Ирина Любимова: «Үөрэхтээһин эйгэтигэр саллааттар дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн болҕомто киинигэр»

Share

Ил Дархан Анал этиитигэр быстах хомуурунан ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьаһаллары салгыы олоххо киллэрэ туруохтаахпыт туһунан эттэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оскуола иннинээҕи уонна оскуола саастаах оҕолордоох саллааттар дьиэ кэргэттэрин өйүүр ханнык миэрэлэр көрүллэн, олоххо киирэ туралларын туһунан СӨ үөрэҕин уонна наукаҕа миниистирэ Ирина Павловна Любимова бу курдук тус санаатын үллэһиннэ:

— Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар туһаайбыт Анал этиитин саҕаланыытыгар байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьаһаллар тустарынан бэлиэтээн эттэ. Күн бүгүн биһиги биир дойдулаахтарбыт, ыал аҕа баһылыктара аармыйаҕа ыҥырыллан ытык иэстэрин төлүү, сулууспалыы сылдьаллар. Бу уустук кэмнэргэ бүтүн дойду биир сомоҕо буолуохтаах. Биһиги министиэристибэбит бу дьоммут дьиэ кэргэттэригэр төлөбүрдэри көрүүгэ кэккэ дьаһаллары ылыммыта. Ол курдук саллаат дьиэ кэргэнэ оҕо саадын иһин төлөбүргэ, оскуолаҕа босхо аһыырыгар, куруһуоктарга сылдьыыга, анал истипиэндьийэни ылыыга, оҕо үөрэххэ киириитигэр араас чэпчэтиилэр көрүлүннүлэр. Бу барыта улахан суолталаах уонна кэмигэр тутатына оҥоһуллан иһэр хамсаныылар буолаллар.
Ил Дархан Анал этиитигэр туруоллубут сыал, сорук биһиэхэ чопчу өйдөнөр. Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ уонна кини дьаһалыгар баар тэрилтэлэр маны өйдөөн туран, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕолор хаачыстыбалаах үөрэҕи, билиини ылыыларын бары тиһигин тэрийии боппуруостарыгар боччумнаахтык сыһыаннаһаллар. Үөрэхтээһин эйгэтэ бары өттүттэн — былаас, педагогическай эйгэ, уопсастыба кэтээн көрүүтүн, төрөппүт болҕомтотун өттүлэриттэн утумнаах болҕомто эрэйиллэр. Онон бу үлэбит биир да күн тохтообокко, салгыы ыытыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Папа-предприниматель» үөрэтэр грант кыайыылааҕын быһаардылар

«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хатас-Павловскай хайысханан өрүс суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…

17 минут ago
  • Сонуннар

Үбүлүөй собото

Хас да сыллаах үөрэтии, архыып докумуоннарын хасыһыы түмүгэр, Үгүлээт нэһилиэгин туһунан аан-бастаан сурукка киирбит, ол…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан истипиэндьийэлэрин туттардылар

Сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнүгэр, Ил Дархан анал истипиэндьийэлэрин Туоһу суруктарын туттарыы үөрүүлээх…

43 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Төлөпүөн түөкүттэрэ уоскуйбаттар

Кэнники сылларга түөкүттэр дьону албынныыр ньымалара кэҥээн, эмсэҕэлээччи элбээн иһэр диэн СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Ааспыт…

59 минут ago
  • Бэрээдэк

Абый олохтооҕо мас кэрдэн сууттанна

Абый улууһун олохтооҕо сокуоннайа суохтук мас кэрдэн сууттанна. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ сууттарын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Быһылаан…

1 час ago