Хаартыска: t.me/MinstroyYakutia саайтан ылылынна.
IT-ипотека бырагырааматын РФ бырабыыталыстыбата 2030 сылга диэри уһатта итиэннэ 23 млрд солкуобайынан эбии үбүлээн биэрдэ.
Бу сырыыга бырабыыталыстыба эрэгийиэн айтишниктарын өйүүр былааннаах, онон бу бырагыраама Москваҕа уонна Санкт-Петербурга тарҕаммат. Ипотека 6%-наах, саамай улааппыта 9 мөл. солк тиийэ ылыахха сөп. IT-үлэһит орто дохуотугар ирдэбил оннунан хаалла: мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх куораттарга, Москва, Ленинград уобаластарыгар – НДФЛ вычетыгар диэри хамнастарын алын кээмэйэ 150 тыһ. солк.-тан, атын эрэгийиэннэргэ – 90 тыһ. солк. саҕаланар буолуохтаах. Бу саҥа усулуобуйа атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэҕэ киирдэ.
Ипотека 18-50 саастаах, ипотекатын дуогабара бүтүөр диэри аккредитованнай IT-хампаанньаҕа үлэлиир киһиэхэ бэриллэр. Кини манан таас дьиэҕэ кыбартыыра да атыылаһыан, чааһынай дьиэ да туттуон сөп диэн суруйар “Российская газета” хаһыат.
Социальнай ситимҥэ Горнай оройуонугар "Бүлүү" федеральнай суолга икки туртас оҕото сытар хаартыската тарҕанна. Ийэлэрин сүтэрбит оҕолору…
Бэҕэһээ Өлүөнэ эбэҕэ сэлээркэ тохтубутун туһунан иһитиннэриинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи айылҕа харыстабылыгар сыһыаннаах тэрилтэлэр суһал мунньах ыытан,…
Федеральнай суол үлэһиттэрэ Алдан куоратыгар «Олоххо-дьаһахха инфраструктура» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии хаамыытын хонтуруоллууллар. «Лена» федеральнай…
Полиция үлэһитигэр күүһүнэн өттөйөн, үөҕэн манныкка тиийдэ. Силиэстийэлиир кэмитиэт өрүс уҥуордааҕы улуустар икки ардыларынааҕы салаата…
Сунтаар Ыгыаттата - Кыыл Уолун ытык сирэ. Бу сир миэхэ, Сунтаар дьонугар, Сибиэрэп аймахтарыгар, үөлээннээхтэригэр,…
От ыйа — сайын үгэнэ, сайын оройо. От-мас сибэккитэ, туораҕа ситэр. Үрэх кытылыгар сардаана сибэкки…