Исидор Барахов аатынан Култуура киинэ тутуллан бүтэн эрэр
Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр И.Н. Барахов аатынан Култуура киинэ тутулла турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ эбийиэк 78% тутулунна.
Түмэл урукку эргэ дьиэтэ көтүрүллүбүтэ. Саҥа таас эбийиэккэ 158 сыбаайа туруоруллубута, 36 сыбаайа төрдө оҥоһуллубута. Монолитнай каркааһа туруорулунна, истиэнэлэрэ тутулуннулар, баһаары утары улахан резервуар, тас өттүгэр ититии ситимэ, канализация оҥоһулунна.
Көрөөччү саалатын ис өттүн сэндвич-панелларынан бүрүйдүлэр, кырыыһатын оҥордулар, халыҥаттылар, түннүктэрин туруордулар. Магистральнай вентиляция систиэмэтэ тардылынна, тас сырдатыы, тиэргэни тупсарыы, о.д.а. үлэлэр ыытылыннылар.
Билигин ис, тас өттүн оҥоро сылдьаллар. Ититии уонна вентиляционнай систиэмэлэри, видеонан кэтээн көрүүнү, сигнализацияны туруораллар. Барыта 28 оробуочай үлэлиир.
Эбийиэк 2031 кв.м. иэннээх, 150 киһи киирэн олорор саалалаах диэн култуура, духуобунай сайдыыга министиэристибэ иһитиннэрэр.
Былаан быһыытынан, эбийиэк 2023 сылга тутуллан киириэхтээх этэ эрээри, акылаата бырайыактыыр ирдэбиллэргэ сөп түбэспэт буолан, хос оҥорорго күһэллибиттэрэ. Ол үлэни 100% толорбуттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: