Ирина Любимова: “Оҕолор сайын дьарыктаах буолаллара улахан суолталаах”

Share

СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтигэр оҕолор сайыҥҥы дьарыктарын боппуруоһун тула мунньах буолла. Министиэристибэ иһинэн Буруйу оҥорууну сэрэтэр уонна иитэр үлэ эрэгийиэннээҕи сэбиэтин чилиэннэрэ кытыннылар. Тэйиччиттэн улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыктара уонна эппиэттээх исписэлиистэрэ холбоннулар.

Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru

Үөрэх уонна билим миниистирэ Ирина Любимова салайааччылар болҕомтолорун эрдэҕэс оҕолор ортолоругар сокуону кэһиини сэрэтэр үлэҕэ туһаайда: “Эрдэҕэс оҕолор ортолоругар буруйу оҥорууну сэрэтиигэ чопчу ситимнээх үлэ ирдэнэр. Хас биирдии оскуолаҕа кылаас салайааччылара, социальнай педагогтар, уйулҕа үлэһиттэрэ бааллар. Быйылгы үөрэх дьылыттан иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһиттэрэ диэн саҥа дуоһунастар киирдилэр, оскуолаларга оҕо хамсааһыннарын тэрийээччилэр бааллар. Төрөппүттэри кытта сөптөөх үлэ ыытыллыахтаах. Хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр, ол иһигэр идэ бэлэмниир тэрилтэлэргэ, иитэр үлэҕэ чопчу былаан оҥоһуллуохтаах. Оҕолор дьарыктаах буолаллара, көхтөөх үлэҕэ сыһыарыллаллара ирдэнэр”.

Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru

Сайыҥҥы кэмҥэ доруобуйаны бөҕөргөтөр хампаанньа туһунан үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Алевтина Аргунов билиһиннэрдэ. Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын уонна доруобуйаларын бөҕөргөтөр тэрээһиннэргэ сурутуу билигин даҕаны бара турар. Кини иһитиннэрэринэн,  быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 534 лааҕыр үлэлиэҕэ, уопсайа, 50 тыһ. оҕону хабар былааннаахтар, ол иһигэр араас көрүҥнээх учуокка турааччылары.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи психолого-педагогическай өттүнэн арыаллыыр мэтэдиичэскэй киин дириэктэрин солбуйааччы Татьяна Алешина дакылааттаата. Кини эрдэҕэс оҕолор ортолоругар мөлтөх майгылаах (деструктивный) оҕолору кытта эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытар инниттэн оскуолаларга сыллата уйулҕа ыйа ыытыллар. Ону тэҥэ, оскуолаларга социальнай-психологическай тестированиелары оҥороллор. Өрөспүүбүлүкэтээҕи психолого-педагогическай өттүнэн арыаллыыр мэтэдиичэскэй киин миэстэтигэр тиийэн сэминээрдэри ыытар, киин исписэлиистэрэ педагогтары, төрөппүттэри кытта үлэлэри тэрийэллэр.

Мунньах түмүгэр миниистир Ирина Любимова оҕо сайыҥҥы кэмҥэ дьарыктаах буолуутугар салайааччылар болҕомтолорун өссө биирдэ туһаайда: “Үөрэх дьыла түмүктэннэ, оҕолор үгүстэрэ номнуо иллэҥсийдилэр. Хас үөрэх тэрилтэтин аайы оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар иитэр үлэҕэ былаан баар буолуохтаах. Сайынын оҕо барыта хааччыллыахтаах”, — диэн эттэ.

Үөрэх уонна билим министиэристибэтин пресс-сулууспата.

Хаартыска: minobrnauki.sakha.gov.ru

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

8 часов ago