Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Share

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр, куттанар. Оттон атыттар ону төрүт да  итэҕэйимиэхтэрин, көргө-күлүүгэ эбэтэр дьон өйүн-санаатын булкуйууга тэҥниэхтэрин сөп. Ол эрээри, били этэллэрин курдук, таайыллыбат таабырын  улаҕатын ыйдаҥардан көрүөн баҕалаах хаһан баҕарар үгүс диэн этэллэр.

Бүгүн олортон күн аайы ааҕар-суоттуур сыыппарабыт туһунан кыратык да буоллар сэгэтэн көрүөҕүҥ. Бу кистэлэҥнээх сыыппаралар тустарынан Интернеккэ Олег уонна Валентина Световидтар быһааран суруйаллар. Ол курдук, бастатан туран, сыыппараны оккультнай наукаҕа сыһыары туталлар. Сыыппараны киһи дьылҕатыгар суолталаах диэн этэллэр. (Оккультизм — общее название учений и традиций, считающих, что существуют скрытые и неизвестные науке силы и явления в человеке и космосе, опыт которых доступен лишь людям с «особыми способностями» или «посвящённым»). Сыыппаралар кистэлэҥнэрин Египет, Кытай эҥэрдэригэр былыр-былыргыттан дириҥник үөрэппиттэр. Улуу ахсаанньыппыт Пифагор итиннэ эмиэ сыһыары тутуллар. Пифагор үөрэнээччилэригэр аан дойду сыыппараттан тутулуктааҕын туһунан эппитэ холобурданар. Хас биирдии киһи дууһата, дьылҕата сыыппараттан тутулуктанарын, бэл, доҕордоһуу, кырдьыгы булуу, олоххо таба тайаныы, үтүө күн-дьыл үүнүүтэ, ситиһии, үөрүү онтон да атын барыта болҕомтобутугар улаханнык ылбат сыыппарабытыгар кистэнэн сылдьаллара бэлиэтэнэр. Ол эрээри, сыыппара суолтатын дириҥник үөрэппит дьон тус олохторугар, үлэлэригэр ону туһаналлар диэн бэлиэтииллэр. Холобур, төрөөбүт күнүҥ чыыһылатын физическэй туругу бөҕөргөтөргө, тулалыыр эйгэни кытта дьүөрэлэһиннэрэргэ туһаныахха сөп диэн этэллэр эбит. Оттон төрөөбүт ыйгын баҕа санааҕын толорорго дьулуһууга, майгыгын-сигилигин кытта дьүөрэлэһиннэрэргэ туһаайар ордугун суруйаллар.

Төрөөбүт сылы өйү-санааны, олоххо бэйэ миэстэтин булунууну кытта дьүөрэлэһиннэрэргэ туһанылларын этэллэр. Мантан сиэттэрэн көрдөххө, киһи төрөөбүт күнүн, ыйын, сылын уопсай суумата – киһи ис дьиҥэ. Оттон араспаанньаҥ, аатыҥ, аҕаҥ аата – киһи бэйэтин тус бодото диэн буолар эбит. Холобур, аат хас буукубалааҕа бу олоххо туруоруллар сыалы билгэлиир. Онон төрөппүттэр оҕолорун ааттыылларыгар, кини олоҕор туруоруллар сыала-соруга быһаарыллар эбит. Эбэтэр аҕа аата – киһи орто дойдуга төрөөн адаптацияланыытыгар, өбүгэни кытта сыһыаныгар, ситимигэр оруолу ылар.

СҮРҮН КИСТЭЛЭҤНЭР 

Сыыппараларбыт тугу түстүүр буолар эбиттэрий? Бука, кимиэхэ барытыгар интэриэһинэй буолара буолуо дии саныыбын.

1 – бу сыыппара Күнтэн ситими салгыыр аналлаах. Үлэлиир-хамсыыр, сүүрэр-көтөр, булар-талар баҕаны күүһүрдэр, күүһү-уоҕу, эрчими, тэтими биэрэр сыыппара диэн этиллэр. Маны сэргэ бу күүһү-уоҕу, эрчими биэрэр, көхтөөх, тулуурдаах буолууну, айар-тутар дьоҕурданыыны түстүүр. Баһылыыр-көһүлүүр баҕаны күүһүрдэр, аакка-суолга тардыһыыны улаатыннарар. Эбиитин бу бэйэтигэр эрэллээх, киэмсийэр, бэрдимсийэр, чиэскэ баҕарар, эппиэтинэстээх, кырдьыксыт дьон сыыппарата диэн этэллэр.

2 – Ыйтан күүс тардыллар. Бу сыыппара ураты уонна икки өрүттээх буолуу сыыппарата. Түөрэккэй, халбархай, түбүктээх, дьалхааннаах, эрэлэ суох, уларыйымтыа, көҕө суох,
бас бэринимтиэ, сымнаҕас буолуу эмиэ баар. Икки бэлиэтэ — киһи ис эйгэтин бөҕө туруга, дууһа, майгы-сигили, оҥорон көрөр дьоҕур, баҕа санаа, сэрэйэн көрөр дьоҕур, бигэ  физическэй турук, көрсүө буолуу, өйүгэр тутар дьоҕурдаах, сиэрдээх буолуу бэлиэтэ. Ыйтан күүс ылар дьон уопсай тылы буларга кыһаллымтыалар диэн бигэргэтэллэр.

3 – Марстан тиһиктээхтэр. Күүстээх-уохтаах, сэниэлээх, кэлиилээх-барыылаах, көхтөөх, дьулуурдаах, тулуурдаах, мэһэйдэри туоруур дьоҕурдаах дьоннорго көстөр сыыппара. Ол эрээри кинилэр бэйэлэринэн киэн тутталларын, кимтэн да, туохтан да тутулуга суох буолалларын, инникигэ эрэллээхтэрин, туохха барытыгар дьоҕурдаахтарын, дэгиттэр сайдыылаах буоларга дьулуһалларын, сытыы өйдөөхтөрүн, билиини-көрүүнү иҥэринэллэрин, үксүн өй үлэтигэр ситиһиилэнэллэрин бэлиэтииллэр. Эппиэтинэстээх  буолууга  сирдиирэ олус бэрээдэктээхтэриттэн, сүктэриллибит эбээһинэһи чиэстээхтик толороллоруттан көстөр диэн этэллэр. Бу сыыппара кыттыспыт киһитэ ылбыт идэтигэр, үлэтигэр үчүгэй билиилээҕин көрдөрөн элбэҕи ситиһэр кыахтаах.

4 – Меркурийтан сибээс. Бөҕө тирэхтээх, эрэллээх, боччумнаах, тулуурдаах, түс-бас, эппиэтинэстээх буолууну мэктиэлиир. Түөртээхтэр эрэллээх доҕоттор, кэргэннэр. Саҥаттан саҥаны билэргэ дьулуһаллар, туохха барытыгар бигэ туругу ордороллор. Бу сүрэхтээх үлэһит бэлиэтэ. Эбээһинэһи сөптөөхтүк аттаран, сааһылаан, дьып-дьап курдук толорор үгэстээхтэрэ чорботуллар. Өйдүүр дьоҕурдара олус үчүгэйин. Ордук наукаҕа, техническэй эйгэҕэ ситиһиилэнэллэр. Сэрэхтэрэ бэрт буолан, тугу барытын бэйэлэринэн билэргэ
дьулуһаллар.

5 – Юпитертан күүс ылар. Дьол, ситиһии, баай, модун буолуу, үтүө быһыыланыы, аптарытыаттаах буолуу, сайдыы бэлиэтэ. Ону сэргэ биэс сыыппара киһини ситиһиигэ, идеологиялаах буолууга, дьону-сэргэни, оҕону-урууну үөрэтэргэ-такайарга үтэр. Кини дьайыытынан киһи көхтөөх буолар, саҥаҕа тардыһар, сэдэх идэлэргэ бэйэтин кыаҕын-күүһүн холонорго тардыһар. Биир күдьүс буолуу, уруккунан, хаалбытынан олоруу куһаҕаннык дьайар. Онон биэс сыыппаралаах киһи куруук иннин диэки дьулуһуохтаах.

6 – Венераттан ситимнэнэр. Дьиэ кэргэн, дьүөрэлэһии, таптал, кэрэ, доруобай буолуу, үөрүү-көтүү, эйэлээх, эрэллээх, бэрээдэктээх буолуу бэлиэтэ. Алталаахтар дьиэҕэ  олороллорун ордороллор. Албан аакка, үрдүк солоҕо тардыспаттар. Кинилэр сүрүн соруктара чиэстээхтик үлэлээһин, үтүөнү оҥоруу.

7 – Сатурнтан тутулуктаах. Кистэлэҥнээх буолуу бэлиэтэ. Билиигэ-көрүүгэ тардыһаллар, дириҥ өйү-санааны көрдүүллэр, элбэхтэ толкуйдууллар, тэрийэр дьоҕурдаахтар, киэҥ-холку көҕүстээхтэр, тулуурдаахтар, кыһамньылаахтар. Бу философтар, профессордар, суруйааччылар, музыканнар, учууталлар уонна дьонтон-сэргэттэн тэйиччи сылдьар дьон  сыыппарата диэн этэллэр. Ол эрээри, кинилэр ортолоруттан лидердэр ааттаахтара, учууталлар бастыҥнара тахсаллар. Сэттэ сыыыпара олох араас амтанын амсайарга үтэйэр.

8 – Урантан сэниэ ылаллар. Үптээх-харчылаах, бизнескэ ситиһиилээх буолаллар. Булугастар-талыгастар, сатабыллаахтар, энергиялаахтар, саҥаҕа тардыһаллар. Аҕыс сыыппара кинилэр уларыйалларыгар, тугу барытын толкуйдаан оҥороллоругар сирдиир. Өссө бу сыыппараҕа айар дьоҕур түмүллэр диэн бэлиэтииллэр. Аҕыс сыыппаралаахтартан баай-дуол олохтоохтор, олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан иһээччилэр, көрбүөччүлэр тахсаллар. Манна эбии, кинилэр былыргыны, умнуллубуту үөрэттэхтэринэ үлэлэригэр-хамнастарыгар ситиһиилэнэллэр диэн этэллэр.

9 – Нептун сырдатарынан. Сэрэйэн көрөр дьоҕур, экстрасенсорика, итэҕэл, эрэл, духуобунай олох арыаллыыллар. Бу сыыппара сэрэйэн көрөр дьоҕуру күүһүрдэр, баай фантазияны биэрэр. Маннык сыыппара кыттыспыт дьоно үтүө санааланыынан элбэхтэ дьарыктаналлар, искусство эйгэтигэр ситиһиилэниэхтэрин сөп. Булан-талан, оҥорон таһаарар
дьоҕурдаахтар. Арай, атыы-эргиэн эйгэтиттэн, байыаннай дьыалаттан тута аккаастаналлара ордук.

10 – Плутон биэрэринэн. Космостан күүс-уох ылаллар. Бу сыыппара модун күүһү, сэниэни, хаачыстыбалаах уларыйыыны тосхойор, онно сирдиир диэн этэллэр. Уон сыыппаралаахтар былааска тардыһалларын сирбэттэр эбит.

Екатерина НИКОЛАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат архыыбыттан, 2014 сыл

What’s your Reaction?
+1
12
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Дьокуускайга тэрилтэ үлэһиттэригэр 21 мөл.солк. тахса хамнаһы төлөөбөтөх

Дьокуускайга биир тэрилтэ үлэһиттэригэр хамнастарын төлөөбөккө, 21 мөл.солк. тахса иэскэ киирбит. Сөптөх кэмигэр 33 үлэһит…

6 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сунтаардар олоҥхолоруттан сылаас иэйиигэ куустардым

Олонхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тохсунньуттан Роскомнадзорга бэлиэтэниини ааспатах блог, канаал бас билээччилэрин ыстарааптыахтара

Бу сыл сэтинньиттэн 10 тыһ. тахса сурутааччылаах блог уонна канаал бас билээччилэрэ Роскомнадзорга бэлиэтэниэхтээхтэр (регистарция).…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Папа-предприниматель» үөрэтэр грант кыайыылааҕын быһаардылар

«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хатас-Павловскай хайысханан өрүс суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…

1 час ago
  • Сонуннар

Үбүлүөй собото

Хас да сыллаах үөрэтии, архыып докумуоннарын хасыһыы түмүгэр, Үгүлээт нэһилиэгин туһунан аан-бастаан сурукка киирбит, ол…

2 часа ago