Иркутскайга диэри кыһыҥҥы суол аһылынна

Иркутскайга диэри кыһыҥҥы суол аһылынна

11.01.2025, 15:25
Хаартыска Дарья Комарова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

«Бүлүү» федеральнай суол управлениета 2025 сыл тохсунньу 10 күнүттэн «Таас Үрэх-Верхнемарково» кыһыҥҥы суолга тырааныспар сырыыта саҕаламмытын туһунан иһитиннэрэр. Бу суол федеральнай трасса 1310 килэмиэтириттэн 2146 килэмиэтиригэр диэри баар.

Кыһыҥҥы суол уһуна — 836 килэмиэтир, Иркутскай уобалаһынан (Усть-Кут, Киренскэй, Катангскай оройуоннарынан) уонна Саха сиринэн (Ленскэй, Мииринэй оройуоннарынан) ааһар. Бу кыһыҥҥы суолунан кулун тутар 31 күнүгэр диэри сырыы баар буолуоҕа диэн сабаҕалыыллар.

Бу суолунан сырыы сыл аайы эбиллэн, элбээн иһэр, Онон «Бүлүү» федеральнай суол управлениета тэрилтэлэр таһаҕаһы таһыыны ыйдарынан үллэрэн ыыталларыгар, көҕүрэтэ туралларыгар сүбэлиир. Сыл аайы буоларын курдук, кулун тутарга бу суолга сырыы олус элбээн, ноҕурууска улаатар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 января
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: