“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Уол оҕо
Уол оҕо эрэллээх
Уостубат эрчимнээх,
Ийэҕэ, аҕаҕа
Иһирэх сыһыаннаах.
Эркин курдук кытаанах
Эттиин-хаанныын тулуурдаах,
Түһэн биэрбэт туруулаах
Тутар күүстээх иэйиилээх.
Уол оҕо, дьол төрдө
Ууллубат, уостубат,
Төрөппүт дьонугар
Таптала уйаҕас.
Кэскил тардар силистээх
Күн халлаантан арчылаах
Удьуор холбуур аналлаах
Уйгу быйаҥ алгыстаах.
Уол оҕо, тапталбыт
Уох сүппэт сүмэбит,
Эйэҕэс сирдьиппит,
Эстибэт дьулуурбут.
Олох тэлэр суолдьуппут,
Охтубат чиҥ тирэхпит,
Күннүүн хаамсар утахпыт,
Көмүскэллээх хаххабыт.
Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…
2021 сыллаахха түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…
Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…
Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…
Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…