Историческай пааркаҕа көмүс хостооһунугар анаммыт быыстапка аһылынна

Share

Сэтинньи 15 күнүттэн “Арассыыйа – мин устуоруйам” историческай пааркаҕа “Золото рядом” быыстапка үлэтин саҕалыаҕа.

Тэрээһин Арассыыйаҕа көмүһү хостооһун лиидэрэ «Полюс» хампаанньа уонна Москватааҕы Политехническай  түмэл  холбоһуктаах бырайыактарынан буолар. Быыстапка сыала-соруга – көмүс хостооһунун устуоруйатын үйэтитии, үрдүк технология кэлиҥҥи ситиһиилэрин сырдатыы.

Түгэнинэн туһанан, «Якутзолото» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, Саха сиригэр көмүс хостооһунун аҕалаатар аҕата Тарас Десяткин хаан-уруу аймаҕа, биологическай наука доктора Роман Десяткин “Арассыыйа – мин устуоруйам” историческай паарка салайааччыта Дмитрий Соловьевка Саха сиригэр көмүс хостооһунун сайдыытыгар анаммыт кинигэлэри бэлэхтээтэ.

Быыстапканы арыйыыга Саха сиригэр көмүс хостооһунун бэтэрээннэрэ, салайааччылар, суруналыыстар сылдьан, көмүс хостооһунун устуоруйатын кытта билистилэр.

“Золото рядом” быыстапка аһыллыытын кыһыл лиэнтэтин СӨ бырамыысыланнаска миниистирэ Максим Терещенко, историческай паарка салайааччыта Дмитрий Соловьев, «Полюс» хампаанньа уонна Москватааҕы Политехническай түмэлин  бэрэстэбиитэллэрэ быстылар.

Сарсыҥҥыттан үлэлиир быыстапка  идэҕэ туһаайыы чэрчитинэн үлэлиэҕэ. Оскуола үөрэнээччилэрэ уонна устудьуоннар көмүс хостооччулар үлэлэрин кытта чугастык билсиэхтэрэ.

“Золото рядом” диэн быыстапка Саха сиригэр кыһыл көмүс хостуур бырамыысыланнас 100 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн тэрилиннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

7 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

7 часов ago