СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Ирина Любимова брифиҥҥэ байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар устудьуоннарга уонна аҕалара байыаннай дьайыы кыттыылааҕа буоллаҕына, устудьуоннарга эбии федеральнай өйөбүл дьаһаллара ылыллыбыттарын туһунан кэпсээбитэ.
Миниистир бэлиэтииринэн, үрдүк уонна орто анал үөрэхтэргэ киириигэ тус сыаллаах дуогабары түһэрсии, бастатан туран, байыаннай дьайыы кыттыылааҕын, кини дьиэ кэргэнин чилиэнин кытта түһэрсиллэр. Кинилэргэ анал истипиэндьийэ, матырыйаалынай көмө, төлөбүрдээх үөрэх бырагыраамаларыгар төлөбүр кээмэйин кыччатыы, уопсай дьиэҕэ миэстэни биэрии көрүллэллэр.
— Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ РФ үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар киириилэригэр көрүллэр чэпчэтиилэринэн туһаныахтарын сөп. Туспа квота ахсаана хас биирдии хайысхаҕа көрүллэр бүддьүөт миэстэтин уопсай кээмэйиттэн 10 % ылар. Балл тэҥнэһэн хаалар түгэнигэр, балаһыанньанан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа эбэтэр кини оҕото туһанар.
Бу квота чэрчитинэн РФ Дьоруойа уонна кини оҕолоро, «Мужество» уордьанынан үс төгүл наҕараадаламмыт буойун уонна кини оҕолоро, байыаннай эпэрээссийэҕэ олохтон туораабыт эбэтэр бааһырыыны (бааһырыы, эчэйии, контузия) ылбыт байыас оҕото үөрэххэ киириигэ тургутуута суох (айар эбэтэр идэҕэ туһуланар тургутуулаах эбии туттарсыыттан ураты) ылыллыахтарын сөп. Аҕата эбэтэр сокуоннай бэрэстэбиитэл байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар кэмигэр үрдүк уонна орто үөрэх устудьуоннарыгар 5706 солк. кээмэйдээх барыта 388 үрдэтиллибит истипиэндьийэ төлөнөр. Онон бу өттүгэр байыаннай сулууспалаахтар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр чэпчэтиилэр, анал квоталар үлэлии тураллар.
Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…
Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…
Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…
РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.