Исидор Барахов аатынан култуура киинин үлэҕэ киллэриэхтэрэ

Share

Үөһээ Бүлүү улууһугар быйыл Исидор Барахов аатынан култуура киинин үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

Култуура киинэ Харбалаах нэһилиэгэр инвестиция бырагырааматынан тутуллар. Бу боппуруоһу улуус уонна өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа туруорсубута. Ил Дархан Айсен Николаев Үөһээ Бүлүүгэ оробуочай сырыытыгар тутууну көрдө уонна ыйыллыбыт болдьоҕор үлэҕэ киллэрэргэ сорудахтаата.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

Култуура киинин тутууга 29 киһи, түөрт тиэхиньикэ үлэлиир. Тутуу билиҥҥи туругунан 22% бэлэм. Оттон былаанынан, эбийиэги 2023 сыл бүтүүтүгэр түмүктүөхтээхтэр.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

Икки тыһыынчаттан тахса кв. м иэннээх икки мэндиэмэннээх кииҥҥэ И.Н.Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэлэ, бибилэтиэкэ, 150 миэстэлээх киинэ тыйаатыра киириэхтээхтэр. Бастакы мэндиэмэҥҥэ быыстапкалыыр саалалар, администрация хоһо, уо.д.а. былааннаналлар. Иккискэ — бибилэтиэкэ, аактабай саала, артыыстар уонна көстүүмнэри уурар хосторо, куруһуоктары ыытар хос, уо.д.а. баар буолуохтара.

Быйыл судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, САССР төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ И.Н.Барахов төрөөбүтэ 125 сыла.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3366964 ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago