Салгыы
Ирбэт тоҥҥо көстүбүт бөрө ДНК-та ааҕылынна

Ирбэт тоҥҥо көстүбүт бөрө ДНК-та ааҕылынна

05.09.2024, 10:34
Хаартыска: Мичил Яковлев, ХИФУ.
Бөлөххө киир:

Роснано исписэлиистэрэ Саха сиригэр 40 тыһ. сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыт былыргы бөрө ДНК-тын аахтылар. Бу хамсыыр харамай сайдан испит кэмин үөрэтэр учуонайдарга саҥа кыахтары арыйар генетическэй чинчийиини РНА сакааһынан оҥордулар, диэн ТАСС-ка хампаанньа  иһитиннэрдэ.

“РНА сакааһынан Роснано биолабаратыарыйата Саха сирин ирбэт тоҥор көстүбүт 40 тыһ. сыл саастаах бөрө түүтүгэр уонна сымнаҕас этигэр ураты генетическэй чинчийиини ыытта. Адьас саҥа көлүөнэ технологияны (NGS) туттан, исписэлиистэр кыыл ДНК-тын ааҕан таһаардылар. Туох баар микробиомата – кыыл тобоҕор баар бактыарыйалар уонна вирустар эмиэ бэркэ кичэйэн үөрэтилиннилэр. Бу дааннайдар эволюция дьайыытын өйдүүргэ саҥа саҕахтары арыйаллар уонна саҥа билим арыйыыларын төрүттэринэн буолуохтарын сөп”, — диэтэ Роснано бэрэстэбиитэлэ.

Роснано биотехнологическай лабаратыарыйата мэдиссиинэҕэ уонна ньиэп салаатыгар эмиэ генетическэй чинчийиилэри ыытар.

“Бу бөрө олоро сылдьыбыт кэмигэр, 40 тыһ. сыл анараа өттүгэр, киһи билиҥҥи көрүҥүнэн баара. homo erectus-тан homo sapiens буолбут кэмэ этэ. Учуонайдар киһини көрүҥ быһыытынан дириҥник үөрэтэллэригэр саҥа кыахтар арылыннылар. Бу бөрөнү  бэркэ дьирээлэһэн туран чинчийдибит, төһөтүн да иһин 40 тыһ. сыл иһигэр ДНК күүскэ уларыйбыт. Ол да буоллар дааннайдары ааҕан, чопчу түмүгү ситистибит”, — диэн эттэ ТАСС-ка Роснано биотехнологическай трегин лиидэрэ Денис Никитинскэй.

40 м дириҥнээх ирбэт тоҥҥо сытар бөрө тобоҕун 2021 с. Абый улууһун олохтоохторо Тирэх үрэҕиттэн булан ылбыттара. Бу кэлиҥҥи плейстоцен аҕа саастаах адьырҕатын аан дойдуга үрдүнэн көстүбүт бастакы булумньута буолар.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: