Искэн диспансерыгар номнуо 895 киһи көрдөрүннэ
Өрөспүүбүлүкэтээҕи искэн диспансера саҥа дьиэтигэр бастакы пациеннарын көрөн-истэн саҕалаата. Ааспыт нэдиэлэҕэ поликлиниката үлэлээтэ. Манна олунньу 5-13 күннэригэр амбулаторнай мэдиссиинэ көмөтүн 895 киһи ылла.
Пациеннар саҥа дьиэ табыгастаах усулуобуйатын биһирээтилэр.
— Саҥа диспансер дьиэтин көрөн астынным. 2017 сылтан доруобуйабын кэтээн көрөллөр, саҥа дьиэ аһыллыытын дьэ, өр күүттүбүт. Аан бастаан киирэн көрдөххө, киэҥ-куоҥ, сырдык, табыгастаах. Олус сөбүлээтим. Быраастарга болҕомтолоох сыһыаннарын иһин махтанабын, — диэн Валентина Винникова санаатын үллэстэр.
— Мин диспансерга химиотерапия толору кууруһун ылбытым, хирургическай эмтэниини ааспытым. Бүгүн саҥа дьиэҕэ аан бастаан сылдьан баран, сөхтүм, санаам көтөҕүлүннэ. Дьиэ олус кыраһыабай, пациеннарга табыгастаах буоллун диэн оҥоһуллубута көстөр. Киэҥин-куоҥун сөбүлээтим, ханна да үтүрүһүү-анньыһыы суох. Быраастарга махтанабын, — диэн Раиса Дедюкина этэр.
Олунньу 12 күнүттэн искэн диспансера пациеннарын саҥа аадырыска — Петр Алексеев уулуссатын 89 №-гэр көрөр. Поликлиника отделениетыгар онкологтар, маммологтар, онкогинекологтар көрөллөр. Невролог, пульмонолог, терапевтар консультациялыыллар.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин Дьокуускайдааҕы искэн диспансерын аһыллыытыгар кыттыыны ылбыта, онно кини: «Биһиги гражданнарбыт олохторун, доруобуйаларын көмүскэлигэр, көмө көдьүүстээх, табыгастаах буоларыгар өссө биир хардыы оҥоһулунна», — диэн эппитэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: