Салгыы
Ис кистэлэҥнээх Степанида Борисова

Ис кистэлэҥнээх Степанида Борисова

29.07.2024, 18:30
Хаартыска: Саха тыйаатырын архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Малай судаарыстыбаннай академическай тыйаатырын  иһинэн М.Щепкин аатынан тыйаатыр үрдүкү училищетын  1974 сыллаахха бүтэрбиттэр быйыл 50 сылларын бэлиэтииллэринэн, Степанида Борисова туһунан 2013 сыллааҕы ыстатыйаны ахтан-санаан ааһарга быһаарынныбыт.

Степанида Ильинична Борисова — П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата,  Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыската.

«Бу күннэргэ  ССРС норуодунай артыыһа   Дмитрий Ходулов 100 сааһын бэлиэтээтибит. Айылҕаттан айдарыылаах Дмитрий Ходулов  көлүөнэтэ  тыйаатырга кинини көрө анаан-минээн кэлэллэрэ. Билигин аныгы режиссердар,  олох ирдэбилинэн,  бүтүн  кэлэктиибинэн  оонньуур усулуобунай  испэктээктэри туруораллар. Ол эрэн, Ходуловы көрө кэлэрбит курдук,   Арассыыйа норуодунай  артыыската Степанида Борисова оонньуурун көрө кэлэр көрөөччүлэр олус элбэхтэр. Ол эбэтэр «биир актер тыйаатыра»  сүтэ-симэлийэ илик диэн этиэххэ сөп.

Сүр түгэхтээхтик  иэйэр-куойар Степанида Ильинична сыанаҕа  хас биирдии тахсыыта Саха сирин, Арассыыйа, омук көрөөччүлэрин  сүргэлэрин көтөҕөр. Кинини көрөөччү кылыһахтаах куолаһын эрэ иһин буолбакка, киһини умсугутар кэрэ көстүүтүн,  аһаҕас дууһатын, аламаҕай майгытын, киэҥ көҕүстээҕин сөбүлүүр.

«Артыыс оонньообут оруоллара кини сааһырда даҕаны  уу туманын курдук, сиккиэр тыал үрдэ да сүтэн-симэлийэн хаалаахтыыр буолбат дуо?» — диэн ким эрэ  уобарастаан этэн турардаах. Ол эрэн, ааспыт көлүөнэ артыыстарын кытары чугастык алтыспыт, сыанаҕа бииргэ оонньообут  дьоннор баалларын тухары кинилэр тустарынан үтүө өйдөбүл сүппэт. Аҕа көлүөнэлэр оонньообут оруоллара эрэ буолбакка, ыччаттарга туһаайбыт кэрэмэс тыллара олоххо суолдьут сулус, умуллубат кутаа  буолан умайаллар. Щепкин аатынан училищены бүтэрбит үһүс көлүөнэ  артыыстартан биирдэстэрэ Степанида Борисова кинилэр тустарынан кэрэ кэпсээнэ уос номоҕо буола сырыттаҕа.

ххх

— Тыйаатыр устуоруйатыгар  умнуллубат суолу хаалларбыт артыыстар баҕа санааларын, кэс тылларын хаһан да умнубаппын.

Уруккуну күн бэҕэһээҥҥи   курдук санаан ылар кэмнэрдээхпин. Бары көлүөнэ артыыстар Саха тыйаатыра саҥа  дьиэлэниэн баҕараллара.  Кинилэр ыра санаалара туолан, билигин хайдахтаах курдук үчүгэй тыйаатырдаахпытый? Миигин кинилэр ханнык да усулуобуйаҕа үлэлээбиттэрин иһин, идэлэригэр бэриниилээхтэрэ, идэлэрин таптыыллара сөхтөрөрө.

Саҥа үлэлии кэлбит эдэр артыыстарга эйэҕэс сыһыаннаахтара. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай   артыыската Александра Ивановалыын күн сириттэн күрэниэр диэри биир гримернайга олорбуппут. Чугастык алтыспыт уонна истиҥник санаспыт бэлиэбитигэр «миигин өйдүү сырыттын, куруук үчүгэй оруоллары оонньоотун» диэн сааһын тухары кэтэ сылдьыбыт сарыы этэрбэһин бэлэхтээбитэ.  Ис өттүгэр тилэҕэ түүлээх олус сылаас этэрбэс этэ. Оннук этэрбэс мээнэ суох буолара. Хомойуох иһин, ол этэрбэспин мин суохпар ким эрэ уларсан баран, төнүннэрбэтэҕэ…

Саас баран истэҕин аайы бииргэ үлэлээн ааспыт дьонноргун саныырыҥ күүһүрэр  буолар эбит. Кинилэр оонньообут оруолларын толоруохтаах буоллаххына, тылы-өһү хайдах туттубуттарын, ханна хайдах хамсаммыттарын ымпыгар-чымпыгар тиийэ өйдүү сатыыгын.

М.Щепкин аатынан  тыйаатыр училищетын 1974 с. бүтэрбит көлүөнэ  артыыстар Дария Слепцованы баттаспатахпыт. Биһиги кэлбиппит соторутугар өлөөхтөөбүтэ, онон сыанаҕа  оонньуурун көрбөккө хаалбытым. САССР үтүөлээх артыыһа Яков Кычкин, РСФСР үтүөлээх артыыһа  Гаврил Колесов Софрон Данилов айымньытынан туруоруллубут «Сүрэх тэбэрин тухары»  испэктээккэ оонньуулларын астына көрбүтүм.  Яков Кычкин хараҕын аннын күөх кыраасканан тардынара олус кытаанах, тыйыс хараҕы биэрэрэ. Ачыкытын кэттэҕинэ, омсолоох дьоруойа Иван Иванович мөссүөнэ өссө дьиппинийэргэ дылы буолара. САССР үтүөлэх  артыыстара Николай Попов, Лазарь Сергучев Аласовы иккиэн уратытык оонньууллара олус умсугутуулаах этэ. Николай Попов Аласова  бэйэтин курдук сымнаҕас майгылаах, номоҕон мөссүөннээх киһи этэ. Оттон Лазарь Сергучев Аласовы атын өттүнэн арыйара.

РСФСР норуодунай артыыстара кэргэннии Матрена, Марк  Слепцовтары уонна  РФ үтүөлээх артыыстара Анна Кузминаны,  Михаил Гоголевы кытары гостуруолга хаста даҕаны бииргэ сылдьыбытым. Артыыс да, киһи да быһыытынан кинилэртэн элбэххэ үөрэммитим.  Аспытын-үөлбүтүн, таҥаспытын-саппытын бэйэбитин кытта илдьэ сылдьарбыт. Кинилэртэн ас астыырга үөрэнэҕин, кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ, эйэҕэс сыһыаннарын көрө-истэ сылдьаҕын.

САССР үтүөлээх артыыската Анастасия Ларионова наһаа кыраһыабай  этэ. Отучча саастаахпар ийэм өлбүтэ. Чугас киһибин сүтэрэн, улаханнык оҕустарбытым, ыһыктынан кэбиспитим быһыылааҕа.  Ол кэнниттэн  хайдах эрэ наар хара таҥаһы кэтэр, сирэйбин-харахпын оҥостубат да буолбутум. Арай биирдэ гримернайга олорон, Анастасия Петровна  миэхэ туһаайан: «Баһаалыста, эн уруккуҥ курдук сирэйгин-хараххын кырааскалана сылдьыый,  кырааскаланарыҥ бэйэҕэр наһаа барсар ээ», – диэбитэ.  Кини итинэн мин туоххаһыйарбын  бэлиэтии көрөрүн, миигин тулалыыр эйгэбэр төнүннэрэ сатаан кыһалларын  өйдөөбүтүм. Бириэмэ барытын эмтиир дииллэр да…

Тыйаатырга   Саха сирин норуодунай артыыстарын Афанасий  Петрову, Дмитрий Ходуловы да омос көрөн араарбат киһи дэриэбинэттэн кэллэҕим дии. “Эн Ходулов бөлөҕөр бааргын» диэбиттэригэр мин Афанасий Петровка тиийбит этим.   Афанасий Прокопьевичка  иккитэ сылдьан баран, буккуйбуппун өйдөөммүн дьэ, Ходуловпар тиийбитим. Онуоха Дмитрий Федорович хоһоон аахтаран көрбүтэ уонна ыллаабыппар: «Тоойуом, эн дьиэҕэр бар, туттараргар биирдэ кэлээр», —  диэбитэ. Ити тыллары этээт, ааҥҥа диэри  атаарбытын өйдүүбүн. Аҕа диэни билбэтэх киһиэхэ ис дууһаттан тахсыбыт сылаас тыллар, истиҥ сыһыан киһини олус уйадытар эбит этилэр.

 

Үтүө тыл баайдааҕар күндү

«Өбүгэлэрбит ыллыктаах тыл ыпсыылаах, өлбөт-сүппэт үөстээх», — дииллэрэ. Степанида Ильинична киһиэхэ кэскиллээҕи кэрэһэлээн этиллибит кэрэмэс тылларга туох эрэ кистэлэҥ күүс баарыгар итэҕэйэр:

— Ханнык баҕарар киһи туһунан сырдыгы сыдьаайар, үтүөнү түстүүр харысхал тыллар этиллэллэрэ үйэ-саас тухары хаалаллар эбит дии саныыбын. Баҕар, мин өйбөр тутарбыттан буолуо.  Холобур, таайым Никон Павлович Яковлев оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына: «Мин оҕом кэнники дьоҥҥо биллэр киһи буолуоҕа. Мин оҕом чуолкайдык саҥарарынан араадьыйаҕа диктор буолара буолуо», —  диэбитэ кулгаахпар иҥэн хаалбыт. Аны аармыйаҕа  бараары сылдьар аймаҕым уол сэттэ саастаахпар: «Мин оҕом кэрэ көстүүлээх кыыс кэрэмэһэ буолуоҕа», —  диэбитин эмиэ умнубаппын. Оҕо губка курдук барытын ылынар быһыылаах.

«Миэхэ тулалыыр эйгэм, дьонум-сэргэм үтүө тылларынан үчүгэйи эрэ түстээбиттэрин мин тоҕо хатылаабаппыный?» —  диэн ардыгар бэйэбиттэн ыйытабын. Тоҕо диэтэххэ,  оҕолорбун, сиэммин мөҥөн-этэн кэбиһиэхпин сөп.  Дьиҥэр, алгыстаах тыллары элбэхтик этиллиэхтээх быһыылаах. Сыыһарбын  тутан ыллахпына, көннөрүнэ сатыыбын. Суруллубут суоруллубат дииллэринии, эппит тыл  төннүбэт,  ох буолан көтөн хаалар. Ону өйдөөн, артыыстарга сэрэхтээхтик сыһыаннаһа, наар үчүгэйи этэ, көмөлөһө сатыыбын.  Тыл күүһэ ханна, хаһан, хайдах этиллэриттэн улахан тутулуктаах.

 

Түүл-бит кистэлэҥэ

Киһи атын киһиттэн толкуйдуур дьоҕурунан,  олоҕу көрүүтүнэн, майгытынан, айылҕаттан бэриллибит талаанынан  уратылаах. Киһи ис кистэлэҥнээх, таайыллыбат таабырыннаах.

Степанида Ильинична кэмиттэн кэмигэр дьикти түүллэри, олоҕор тахсыахтаах түгэннэри эрдэ  көрөрүн, билгэлиирин туһунан сэһэргиир:

— Үлэҕэ-хамнаска, дьиэ үлэтигэр үтүрүйтэрэн, ардыгар буолуохтаах бэлиэ күннэри умнан кэбиһэҕин. Дьиктитэ диэн, ону үөһээттэн  атын күүстэр санаталлар.

Александра Дмитриевна өлбүтэ биир сыла туолуохтааҕын өйбүттэн түһэрэн  кэбиспит этим. Ону чугастык санаспыт күндү  киһим түүлбэр киирэн, бэйэтэ биллэрэн турар. Түһээтэхпинэ, маҥан сабыылаах остуол “П” буукубалыы тардыллыбыт. Үрдүк өйөбүллээх сахалыы олоппосторго барыта сахалар олороллор. Биир ордон турар олоппоско Александра Дмитриевна баран олордо. Олоппос суоҕун көрөн: «Миигин олордубаккыт дуо?» — диибин. Онуоха миэхэ үөһэттэн  туох эрэ аһылыгы бырахтылар. Уһуктан баран түүлбүн  кэргэммэр Андрей Саввичка кэпсээбиппэр: «Бүгүн Саня биир сыла», — диэбиттээх. Онон орто дойдуттан барбыт да дьоммут барытын көрө-истэ сылдьаллар дуу дии саныыбын.

Сүллүүкүн  тахсар уонна киирэр кэмигэр дьылҕаны таайыыны эмиэ итэҕэйэбин. Эдэр сылдьан биирдэ эрэ бүлүүһэ сүүрдэн баран, улаханнык этиттэрэн турабыт. Оччолорго 17-с кыбартаалга уопсайга олорбуппут. Маҥнайгы оруолбун Суоһалдьыйа Толбоннооҕу оонньоон баран, дьиэбэр айаннаатым. Ийэм, быраатым, оҕом  бааллар. Андрей аармыйаҕа сылдьар кэмэ этэ.  Быраатым остуолга сиэркилэ туруорбут, икки өттүгэр  чүмэчи умаппыт,  ыстакаан уурбут уонна: «Эдьиэй, миэхэ биһилэххин уларыс эрэ», — диэтэ. Аччыктаан кэлэн, остуол биир муннугар аһыыбын, биир муннугар кини «көрүүлэнэ» олорор. Быраатым тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу ыстакаанын буккуйар, сотору-сотору миигин ыҥырар. Ити гынаммыт быраатым кэргэннэнэн икки оҕолонорун, мин иккис кыыстанарбын билгэтэлэн турабыт.  Боппуруоһу сыыһа биэрэргиттэн эмиэ тутулуктаах эбит.   Сотору буолан баран,  хостон  ийэбит тахсан кыттыста. «Өлөр буоллахпына хоруоп, өлбөт буоллахпына бэйэм мэтириэтим таҕыстын», — диэн күүстээхтик саҥаран кэбистэ. Туох тахсыбытын көрөн баран, саҥата суох хоһугар киирэн хаалла. Мин куттана-куттана  кэлэн көрбүтүм  биһилэх ортотугар ийэм сирэйин аҥаара эрэ, муннуттан сыҥааҕар диэри өттө тахсыбыт. Ийэм барахсан ыалдьарын биллэрбэт этэ да,  эһиилигэр  күн сириттэн күрэммитэ. Ону таайтаран,  сиэркилэ сирэйин аҥарын эрэ көрдөрбүт эбит. Онтон ыла атын эйгэни кытары туох эрэ кистэлэҥ күүс сибээстиирин итэҕэйэбин.  Ийэбин сүтэриэхпиттэн ыла ити дьыалаҕа чугаһаабатаҕым.

Турукка киирии кистэлэҥэ

Саха тыйаатырын  примата Степанида Борисова амплуата киэҥ. Кэмиэдьийэ, дыраама, трагедия жанрдарыгар оруоллары кыайа-хото тутар. Артыыска кэмиэдьийэҕэ биир эрэ оруоллааҕын туһунан этэр. Ол Н.Неустроев «Куһаҕан тыыныгар» дьону барытын үтүктэр, хобу-сиби «үһү» диэнинэн бигэргэтэн иһэр Кэргэн дьахтар оруола. Степанида Борисова бу оруолун кэнниттэн бары «үһү» дэһэ сылдьар буолбуппут. Онтон атын оруоллара үксэ трагическай хабааннаахтар. Трагедияны өй-сүрэх мөккүөрүн таһаарарын курдук оонньооһун  артыыс талаанын эрэ буолбакка, тыйаатырга мунньуммут үөрүйэҕин эрэйэр. Онуоха хас биирдии артыыс бэйэтэ эрэ билэр кистэлэҥнээх. Дьиҥнээх артыыс ардыгар таһымныыр, сороҕор оломнуур. Актер оскуолатын ааспыт хас биирдии артыыс сыанаҕа  бэйэтин кытаанахтык хонтуруолланар. Этэргэ дылы, сиэркилэтэ суох бэйэтин көрүнэр, саҥа таһаарбакка эрэ бэйэтин истэр.

— Дьиҥэр, мин көрүдьүөһү  олус сөбүлүүбүн, артыыс да быһыытынан кэмиэдьийэҕэ оонньуохпун сөп этэ да, ити жанрга биир эрэ оруоллаахпын. Кэргэним Андрей дьиэтигэр миигин  батыһа сылдьан күлэн тахсааччы.

Трагедияҕа характердар хабырыйсыылара тыктарыллар. Сирдээҕи олоххо үрүҥ  уонна хара алтыһа сылдьалларын кэриэтэ, киһиэхэ үтүө да, мөкү да өрүт барыта хаайтара сылдьар. Бернарда Альбаны да ылан көрүөххэ (Федерико Гарсиа Лорки айымньытынан турбут «Иччитэх дьиэ» пьеса «Кыһыл көмүс» мааскаҕа түһэриллибитэ – ааптар). 60 саастаах огдообо Альба  кэргэн тахсыбатах кыргыттардаах. Икки кыыһа биир киһини таптаан, биирдэрэ бэйэтигэр тиийинэргэ күһэллэр. Альба кыыһа өлбүтүттэн буолбакка,  өлүү тахсыбытын кистии сатыыр аймалҕаныгар түһэр. Ити курдук, киһи бэйэтэ да билбэтинэн куһаҕаны оҥорон кэбиһиэн сөп. Ол иһин, олорорбут тухары үчүгэй өрүппүт кыайа турарыгар кыһаллабыт, ис турукпутун хонтуруолланабыт.

Эн өйүҥ-санааҥ арыый дьэҥкэ, аһынар сүрэхтээх, үтүө санаалаах буоллаххына, үтүө өттө кыайар. Оттон майгыҥ мөкү өрүтэ ханна эрэ «иһиҥ түгэҕэр» хаатыйаланар. Дьэ, ону артыыс киһи сыанаҕа туһанан хаалыан сөп. Ол эбэтэр, омсолоох дьоруойу оонньуургар бэйэҥ билбэт куһаҕаныҥ тахсар. Ону итэҕэйэн турукка киирэҕин (көрөөччүнү эмиэ турукка киллэрэр — ааптар). Турук киһини ол курдук күүскэ уларытар.

Сыанаҕа тахсаары сылдьан күөмэйин аккаастаан кэбиһиэн сөп.  Ыалдьа да сылдьан, эмискэ турукка киирдэххинэ, эн үөйбэтэх-ахтыбатах дорҕоонноруҥ  киирэн,  иэйиэххин-куойуоххун сөп. Ардыгар төһө  да кыһаллыбытыҥ иһин, эмискэ «көтүү» суох буолар. Оччоҕо, этэргэ дылы, бэйэҥ санааларгын сааһылаан, бэрээдэктээн  көнөтүнэн оонньуугун. Ол иһин оруолуҥ эмиэ уларыйар.

Биир түгэн. Москваҕа “Медеяны” («Кэрчиктэр») бэлэмнии сылдьабыт (кыргыз режиссера Шамиль Дыйканбаев СӨ норуодунай бэйиэтэ  Наталья Харлампьева тылбаастаабыт моноспектаклын туруорбута). Артыыска сахалыы ырыа-тойук матыыбынан ньиэмэс Хайнер Мюллер тиэкиһин ааҕар. Ааспыт кэм,  кэм алҕастара, кутурҕана хас биирдии сөкүүндэҕэ бэйэлэрин саната туруохтарын сөбүн туһунан Медея-ойуун дьахтар көрүүлэнэр — ааптар).

Дойду тэбэр сүрэҕэр 30 кыраадыс итии. Доруобуйам мөлтөөбүтүн сэрэйэн, «олус элбэхтик эрэпэтииссийэлэтимэ» диэн режиссербар этэ сатыыбын.   Ону эдэр киһи өйдөөбөт. Сэрэйбит сэрэх, оонньуом биир күн иннинэ сүрэҕим тэбиитэ күүһүрэн, сатаан саҥарбат да турукка киирдим. Оруолгар хайдах киирэргин толкуйдуур оннугар сүрэҕим тэбиитэ күүһүрбэтин курдук оонньуохтаахпын диэн эрэ толкуйдуур буоллум.  «Били Степанида Москваҕа сыанаҕа өлөөхтөөбүт үһү дииллэрэ куһаҕан да буолсу» диэн куттал санаа киирэн ылар. Артыыстарга баар тиэримининэн эттэххэ, «пол ноги», о.э.  күүспүн-уохпун улаханнык биэрбэккэ, сэрэнэн-сэрбэнэн оонньоотум. Оонньоон бүтэн баран, валидол иһэн, арыый бэттэх кэллим.

Ол оонньообуппун диискэҕэ уһулан биэрдилэр.   Тыҥааһыннаах кэмнэри уонча  күн устата аһарынан баран, дойдубар кэлэн били биэрбит диискэлэрин ылан көрдүм. Уопсайынан, бэйэбин, хаартыскаларбын, оонньуурбун уһулбуттарын көрөрбүн олох сөбүлээбэппин. Ол көрө олорон, аны хайдах оонньообуппуттан бэйэм астынан бардым. Хайдах эрэ   “остраненнай” испэктээк тахсыбыт эбит. Ол аата бэйэҥ эрэйдэммэккэ, санааҕа түспэккэ эрэ, туораттан киирбит кистэлэҥ күүһүнэн атыннык оонньуугун. Бэйэбин  бэйэм сөхпүтүм.  Кыраныысса таһыгар итинник, бэйэлэригэр киллэрбэккэ эрэ оонньуур буолбуттар.

«Медеяны» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ сөбүлээннэр, маҥнайгы премьерабын ити курдук моһуоктанан Москваҕа оҥорбутум. Оттон бэстибээлгэ  күүспүн толору биэрэн туран оонньообутум олох атын испэктээк тахсан кэлбитэ. Кириитиктэр биир артыыс икки атын-атын испэктээккэ оонньообутун курдук сыаналаабыттара. Дьүөгэлэрим: «Ити курдук ханна оонньуургуттан көрөн уларытан оонньоо», —  диэн сүбэлииллэр.

Эдэр сылдьан таҥаспыт сыыһа халтаҥ буолан, наһаа элбэхтик тымныйар этим. Ама да билигин ааспытын иһин, гостуруолларга, олорор сирбэр кыбартаалга тиийиэхпэр диэри тоҥон сордонор да этим. Ол суола-ииһэ суох хаалбатах. Арыт сөтөл буулаан сордуур.

Аан дойдутааҕы этническэй бэстибээллэргэ  кыттыы олус эппиэтинэстээх. Бүтүн Арассыыйа аатын ааттатаҕын. Биирдэ аан дойду араадьыйаларын  күрэхтэһиитэ  буолбута. Дуогабар барыта эрдэттэн оҥоһуллар, омук сиригэр тахсарыҥ саҕана доруобуйаҥ  хайдах буолуон тымтыктанан да билбэккин.  Онно эмиэ олох ыалдьан тиийдим: кыраадыһым 38-39, күөмэйим ыалдьар, сөтөллөбүн. Долгуйаргын ааһан, араадьыйаҕа уһулларга иэрийэ-иэрийэ сөтөллөр диэн хара накаас. Дьэ, онно бэйэни тардыныыҥ эмиэ  турукка киирии буолар. Турукпар киирэн, кэнсиэр кэмигэр сөтөллүбэт буолан хаалабын. Ити буола сылдьан, 40 мүнүүтэ  кэнсиэртээбитим. Тахсан баран иэрийэн хаалабын.

Арыт ыллыахпын наһаа баҕарабын.  Дууһаҥ бэйэтэ ирдиир курдук. «Табык» бэстибээлгэ «Айталлары» кытары СӨ норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева «Көрдөһүү» айымньытын толорбутум. Тахсыам иннинэ: «Таптал туһунан ыллыаҕым, тыллара быһа холоон манныктар» диэн мусукааннарга эттим. Мусукааннар оонньоотторун кытары ырыам матыыба бэйэтэ бэйэтиттэн тахсан истэ. Олоҕу хайдах көрөрбүн тута хоһуйан барбытым. Аны ити ырыабын иккистээн сатаан ыллаабаппын. Онон, турук диэн үрдүккэ көтүү, санаатыҥ да иккистээн төнүннэрбэт, бэйэтэ кистэлэҥнээх көстүү дии саныыбын.

Туруктан тахсыы кистэлэҥэ

Степанида Борисова айар талаанын, кылыһахтаах куолаһын, киһи этин-сааһын аһар кутурҕан тойуктарын туһунан төһөлөөх араас сыанабылы биэрэллэрий? «Эҥсиэлээх, иччилээх-илбистээх», «уот кымньыы тыллаах», «ап хомуһун алкыйар алыбын санатар», «удаҕан курдук илбиһирэр»,  уо.д.а. Ол да иһин, уобараһыгар дириҥник киирэн хаалбыт артыыс туруктан хайдах тахсарын туһунан ыйытыым хардата, омос иһиттэххэ, олус судургу курдук.

— Турукка хайдах киирэбин да, оннук тахсабын. Туруктан тахсыахтаахпын диэн анаан-минээн тугу да оҥорбоппун. Туруктан тахсыахтаах буоллаҕым дии. Трагическай оруоллар үксүлэрэ харах уулаахтар. Дьиҥ олохпор ытаатахпына, сарсыныгар сирэйим-хараҕым дыгдаччы иһиэн сөп. Сыанаҕа эмиэ марылаччы ытыыгын ээ. Ол гынан баран, сыанаттан таҕыстыҥ да,   барыта ааһан хаалар. Ол аата бэйэҕэр киллэрбэккэ эрэ, артыыс киһи быһыытынан сөптөөхтүк оонньуугун. Ытыы туран, кэннигин хайыһар кэмҥэр дэлби күлүөххөн сөп. Дьиҥнээх артыыс оннук буолуохтаах. Ити үлэҕэ үөрүйэхтэниини кытары тэҥҥэ кэлэр.

Оонньоммотох оруоллар

Бэйэтин кэмигэр Джульетта оруолун  ыра санаа оҥостубатах артыыска суоҕа эбитэ буолуо.

— Суорун Омоллоон «Күкүр Ууһугар» Күннэйи оонньообутум. Джульеттаны  кыайыам суоҕа  дии саныырым. Бэйэбин кыраһыабайа суох курдук сананар этим. Кэмигэр биэрбиттэрэ буоллар, баҕар, харса суох оонньоон көрүөм эбитэ буолуо. Туох барыта ааһар, туох барыта бэйэтэ бириэмэлээх. Ол иһин, оонньообокко хаалбытыҥ элбэх. Ааспыт олохпун эргиллэн көрдөхпүнэ, тарбахха баттанар уонча эрэ оруоллаах эбиппин.  Ол сүтүгү, арааһа, кэнсиэртээн, атын тыйаатырдарга баран оонньоон  аһардым быһыылаах,  баҕабын барытын толордум.

Мин идэм туох да куһаҕана суох. Артыыс барыта улуу буолуохтаах, элбэҕи оонньуохтаах, табыллыахтаах диэн буолбатах буоллаҕа. Тыйаатырга бэйэҥ миэстэҕин билиэххэ уонна бэйэҕин сөпкө сыаналаныахха, онон дьоллонуохха наада.

Кистээбэккэ эттэххэ, билигин улаханнык тугу да оонньуохпун, эдэрдэртэн оруол былдьаһыахпын баҕарбаппын. Баҕар, ол  сүрэҕэ суохпуттан тахсара дуу? Сүрүнэ, чэгиэн сылдьан, эдэр артыыстарга көмөлөспүт киһи, ырыабын-тойукпун атыттарга үөрэтэн, хаалларан барбыт киһи диэн санаалаахпын. Арктикатааҕы Култуура институтугар  устудьуоннары кылыһахтаах ырыаҕа  үөрэтэбин, артыыс киһи быһыытынан үүнэллэригэр-сайдалларыгар  билиибин-көрүүбүн тиэрдэ сатыыбын.

Ытыс  хабыллар тыаһа

Талаан — дьол дуу, соргу дуу?

—  Дьол да, сор да буолуо. Ити хаттыгаһа элбэх быһыылаах.

Артыыс идэтэ чэпчэкитэ суох. Тоҕо диэтэххэ, биһиги сүрэхпит тэбиитин курдук элбэх эрэйинэн тахсар үлэ суоҕа буолуо. Эн сыанаҕа дьон иннигэр тахсаргар киһи барыта долгуйар. Сыанаҕа хас тахсыыҥ эппиэтинэстээх. Долгуйбат киһи  соччото суох артыыс буолуон сөп.

Сыанаттан сөптөөх кэмҥэ барбыт киһи диэн санаалар бааллар. Ол эрэн, артыыс киһи сыанаттан туораата да, туоххаһыйан, соҕотохсуйан барар. Ол түмүгэр доруобуйата мөлтүүр. Артыыс идэтин биир уратыта ити быһыылаах. Сыанаҕа тахсар артыыс куруук ытыс тыаһын истиэн баҕарар.

Артыыс киһи бэйэтэ оонньууруттан эрэ буолбакка,  бүтүн испэктээк үчүгэйдик барбытыттан, көрөөччү сөбүлээбититтэн, үөрэнээччилэриҥ ситиһиилэриттэн  үөрэр.

Талаан оҕолорго сынньанар айылгылаах дуо?

—  Мин оҕо тугу баҕарарын утарсыахпын баҕарбаппын. Кыра кыыһым ускуустуба эйгэтигэр сыстыах курдук этэ да, аҕабыт чугаһаппатаҕа.

Кэргэмминиин  бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэбит.  Мин эркиним, олоххо тирэнэр киһим кини буоларын куруук билинэбин. Дьиэбитигэр ким кылаабынайын туһунан мөккүспэппит.

Кэрчик санаалар

— Сахабыт сирин иэйэр куттаах артыыскатын аан дойдуга фолк-рок толорооччу, этническэй ырыаһыт быһыытынан билэллэр. Исписэлиистэр кини модун куолаһын, киэҥ диапазонун бэлиэтииллэр. Артыыска толорор ырыаларын айылҕа көстүүтүнэн ааттыахха сөп. Кини кылыһахтаах, иэйэр-куойар ырыаларыгар күөл үрдүгэр тыал иһиирэрэ, кулуһун от тыаһа, көтөрдөр ырыалара, ытабыл, ааттаһыы, алгыс иһиллэллэр.

—  Саха фольклорун үгэстэрин уонна авангард холбоһуутун дьүөрэлиир талаанынан Арассыыйаҕа уонна омук сиригэр аатырбыта.

+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: