Бу күннэргэ Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгэр булгунньах мууһа тахсан кэлбитин көрдөрөр хаартыска социальнай ситимнэргэ киэҥник тарҕанна. Итиэннэ сайын Баатаҕай кратера ууллан, өссө улаатан эрэрин туһунан сонун кэлбитэ. Маннык айылҕа дьиктилэрэ туохтан тахсалларый уонна өссө үөскүөхтэрэ дуо?
Бу туһунан географическай наука хандьыдаатыттан, РАН СС Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт научнай үлэһититтэн,
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ хотугу эрэгийиэннэр килиимэттэрин уонна эко-систиэмэлэрин үөрэтэр лабораториятын сэбиэдиссэйэ Никита Тананаевтан туоһаластыбыт.
“Дьиҥэр, өрөспүүбүлүкэ ыраах сытар, дьон олорбот оройуоннарыгар маннык ирбэт тоҥ ууллуута урут даҕаны тахсар этэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон маннык көстүүлэри дьиктиргии көрөрүн биир сүрүн төрүөтэ – килиимэт уларыйыыта”, – диэн Никита Тананаев бэлиэтиир.
Ол курдук, бүтэһик 30 сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ салгын температурата 1,3 кыраадыһынан сылыйбыт, онуоха сөҥүү түһүүтэ уруккутунан хаалбыт. Онон ирбэт тоҥ ууллуута өссө даҕаны тахсыан сөп. ХИФУ лабораториятын чахчыларынан 2050 сылга Саха сиригэр сыллааҕы салгын температурата, ортотунан, өссө 2,5-3,5 кыраадыс үрдүүрэ сабаҕаланар.
Учуонай этэринэн, Чурапчы улууһун Чакырыгар булгунньах сиҥнэн түһэн муус тахсыбыт. Ол курдук булгунньах анныгар муус мунньустан үөһээ тахсан, сотору буолан баран эстэн, мууһун таһыгар таһаарбыт. Тахсыбыт муус уулуннаҕына, булгунньах ортото алдьанар, күөл үөскүүр.
Баатаҕайга кратер ууллуутун сүрүн төрүөтэ – тыаны кэрдээһин уонна бэлэмнэммит маһы таһар суол баар буолуута. Тыа кэрдиллэн тахсыбыт аһаҕас сир итийэн, суол устун уу сүүрэн барбыт, онтон салгыы улахан сиҥнии буолан тахсыбыт. Билигин бу кратер 1 км диаметрдаах уонна 100 миэтэрэ дириҥнээх. Сыллата 5-10 миэтэрэ кэҥии турар. Учуонай бэлиэтииринэн, бу маны тохтотор кыах суох. 10-15 сылынан кратер кытылын буора, сирэ (почвата) иһигэр түһүөн сөп.
Бу кыһын Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэр биир күөл уута барыта сир анныгар баран хаалан, букатын хайа хаспаҕа үөскээбит диэн видео социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта. Никита Тананаев этэринэн, килиимэт сылыйыытыттан сайын сорох сирдэргэ элбэх буор, сир ууллан баран, кыһын ситэ тоҥмот. Маннык сирдэргэ уу күүскэ хамсыыр, онон ууллуу өссө түргэнник барар. Ол курдук түгэн Чөркөөххө буолбут. Буорга, сиргэ мустубут уу мууһу суурайан хаспах оҥорбут. Бу хаспаҕынан күөл уута барбыт.
“Ирбэт тоҥ ууллуута экологияҕа охсуута бүгүҥҥү күҥҥэ күүскэ үөрэтиллэ илик. Баатаҕай кратерын туһунан этэр буоллахха, манна ууллуу түмүгэр элбэх кумах уонна атын тибиилэр Баатаҕайга, салгыы Дьааҥы өрүстэргэ киирэн ууну будулхай оҥордулар. Бу дьайыы түмүгэр кыра организмнар уонна балыктар олорор-сайдар усулуобуйалара мөлтөөтө. Дьиҥинэн, Баатаҕай өрүс экосистиэмэтэ бүтүннүү уларыйда”, – диэн учуонай этэр.
Итиэннэ күөллэр түһүүлэрэ, маассабай буолбатах буоллаҕына, экологияҕа улахан дьайыыны аҕалбат. Оттон Чакырга тахсыбыт курдук сир анныгар баар муустар ууллуулара аппалары үөскэтэр. Бу маннык аппалар учаастактары алдьаталлар уонна 75-100 сылынан биирдэ чөлүгэр түһэллэр.
“Саамай сэрэхтээҕинэн, билигин ирбэт тоҥ хоту туундараҕа күүскэ ууллуута буолар. Аппалар үөскээн бардахтарына, туундара эко-систиэмэтэ бүтүннүү алдьаныан сөп. Ол гынан баран, бу маннык түгэн тахсыыта гипотетическэй эрэ, тоҕо диэтэххэ, күүскэ үөрэтиллэ илик”, – диэн бэлиэтиир Никита Тананаев.
Учуонай этэринэн, ирбэт тоҥ ууллуута өссө инникитин Чурапчы, Таатта уонна Уус Алдан улуустарыгар уонна, баҕар, Аммаҕа тахсыан сөп. Өлүөхүмэ уонна Ленскэй оройуоннарыгар билигин аппалар элбэхтик үөскүүллэр. Салгыы эмиэ баар буолаллара сабаҕаланар. Арктика улуустарын ыллахха, манна ууллуу дьайыылара Булуҥ уонна Аллараа Халыма улуустарыгар тахсыан сөп, баҕар, Анаабырга уонна Аллайыахаҕа.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…
Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…
Ил Дархан Айсен Николаев “Искусственнай интеллект эйгэтигэр айан” норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыыны ылла. Суолталаах тэрээһиҥҥэ…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускайга "Руслан" тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна саппаас чаастары атыылыыр маҕаһыын умайда.…
АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн тэриллэр “Медиахакатоҥҥа” номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 48 көхтөөх, айар-тутар дьоҕурдаах…
Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар баар Саҥа дьыллааҕы харыйа "Елки России"…