Исидор Бараахапка аналлаах тэрээһиннэр саҕаланнылар

Share

Уһулуччулаах судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха сирин автономиятын төрүттээччи Исидор Никифорович Барахов  төрөөбүтэ 125 сылын чэрчитинэн, төрөөбүт күнүн көрсө (олунньу 12 күнэ)  кэккэ тэрээһиннэр саҕаланнылар.

Саҥа дьыл иннинэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын  сойууһун VII сийиэһин күн,  суруйааччы Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду “Исидор Барахов” диэн дьоһуннаах үлэтэ кинигэ буолан тахсыбытын илиитигэр туппута.  Кинигэ Москваҕа “Эдэр гвардия” издательствоҕа “Уһулуччулаах дьон олохторо” (ЖЗЛ) сиэрийэнэн таҕыста,  350-ча сирэйдээх.

Онон, суруйааччы, тылбаасчыт, публицист Сиэн Мунду  өссө биир дьоһуннаах кинигэтэ тохсунньу 19 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар сүрэхтэниэҕэ.

Ону таһынан,  Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, Уйбаан Ороһуунускай тылларыгар, олохтоох мелодистар В.В. Ефимов-Баянист Баака, Т.И. Шестаков матыыптарыгар Исиидэр Бараахап төрөөбүтэ 100 сылыгар ананан суруллубут «Бараахап туһунан ырыа»  нууччалыы тылбааһыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күрэх биллэрилиннэ.  Күрэх сүрүн сыалынан-соругунан  Исидор Барахов үтүө аатын киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы, үүнэр көлүөнэни устуоруйа чахчыларыгар олоҕуран иитии-үөрэтии, «Бараахап туһунан ырыа» сахалыы ырыаны нууччалыы ыллатан, саха чулуу уолун аатын Арассыыйаҕа  билиниилэрин ситиһии буолар.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан,  кыайыылаахха «Кылаан чыпчаал» аат иҥэриллиэҕэ уонна быйыл И.Н. Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан Москваҕа  ыытыллар тэрээһиннэргэ ылланыаҕа.

Кыттааччы анал анкетаны, тылбааһын vanessanik0603@mail.ru электроннай аадырыска 2023 сыл олунньу 1 күнүгэр диэри ыытыан сөп.

«Бараахап туһунан ырыа» тыллара

Дьол, көҥүл кыайарын туһугар
Дьаалхааннаах охсуһуу дьылыгар,
Хотойдуу кэккэҕэ көппүтүҥ,
Харбалаах буоруттан үүммүтүҥ.

Хос ырыата:
Номохтоох олоҕуҥ анала,
Норуотуҥ махтала, таптала
Бараахап, тыыннаахтан тыыннааххын,
Барҕарыы суолларын ыйаҕын.

Сахабыт саргытын салайсан
Хараҥа хараҕын аспыккыт,
Сырдыктаах аартыгы арыйан
Харса суох инники киирбиккит.

Хос ырыата:
Номохтоох олоҕуҥ анала,
Норуотуҥ махтала, таптала
Бараахап тыыннаахтан тыыннааххын,
Барҕарыы суолларын ыйаҕын.

Эрчимнээх, төлөннөөх сүрэҕэ
Саха дьон туһугар тэбиэхтин,
Сандаарар үйэттэн-үйэҕэ
Эн аатыҥ өрүүтүн тиллиэхтин.

Хос ырыата:
Номохтоох олоҕуҥ анала,
Норуотуҥ махтала, таптала
Бараахап тыыннаахтан тыыннааххын,
Барҕарыы суолларын ыйаҕын.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

8 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

9 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

9 часов ago