Искэн ыарыытын утары «Утжефра» диэн саҥа эми чинчийии салҕанар
Ахсынньы 12-13 күннэригэр 59 саастаах дьахтарга “Утжефра” эмп икки дозатын биэрбиттэрэ. Чинчийии боротокуолугар көрүллэринэн, интенсивнэй терапия салаатыгар нэдиэлэ устата кэтээн көрүү кэнниттэн, ыарыһаҕы күнүскү балыыһаҕа көһөрбүттэр, диэн суруйар “Российскай газета”.
Чинчийиини ыыппыт Гематология национальнай мэдиссиинискэй билим-чинчийэр киинин клеточнай уонна иммуннай терапияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Ольга Алешина эппитинэн, “Утжефраны” киллэрбиттэрин кэннэ ыарыһах туруга бэргээбэтэх. Биир нэдиэлэ реанимацияҕа сыппытын кэннэ, гематология отделениетыгар көһөрбүттэр, ол кэннэ күнүскү балыыһаҕа көрбүттэр.
Бэрэбиэркэ түмүгэ эмп куттала суоҕун бигэргэттэ. Ыарыһах эмтэнии бастакы түһүмэҕин этэҥҥэ ааста диэн буолар.
Чинчийиигэ уопсайа 60 ыарыһах кыттыаҕа. Эми биэрбиттэрин кэннэ сыл устата, кинилэр кэмиттэн кэмигэр хаан анаалыһын туттарыахтара уонна ыарыы туругун быһаарарга уонна ремиссияны хонтуруоллуурга инструментальнай чинчийиилэри ааһыахтара. Манна кыттыбыт ыарыһахтар өссө 15 сыл устата кэтээн көрүүгэ сылдьыахтара.
«Утжефра» диэн дойдуга оҥоһуллубут хаан куһаҕан хаачыстыбалаах ыарыыларын эмтиир CAR-T-клеточнай эмп, искэн ыарыыны утары охсуһарга биир саамай кэскиллээх хайысха буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: