Кулун тутар 10 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа Опера уонна балет тыйаатырыгар автономияны олохтоспут, Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит, уһулуччулаах судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтэ.
Ил Дархан Айсен Николаев өрөгөйдөөх бэлиэ тэрээһининэн мустубут дьону истиҥник эҕэрдэлээтэ.
«Сүүс сыл анараа өттүгэр саха чулуу уолаттара Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов уонна кинилэр биир санаалаахтара устуоруйа хаамыытын уларыппыттара, бар дьоннорун кэскиллэрин кэҥэппиттэрэ. Автономияны ылынан, Саха сирэ сайдыы суолун бигэтик тутуспута. Бүгүн биһиги ааспыт сүүс сыл баараҕай ситиһиилэригэр тирэҕирэн, кэлэр сүүс сылга бэйэбит иннибитигэр саҥа модун санааны туруордубут. Иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыыбыт. Автономияны олохтообут хорсун санаалаах дьоммут, норуоттарын иннигэр үрдүк эппиэтинэстээх этилэр. Билигин Ийэ дойдубут инникитэ быһаарыллар кэмигэр, чулуу дьоммут, кинилэр ортолоругар, биллэн турар, Исидор Барахов төрөөбүт төрүт сиригэр, дьиҥ-чахчы бэриниилээҕин, хорсун дьайыыларын уонна булгуруйбат санааларын холобур туттуохтаахпыт», — диэн Айсен Николаев бар дьонугар туһаайан эттэ.
Бэлиэ тэрээһиҥҥэ Саха сирин уопсастыбаннаһа, интэлигиэнсийэтэ, наука үлэһиттэрэ, уһулуччу бэлитиичэскэй диэйэтэл төрөөбүт сириттэн Үөһээ Бүлүү улууһуттан элбэх ахсааннаах дэлэгээссийэ, киин куоракка олорор биир дойдулаахтара кытыннылар.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Исидор Барахов Саха сирэ туспа автономияны ыларын уонна РСФСР арахсыбат чааһынан буоларыгар бигэ санаалаах этэ. Кини этэринэн, 2007 сылтан Исидор Барахов үтүө аатын тилиннэрэр, устуоруйа алҕаһын көннөрөргө уһулуччулаах киһи олоҕун, үлэтин, тус хаачыстыбатын сыаналыырга олус улахан үлэ барда.
«Үбүлүөйдээх күнүнэн эҕэрдэлээн тураммын, Исидор Барахов аата, кини уопсастыбаҕа оҥорбут үтүөтэ норуот өйүгэр мэлдьи өйдөбүнньүк буолан хааллын уонна биһигини саҥаны айарга-тутарга кынаттаатын диэн баҕа санаабын этэбин. Исидор Барахов ураты дьылҕата, таһаарыылаах үлэтэ биһигини Сахабыт сирэ, дойдубут Арассыыйа сайдарын туһугар кынаттыы туруоҕа диэн ис сүрэхпиттэн эрэнэбин», — диэн эттэ Ил Дархан.
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин тыл этиитигэр Саха АССР төрүттэниитигэр Исидор Барахов ураты миэстэни ыларын, саха норуотун чулуу уолаттарын Максим Аммосовы, Былатыан Ойуунускайы кытары аата тэҥҥэ ааттаныахтааҕын бэлиэтээтэ.
«Норуоппут түмсүүлээх, сомоҕолооһуулаах буолуохтаах, саха бас-көс дьоно, маннык тэрээһиннэргэ сатаатар сылга биирдэ-иккитэ түмсэрбит буоллар, туох даҕаны дьоһуннаах, Саха сирэ чэчирии сайдарыгар хардыы буолуо этэ», — диэн Владимир Поскачин түмсүүлээх буоларга ыҥырда.
Норуот суруйаачыта Дмитрий Наумов устуоруйа чахчыларыгар олоҕуран, өр сылга архыыбы, докумуоннары хасыһан уһулуччулаах уолаттарбыт ол кэмнээҕи систиэмэ сыыһа дьаһалын сиэртибэлэрэ буолбуттарын кэпсээтэ. Кини докумуоннарга олоҕурбут чахчытынан, кылгас театрализованнай көрдөрүү турда.
ХИФУ РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев Исидор Барахов 1926 сыллаахха Баку куоракка түүрдэр бастакы сийиэстэригэр Саха сирин дэлэгээссийэтин илдьэ сылдьыбытын, түүр тылын бастакынан бэлиэтии тутан, сибээһи олохтуу сатаабытын бэлиэтээн эттэ.
Оттон Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын института – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын Академиятын институтун научнай үлэһитэ, историческай билим хандьыдаата Егор Антонов экэниэмикэ уобалаһыгар судаарыстыбаннай диэйэтэл научнай үлэтин туһунан кэпсээтэ.
Өрөгөйдөөх киэһэҕэ тыл этээччилэр биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл элбэх өрүттээх үлэтин сырдаттылар. Уһулуччулаах киһи Исидор Барахов төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээн, элбэх тэрээһин ыытылынна. 2023 с. саҥатыгар Исидор Барахов туһунан документальнай кинигэ таҕыста.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…