IT-ипотека 2030 сылга диэри уһатылынна

Share

IT-ипотека бырагырааматын РФ бырабыыталыстыбата 2030 сылга диэри уһатта итиэннэ 23 млрд солкуобайынан эбии үбүлээн биэрдэ.

Бу сырыыга бырабыыталыстыба эрэгийиэн айтишниктарын өйүүр былааннаах, онон бу бырагыраама Москваҕа уонна Санкт-Петербурга тарҕаммат. Ипотека 6%-наах, саамай улааппыта 9 мөл. солк тиийэ ылыахха сөп.  IT-үлэһит орто дохуотугар ирдэбил оннунан хаалла: мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх куораттарга, Москва,  Ленинград уобаластарыгар – НДФЛ вычетыгар диэри хамнастарын алын кээмэйэ 150 тыһ. солк.-тан, атын эрэгийиэннэргэ – 90 тыһ. солк. саҕаланар буолуохтаах. Бу саҥа усулуобуйа атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэҕэ киирдэ.

Ипотека 18-50 саастаах, ипотекатын дуогабара бүтүөр диэри аккредитованнай  IT-хампаанньаҕа үлэлиир киһиэхэ бэриллэр. Кини манан таас дьиэҕэ кыбартыыра да атыылаһыан, чааһынай дьиэ да туттуон сөп  диэн суруйар “Российская газета” хаһыат.

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар

Александр Захаров: «Тыйаатыр – ыра санаам туолуута»

2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үлэлии кэлбит кэнники көлүөнэ “щепкинэцтэри” көрөөччүлэр хайыы үйэ…

12 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күөсчүт – дириҥ силистээх идэ

Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр: Күлүү гыммыт курдук, 334 солк. төнүннэрдэ…

2021  сыллаахха  түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Интервью
  • Сонуннар

Буойун-суруналыыс “Zиппо”

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсөргө бэлэмнэнэбит

Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сиэр-майгы: Мин билэр буоллум да…

Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…

6 часов ago