Ирина Любимова: “Оҕолор сайын дьарыктаах буолаллара улахан суолталаах”
СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтигэр оҕолор сайыҥҥы дьарыктарын боппуруоһун тула мунньах буолла. Министиэристибэ иһинэн Буруйу оҥорууну сэрэтэр уонна иитэр үлэ эрэгийиэннээҕи сэбиэтин чилиэннэрэ кытыннылар. Тэйиччиттэн улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыктара уонна эппиэттээх исписэлиистэрэ холбоннулар.
Үөрэх уонна билим миниистирэ Ирина Любимова салайааччылар болҕомтолорун эрдэҕэс оҕолор ортолоругар сокуону кэһиини сэрэтэр үлэҕэ туһаайда: “Эрдэҕэс оҕолор ортолоругар буруйу оҥорууну сэрэтиигэ чопчу ситимнээх үлэ ирдэнэр. Хас биирдии оскуолаҕа кылаас салайааччылара, социальнай педагогтар, уйулҕа үлэһиттэрэ бааллар. Быйылгы үөрэх дьылыттан иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһиттэрэ диэн саҥа дуоһунастар киирдилэр, оскуолаларга оҕо хамсааһыннарын тэрийээччилэр бааллар. Төрөппүттэри кытта сөптөөх үлэ ыытыллыахтаах. Хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр, ол иһигэр идэ бэлэмниир тэрилтэлэргэ, иитэр үлэҕэ чопчу былаан оҥоһуллуохтаах. Оҕолор дьарыктаах буолаллара, көхтөөх үлэҕэ сыһыарыллаллара ирдэнэр”.
Сайыҥҥы кэмҥэ доруобуйаны бөҕөргөтөр хампаанньа туһунан үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунов билиһиннэрдэ. Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын уонна доруобуйаларын бөҕөргөтөр тэрээһиннэргэ сурутуу билигин даҕаны бара турар. Кини иһитиннэрэринэн, быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 534 лааҕыр үлэлиэҕэ, уопсайа, 50 тыһ. оҕону хабар былааннаахтар, ол иһигэр араас көрүҥнээх учуокка турааччылары.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи психолого-педагогическай өттүнэн арыаллыыр мэтэдиичэскэй киин дириэктэрин солбуйааччы Татьяна Алешина дакылааттаата. Кини эрдэҕэс оҕолор ортолоругар мөлтөх майгылаах (деструктивный) оҕолору кытта эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытар инниттэн оскуолаларга сыллата уйулҕа ыйа ыытыллар. Ону тэҥэ, оскуолаларга социальнай-психологическай тестированиелары оҥороллор. Өрөспүүбүлүкэтээҕи психолого-педагогическай өттүнэн арыаллыыр мэтэдиичэскэй киин миэстэтигэр тиийэн сэминээрдэри ыытар, киин исписэлиистэрэ педагогтары, төрөппүттэри кытта үлэлэри тэрийэллэр.
Мунньах түмүгэр миниистир Ирина Любимова оҕо сайыҥҥы кэмҥэ дьарыктаах буолуутугар салайааччылар болҕомтолорун өссө биирдэ туһаайда: “Үөрэх дьыла түмүктэннэ, оҕолор үгүстэрэ номнуо иллэҥсийдилэр. Хас үөрэх тэрилтэтин аайы оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар иитэр үлэҕэ былаан баар буолуохтаах. Сайынын оҕо барыта хааччыллыахтаах”, — диэн эттэ.
Үөрэх уонна билим министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: