«Цифровой алмаз» пуорум бастакы күнүн үлэтин түмүктүүр тэрээһининэн пленарнай мунньах буолла.
Мунньахха дойду ИТ-индустриятын сайыннарыыга саҥа кыахтары уонна өйүүр миэрэлэри олохтооһуну дьүүллэстилэр. Онно федеральнай министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр уонна эрэгийиэннээҕи былаас итиэннэ Арассыыйа бөдөҥ хампаанньаларын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Пленарнай мунньах спикердэринэн РФ экэниэмикэтин сайдыытын миниистирэ Максим Решетников, цифровой уонна маассабай коммуникация сайдыытын миниистирэ Максут Шадаев уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыга Айсен Николаев буоллулар.
Максут Шадаев бэлиэтээбитинэн, омук бородууксуйатын бэйэбит технологияларбытынан сөптөөхтүк толору солбуйар кыахтаахпыт. «ИТ-салааны сайыннарарга туох да харгыһа суох усулуобуйа оҥоһулунна. Нолуок чэпчэтиититтэн саҕалаан, аккредитацияламмыт тэрилтэлэр үлэһиттэрин бэрэбиэркэлээһинтэн уонна суһал сулууспаттан уһун болдьоххо диэри босхолонууну ситистибит. Өскөтүн биһиги урут дойду технологияларын сакаасчыттар талалларын туһугар эбии стимуллары хайдах оҥоробут диир буоллахпытына, билигин атын солбук суох. Бу салааҕа бары үлэлиэхтэрэ», – диэтэ Максут Шадаев.
Мунньах кыттыылаахтара бырагырааманан хааччыйыы эйгэтигэр тутулуга суох буолуу, информационнай инфраструктура уонна кибер-куттал суох буолуутун боппуруостарын көрдүлэр. Экэниэмикэ сайдыытын миниистирэ Максим Решетников маннык үлэ хайысхата эрдэттэн барбытын, дойду бородууксуйатыгар көһүү баар баазаҕа уонна уопукка олоҕуран оҥоһулларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
«Билигин хампаанньалар бэйэбит оҥорон таһаарар бородууксуйабытыгар сыһыаннара уларыйда. Бу айти эйгэтигэр эрэ буолбакка, холобур, нефтехимия, машиностроение, хампаанньалар дойду технологияларынан туһанарга бэлэмнэр уонна инвестициялыыр баҕалаахтар. Биир өттүнэн бу салааҕа исписэлиистэр барыылара эмиэ баар. Ол эрээри биһиги бу салаа үтүө өрүттээх буоларыгар, биисинэһи кытары бииргэ үп инфраструктуратын салгыы олохтуохпут», – диэн эттэ Максим Решетников.
Оттон Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, арҕаа дойдулар ИТ-бородуукталара ырыынактан барыыта, бэйэбит олохтоох исписэлиистэрбитигэр улахан кыахтары арыйар, онуоха судаарыстыба өттүттэн сөптөөх усулуобуйаны оҥоруу соруга турар.
«Биһиэхэ университеттары, сайдыы институттарын, инвестордары кытары сибээстээх, инновация экосистиэмэ тэриллэн, өрөспүүбүлүкэҕэ сыл аайы саҥа хампаанньалар тахсан иһэллэр. Бу киһи хапытаала уонна биисинэһи тэриниигэ куттала суох эйгэ холбоһон уонна инновационнай экосистиэмэни тэрийии үтүө түмүктээх буолар. Биисинэһи, атыыны, монетизацияны кытары сибээстээх боппуруостары, аан дойдутааҕы монополистары солбуйар саҥа партнердары уонна саҥа платформалары тэрийдэхпитинэ быһаарыахпыт», – диэтэ Айсен Николаев.
Андрей Сорокин хаартыската.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…