«Итэҕэл сүбэтэ» түмсүү кыттыылаахтара Ил Дарханы кытта көрүстүлэр
Дьокуускайга бүгүн Арчы дьиэтигэр «Итэҕэл сүбэтэ» түмсүү кыттыылаахтарын кытта Ил Дархан көрүстэ.
-Бүгүҥҥү курдук түргэн тэтимнээх, күннэтэ уларыйа турар үйэҕэ хас биирдии саха киһитигэр төрөөбүт тыла, ийэ култуурата улахан өйөбүл буолар. Омук быһыытынан салгыы сайдарбытыгар биһиги төрүт эйгэбититтэн күүс-күдэх, уһун-киэҥ санаа ылабыт. Бүгүн Арчы дьиэтигэр «Итэҕэл сүбэтэ» түмсүү кыттыылаахтарын кытта истиҥ көрсүһүүгэ саха төрүт культуратын тула кэпсэттибит, — диэн суруйар Ил Дархан бэйэтин telegram-ханаалыгар.
Көрсүһүүгэ мустубут дьон саха үгэһин киинин тутуутун туһунан көрдөспүттэр. Ил Дархан ол туһунан маннык бэлиэтиир:
-Бу олус наадалаах суол. Дьокуускайга тутулла турар Арктикатааҕы эпос уонна ускуустуба киинэ ураһа курдук быһыылаах үс киэҥ саалалаах ураһалардаах буолар. Мантан биирдэстэрин сиэр-туом оҥорор түһүлгэ оҥорорго этии киллэрдим. Бу саала саха омугун духуобунай култууратын киининэн буолара саамай сөптөөх дии саныыбын.
Хаартыскалар Андрей Сорокин түһэриилэрэ, СИА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: