Ирина Любимова: «Үөрэх эйгэтигэр саллааттар дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн олоххо киирэр»

Share

Ил Дархан быстах хомуурунан ыҥырыллан барбыт байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр балаҕан ыйыгар таһаарбыт дьаһаллара олоххо киирэн үлэлии тураллар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оскуола иннинээҕи уонна оскуола саастаах оҕолордоох саллааттар дьиэ кэргэттэрин өйүүр ханнык миэрэлэр көрүллэн, олоххо киирэ туралларын туһунан СӨ үөрэҕин уонна билимҥэ миниистирэ Ирина Павловна Любимова бу курдук быһааран кэпсээтэ:

— Өрөспүүбүлүкэ Үөрэҕин уонна билимҥэ министиэристибэтэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ытык иэстэрин толоро сылдьар саллааттар дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүл дьаһалларын ылынан, ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан, оскуола уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолордоох ыалларга өйөбүл 3 көрүҥүн олоххо киллэрэр. Ол курдук, аҕалара анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар кэмигэр: дьиэ кэргэн оҕо саадын иһин ыйдааҕы төлөбүртэн (усунуостан) босхолонор; 5-11 кылааска оҕо босхо аһылыгынан хааччыллар; оҕо 6 сааһын 6 ыйыттан 18 сааһыгар диэри оҕо чэбдигирдэр лааҕырдарыгар босхо путевка көрүллэр.
Ахсынньы 13 күкүнээҕи туругунан, үөрэхтээһин ситимигэр Элбэх өҥөнү оҥорор киин нөнүө киирбит 4005 сибидиэнньэнэн 4338 социальнай өйөбүл дьаһаллара олоххо киирэ тураллар, ол иһиттэн 3209-гар чопчу быһаарыы ылылынна.
Бу кэмнэргэ, ахсынньы 9-18 күннэригэр, Оҕону сынньатар уонна чэбдигирдэр «Сосновый бор» кииҥҥэ «Новогоднее волшебство» симиэнэ ыытылла турар. Аҕалара анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта барбыт 120 оҕо араас улуустартан кэлэн сынньана сылдьар. Оҕолорго аналлаах араас тэрээһиннэри таһынан кинилэргэ цирк, «Чочур Мыраан» этнографическай комплекс, Оҕо дыбарыаһа уо.д.а. кэлэн бэйэлэрин айымньыларын көрдөрүөхтэрэ.
Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи нэһилиэгэр үлэлии турар «Сир уустара» өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэтэр-чэбдигирдэр киин «HappyNewYear» айар симиэнэтигэр ахсынньы 14-24 күннэригэр бу улуус 26 оҕото сынньаныаҕа. Бу уонча күннэргэ оҕолорго, Саҥа дьыл иннинээҕи алыптаах остуоруйа дойдутугар курдук, үөрэ-көтө сынньанар түгэн тосхойуо, доруобуйаларын чэбдигирдэн, көхтөөхтүк сынньанан, бириэмэлэрин туһалаахтык атаарыахтара.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ТУСКАР ТУҺАН: Кыһын үүнээйи сэбирдэҕэ саһарар буоллаҕына…

Кыһын дьиэ үүнээйилэрэ мэлдьи эрэйдэнэллэр, сэбирдэхтэрэ саһарар уонна түһэр диэн «Ученый агроном» ханаал ааптара суруйар.…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр Бэрэсидьиэн оскуолаларын ситимин оруолун үрдэтиэхтэрэ

Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин оскуолаларын ситимин сайыннарыы боппуруостарыгар мунньах ыытта. Көрсүһүүгэ бэрэсидьиэн оскуолаларын…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

“Чысхаан” сылгыһыта Егор Турпанов

Кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылы көрсө Үрүҥ Айыы сылынан (Кытай халандаарынан – Кыһыл ат сыла)…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Дьуһуурунай борокуруор: Дьокуускайга эр киһи быһаҕынан анньыллыбыт

Саха сиригэр суукка иһигэр буруйу оҥоруу туһунан икки иһитиннэрии бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тыйыс тымныы тыына – үлүйүү

  Ахсынньы чахчы да аам-даам тымныыта күүһүрэн, нэдиэлэттэн ордук кэм устата 1-8 кылаас оҕолоро Дьокуускайга,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Арктикаҕа эбии ас-үөл тиэрдиитин тэрийэргэ сорудахтаата

Айсен Николаев социальнай суолталаах ас-үөл табаардарын тиэйиини тэрийиигэ мунньах ыытта уонна Арктика улуустарын олохтоохторугар дьоҕус…

2 часа ago