айылҕа дьиктилэрэ туохтан тахсалларый уонна өссө үөскүөхтэрэ дуо?

 Килиимэт уларыйда

Бу туһунан географическай наука хандьыдаатыттан, РАН СС Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт научнай үлэһититтэн,
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ хотугу эрэгийиэннэр килии­мэттэрин уонна эко-систиэмэ­лэрин үөрэтэр лаборатория­тын сэбиэдиссэйэ Никита Тананаевтан туоһаластыбыт.

“Дьиҥэр, өрөспүүбүлүкэ ыраах сытар, дьон олорбот оройуоннарыгар маннык ирбэт тоҥ ууллуута урут даҕаны тахсар этэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон маннык көстүүлэри дьиктиргии көрөрүн биир сүрүн төрүөтэ – килиимэт уларыйыыта”, – диэн Никита Тананаев бэлиэтиир.

Ол курдук, бүтэһик 30 сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ салгын температурата 1,3 кы­­раадыһынан сылыйбыт, онуоха сөҥүү түһүүтэ уруккутунан хаалбыт. Онон ирбэт тоҥ ууллуута өссө даҕаны тахсыан сөп. ХИФУ лабораториятын чахчыларынан 2050 сылга Саха сиригэр сыллааҕы салгын температурата, ортотунан, өссө 2,5-3,5 кыраадыс үрдүүрэ сабаҕаланар.

Чакыр булгунньаҕа

Учуонай этэринэн, Чурапчы улууһун Чакырыгар булгунньах сиҥнэн түһэн муус тахсыбыт. Ол курдук булгунньах анныгар муус мунньустан үөһээ тахсан, сотору буолан баран эстэн, мууһун таһыгар таһаарбыт. Тахсыбыт муус уулуннаҕына, булгунньах ортото алдьанар, күөл үөскүүр.

Баатаҕай кратера

Хаартыска: Reuters

Баатаҕайга кратер ууллуутун сүрүн төрүөтэ – тыаны кэрдээһин уонна бэлэмнэммит маһы таһар суол баар буолуута. Тыа кэрдиллэн тахсыбыт аһаҕас сир итийэн, суол устун уу сүүрэн барбыт, онтон салгыы улахан сиҥнии буолан тахсыбыт. Билигин бу кратер 1 км диаметрдаах уонна 100 миэтэрэ дириҥнээх. Сыллата 5-10 миэтэрэ кэҥии турар. Учуонай бэлиэтииринэн, бу маны тохтотор кыах суох. 10-15 сылынан кратер кытылын буора, сирэ (почвата) иһигэр түһүөн сөп.

Тааттаҕа күөл сүтүүтэ

Хаартыска: Sakhaday

Бу кыһын Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэр биир күөл уута барыта сир анныгар баран хаалан, букатын хайа хаспаҕа үөскээбит диэн видео со­­циальнай ситимнэргэ тарҕаммыта. Никита Тананаев этэринэн, килиимэт сылыйыытыттан сайын сорох сирдэргэ элбэх буор, сир ууллан баран,  кыһын ситэ тоҥмот. Маннык сирдэргэ уу күүскэ хамсыыр, онон ууллуу өссө түргэнник барар. Ол курдук түгэн Чөркөөххө буолбут. Буорга, сиргэ мустубут уу мууһу суурайан  хаспах оҥорбут. Бу хаспаҕынан күөл уута барбыт.

Экологияҕа дьайыыта

“Ирбэт тоҥ ууллуута экологияҕа охсуута бүгүҥҥү күҥҥэ күүскэ үөрэтиллэ илик. Баатаҕай кратерын туһунан этэр буоллахха, манна ууллуу түмүгэр элбэх кумах уонна атын тибиилэр Баатаҕайга, салгыы Дьааҥы өрүстэргэ киирэн ууну будулхай оҥордулар. Бу дьайыы түмүгэр кыра организмнар уонна балыктар олорор-сайдар усулуобуйалара мөлтөөтө. Дьиҥинэн, Баатаҕай өрүс экосистиэмэтэ бүтүннүү уларыйда”, – диэн учуонай этэр.

Итиэннэ күөллэр түһүүлэрэ, маассабай буолбатах буоллаҕына, экологияҕа улахан дьайыыны аҕалбат. Оттон Чакырга тахсыбыт курдук сир анныгар баар муустар ууллуулара аппалары үөскэтэр. Бу маннык аппалар учаастактары алдьаталлар уонна 75-100 сылынан биирдэ чөлүгэр түһэллэр.

“Саамай сэрэхтээҕинэн, билигин ирбэт тоҥ хоту туундараҕа күүскэ ууллуута буолар. Аппалар үөскээн бардахтарына, туундара эко-систиэмэтэ бүтүннүү алдьаныан сөп. Ол гынан баран, бу маннык түгэн тахсыыта гипотетическэй эрэ, тоҕо диэтэххэ, күүскэ үөрэтиллэ илик”, – диэн бэлиэтиир Никита Тананаев.

Ханна өссө маннык көстүүлэр үөскүөхтэрин сөбүй?

Учуонай этэринэн, ирбэт тоҥ ууллуута өссө инникитин Чурапчы, Таатта уонна Уус Алдан улуустарыгар уонна, баҕар, Аммаҕа тахсыан сөп. Өлүөхүмэ уонна Ленскэй оройуоннарыгар билигин аппалар элбэхтик үөскүүллэр. Салгыы эмиэ баар буолаллара сабаҕаланар. Арктика улуустарын ыллахха, манна ууллуу дьайыылара Булуҥ уонна Аллараа Халыма улуустарыгар тахсыан сөп, баҕар, Анаабырга уонна Аллайыахаҕа.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: