Истипиэндьийэни тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри үрдэтэри туруорсаллар

Share

Устудьуоннар истипиэндьийэлэрин тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри улаатыннарар туһунан сокуон барылын дьокутааттар бырабыыталыстыбаҕа киллэрдилэр. «Справедливая Россия — За правду» баартыйа бэрэссэдээтэлэ Сергей Миронов уонна фракция салайааччытын бастакы солбуйааччы Дмитрий Гусев бу сокуон барылын оҥордулар диэн ТАСС иһитиннэрэр.

Кинилэр  «Об образовании в Российской Федерации» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр туһунан этиилээхтэр. Бүддьүөттэн төлөнөр, саамай кыра кээмэйдээх истипиэндьийэ эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах диэн туруорсаллар.

Сокуон барыла истипиэндьийэни устудьуону үөрэнэр кэмигэр  олоҕун сөптөөх таһымыны хааччыйар, өйүүр төлөбүр быһыытынан быһаарары чуолкайдыыр. Оттон билиҥҥи сокуоҥҥа истипиэндьийэ үөрэнэргэ көҕүлүүр төлөбүр курдук көрүллэр.  Бу маннык көрүү тутах, устудьуон быраабын кэһэр диэн дьокутааттар этэллэр.

Сергей Миронов этэринэн, киин үрдүк үөрэххэ үөрэнэр устудьуоннар истипиэндьийэлэрэ 2  тыһыынча солкуобайга, тиэхиньикум үөрэнээччилэригэр 1 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.

Истипиэндьийэ хаһан да үрдээбэт, инфляция диэни аахсыбат, уонунан сылларга биир кээмэйдээх. Онон устудьуоннар үөрэнэ-үөрэнэ түүннэри үлэлии барарга күһэллэллэр, эбэтэр, төрөппүттэригэр толору иитиллэллэр. Маннык балаһыанньа кинилэр үөрэхтэрин таһымыгар дьайар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирэ ГТО-ҕа Уһук Илин Куубагар кыһыл көмүс уонна боруонса мэтээллэри ылла

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын «ГТО оонньуулара» Уһук Илин IV…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Киин куоракка уонна сорох оройуоннарынан быстах кэмҥэ уоту араарыахтара

Бүгүн, балаҕан ыйын 8  күнүгэр, киин куорат уокуруктарынан уонна сорох улуустарынан быстах кэмҥэ өрөмүөн үлэтинэн…

53 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Үп-харчы гороскоба. Бу нэдиэлэҕэ үп-харчы өттүгэр сулустар тугу сүбэлииллэрий?

Бу нэдиэлэҕэ үп-харчы эйгэтигэр сүрүн тосхол – сылыктааһын уонна сааһыланыы. Күн уонна Меркурий Кыыс бэлиэтигэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 8 күнэ: хаһыҥ, инчэҕэй хаар, күнүс +19°С

Саха сирин синоптиктара билгэлииллэринэн, бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Саха сирин соҕуруу улуустарыгар кыралаан ардыыр,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: далырдар 200-тэн тахса арбуһу хомуйдулар

Бүгүн социальнай ситимҥэ Үөһээ Бүлүү улууһугар оҕуруоттарыттан арбуз  бөҕөтүн хомуйбут ыал хаартыскалара тарҕанна. Ол курдук…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олох очурдара: Атын киһи хараҕын уутунан дьолломмоккун…

Уруйдаана  бүгүн үлэтиттэн арыый эрдэ бүтэн, аргыый аҕай дьиэтин  диэки хааман  истэ. Үлэ чааһа бүтэн,…

14 часов ago