Испэктээк кэнниттэн санаа…
Саха тыйаатыра сайдан, үрдүктэн үрдүк таһымҥа тахсан иһэриттэн биһиги, көрөөччүлэр, сүрдээҕин астынабыт, киэн туттабыт.
Дьокуускайга кыстыыр буолуохпуттан ыла тыйаатырга, киинэҕэ сылдьан, кэрэни кэрэхсиибин, сонуну куоттарбаппын.
Бу күннэргэ билиҥҥи кэмҥэ киэҥник биллэр Дмитрий Наумов суруйуутунан туруоруллубут /режиссер Руслан Тараховскай/ «Сандаарар сарыал саллааттара» испэктээги көрдүм.
Испэктээх Улуу Кыайыы саллаата Николай Алексеевич Ноттосов сырдык кэриэһигэр анаммыт. Сэрии уонна таптал тиэмэтигэр анаммыт бу испэктээҕи ис-испиттэн уйадыйа көрдүм, сүрэхпинэн ылынным!
Даайыска барахсан таптыыр уолун Ньукулайы уоттаах сэриигэ атааран баран, эрэллээхтик күүтэр. Кини хас биирдии суругун кичэллээхтик уура сылдьан ааҕар. Доҕорун суругун кини төрппүттэригэр кэлэн, сүрдээҕин кыбыста-кыбыста таптал туһунан устуруокаларын көтүтэ-көтүтэ ааҕан иһитиннэрэр.
Даайыскалаах Ньукулай тапталлара наһаа да ырааһын, нарынын-намчытын көрөн сөҕөҕүн эрэ!
Саллаат Николай Ноттосов Ийэ дойдутун туһугар дьоруойдуу кыргыһа сылдьа ыарахан бааһырыыны ылан киһи аҥаара буолар.
Өр кэмҥэ госпитальга сытан, уустук эпэрээссийэни ааһан, дойдутугар эргиллэн кэлэр.
Даайыска барахсан хомойор хомойуута диэн тапталлааҕын тэлиэгэттэн өйөөн түһэрбиттэрин көрөн, саллан киниэхэ чугаһаабатаҕа буолар. Ньукулай таптыыр кыыһын кытта холбоһон, оҕо-уруу тэнитэр кыаҕа суох буолбутуттан санаата тууйуллан, Даайыскатын бэйэтиттэн тэйитэр. Икки таптаһар сүрэхтэри сэрии обургу силлиэтэ ити курдук араартыыр.
Испэктээҕи көрөн олорор киһиэхэ араас санаа киирэр: «Оо арай Ньукулай көннөрү илиитэ-атаҕа суох буолбут буоллун, эбэтэр
Даайыска куттаммакка утары кэлэн, кууһа түспүт буоллун, оччоҕо олохторо, дьылҕалара атыннык салаллыа этэ!»
Дмитрий Наумов суруйбут испэктээҕэ көрөөччү сүрэҕэр, дууһатыгар тиийдэ, бэйэтин көрөөччүтүн бигэтик булла диэн санаалаах кылгас суруйуубун түмүктүүбүн.
Елена Прокопьева, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: