Ирина Любимова Харбалаах учууталларыныын көрүстэ

Share

Үөрэх уонна наука миниистирэ салайааччылаах бөлөх Харбалаах бөһүөлэгэр кэлэн, мустубут нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттаата.

Бу олус таһымнаах бөлөххө икки миниистир — салайааччы,  Үөрэх уонна наука миниистирэ Ирина Павловна Любимова, ыччат миниистирэ Петр Витальевич Шамаев (бэйэтин баҕатынан), экэниэмикэ миниистирин солбуйааччы Мария Михайловна Аргунова, успуорт миниистирин солбуйааччы Александр Николаевич Бугаев, доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Любовь Степановна Бурнашева, СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Михайлович Андросов, ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин департаменын салайааччы Айсен Егорович Кирсанов, архитектура управлениетын отделын салайааччы Алена Николаевна Капитонова, «Массыына суоллара» ГКУ эксплуатация отделын начальнигын солбуйааччы Семен Иннокентьевич Павлов кыттыыны ыллылар.
Миниистир Ирина Павловна Любимова Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан үөрэхтээһин холбоһугар сылдьан, икки үтүөлээх учууталлары:Валентина Викторовна Блахированы, Валентина Семеновна Кривошапкинаны кытары анаан көрүстэ. Үүммүт Педагог уонна уһуйааччы  сылынан эҕэрдэлээтэ. Уһун таһаарыылаах үлэлэрин иһин махтанна, доруобуйаны, ситиһиилээх үлэни баҕарда уонна эҕэрдэ суругу кытта Үөрэх министиэристибэтин 100 сылынан тахсыбыт «Образование — важнейший фактор развития Республики Саха(Якутия)» кинигэни бэлэхтээтэ.

Салгыы нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттаатылар, нэһилиэк олохтоохторун ыйытыыларыгар сөптөөх хоруйу биэрдилэр, туруорсуулар олоххо киириилэригэр үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрдилэр. Олохтоохтор бырабыыталыстыба үлэтин сөптөөҕүнэн, «үчүгэйинэн» сыаналаатылар.

Валентина КРИВОШАПКИНА, ааптар хаартыскалара

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Оҕону ытырбыт ыты туттулар

Дьокуускай куорат Сайсары уокуругун  быраабата телеграмҥа ханаалыгар суруйбутунан, бүгүн, тохсунньу 8 күнүгэр, 15:20  чааска 03…

6 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алта массыына кыттыылаах суол быһылаана таҕыста

Бүгүн, тохсунньу  8 күнүгэр, Намныыр суол  14 км хас да массыына харсыспыт. Бу туһунан куораттааҕы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаҕа туһалаах сүбэлэр

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, терапевт-быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр”…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Е” эбилик диэн тугуй?

Билигин “Е” диэн эбилигэ суох ас суоҕун кэриэтэ. Доруобуйаҕа буортулаах уонна кыра буортулаах диэҥҥэ арахсаллар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Долганнар түөлбэлээн олорор сирдэригэр талааннаах ыалы сэргээтим

Кылтасов Дмитрий Николаевич  төрөппүттэригэр  ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ  удьуор туундара дьоно этилэр. Дмитрий…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кириэс мас сэтэ, «Хаһан даҕаны таҥхалаама!»…

Кириэс мас сэтэ Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола…

5 часов ago