Салгыы
Историческай пааркаҕа “Наука 0+” бэстибээл аһылынна

Историческай пааркаҕа “Наука 0+” бэстибээл аһылынна

04.09.2024, 16:53
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 4 күнүгэр Дьокуускайга “Наука 0+” бэстибээл чэрчитинэн “Арассыыйа – мин устуоруйам” историческай пааркаҕа научнай-популярнай лиэксийэлэр саҕаланнылар.

Оскуола оҕолоро, орто, үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара икки этээһинэн араас тиэмэлээх лиэксийэлэри иһиттилэр.

Лиэксийэлэр араас хайысхалаахтара ааттарыттан да көстөр: “Археология под ногами: детские игрушки XVIII-XIX вв. Из раскопок в исторической части Якутска”, “Нейротехнологии в образовании”, “Новые наноматериалы и как они изменяют мир”, “Пора “наташ” и холодов нестрашных”, о.д.а.

Федосеева аатынан Арктическай археология түмэлин научнай үлэһитэ Елена Соловьева ааспыт үйэлэргэ олорбут оҕолор оонньуурдарын туһунан ойуулары көрдөрө-көрдөрө бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ.

Бэстибээлгэ лиэксийэтэ аах диэбиттэригэр бэстибээл аатын саныы түспүтүм – “Наука 0+” диэн. Ол иһин оҕолорго интэриэһинэй буоллун диэн бу тиэмэни талбытым. Хаһыыларга сылдьан, оҕо оонньуурдарын булаттааччыбыт. Тиэмэ интэриэһинэй, лиэксийэҕин биһиэхэ кэлэн аах диэн уһуйааҥҥа ыҥырдылар, төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ анаан”, — диэтэ.

Сидор Иванов, 5 кылаас үөрэнээччитэ:

“Мин урут олорбутум буоллар, эмиэ итинник оонньуурдардаах буолуо эбиппин. Онно холоотоххо билиҥҥи оонньуурдар үчүгэйдэр эбит. Уруккулартан ат оонньуурдары  интэриэһиргээтим”, -диир.

Историческай пааркаҕа лиэксийэлэр бииртэн биир солбуһан иһэллэр. Сорох тиэмэлэр ордук устудьуоннарга сөптөөхтөр дуу дии саныыгын. Төрөппүт Марианна Лукачевская үһүс кылааска үөрэнэр оҕотун “Моя Россия” диэн лиэксийэҕэ аҕалбыт:

Оҕолор бу тэрээһиҥҥэ куруук сылдьаллар, төһө да өйдүүллэрин ыарырҕатталлар сөбүлүүллэр. Төрөппүт быһыытынан маннык тэрээһиннэргэ сылдьалларын көҕүлүүбүн, улаатан истэхтэрин аайы өйдүүр буолан иһиэхтэрэ. Субуотаҕа “Дохсуҥҥа” буолар быыстапкаҕа хайаан да барыахпыт”.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: