Итирик дьахтартан сылтаан түөрт киһи эмсэҕэлээтэ
Балаҕан ыйын 17 күнүгэр Өлүөхүмэ оройуонугар түөрт киһи эчэйиилээх массыына саахала тахсыбыт. «Тойота Пассо» массыынаны итирик туруктаах дьахтар ыытан иһэн, утары суолга тахсан, «Тойота Белтаны» кытта харсыспыт. Ол түмүгэр түөрт киһи эчэйиини ылбыт.
Быһаарыллыбытынан, «Тойота Пассо» 28 саастаах суоппара массыына ыытар бырааба суох сылдьан уруулга итирик туруктаах олорбут. Суоппары кытта массыына иһигэр икки саастаах оҕо баара биллибит. Оҕо анал кириэһилэтэ суох айаннаан испит, кинини аҕата көтөҕөн олорбут. Хата, бу саахалга оҕо эмсэҕэлээбэтэх. Манна биллибитинэн, массыына ыытар бырааба суох дьахтар урут административнай эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбыт. Ол курдук кини ааспыт сыл сэтинньитигэр эмиэ арыгы иһэн баран уруулга олорон тутуллубут. Онон дьахтар дьайыыларыгар буруйу оҥоруу састааба көстөрүнэн, Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 264 ыст.2 ч. үс сылтан сэттэ сылга диэри хаайыы болдьоҕор ууруллуон сөп. Ону сэргэ Арассыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 156 ыст. (сааһын ситэ илик оҕону көрүүгэ төрөппүт эбээһинэһин толорбот буолуу) иһин холуобунай дьыала тэриллиэн сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: