Салгыы
Итирик киһи матасыыкылынан ньирэйи үнтү көтөн өлөрдө

Итирик киһи матасыыкылынан ньирэйи үнтү көтөн өлөрдө

Ааптар:
19.06.2023, 12:15
Хаартыска: Мэҥэ Хаҥалас ГИБДД.
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар итирик киһи матасыыкылынан ньирэйи үнтү көтөн өлөрдө. Матасыыкыл суоппара уонна кинини кытта тэҥҥэ айаннаан испит киһи балыыһаҕа киирдилэр. Бу туһунан оройуон Госавтоинспекцията иһитиннэрэр. 

Суол саахала бэҕэһээ, бэс ыйын 18 күнүгэр, Нуораҕана нэһилиэгин уонна Чурапчы улууһун кыраныыссатын икки ардыларыгар тахсыбыт. 44 саастаах суоппар «Regulmoto SK-200» матасыыкылынан аһары түргэнник айаннаан иһэн, «Перегон скота» диэн бэлиэлээх зонаҕа суолу туораан испит ньирэйи үнтү көппүт.

Ньирэй миэстэтигэр өлбүт. Матасыыкыл суоппара араас эчэйиилээх оройуон балыыһатыгар киирбит. Кинини кытта айаннаан испит 41 саастаах киһини реанимацияҕа киллэрбиттэр.

Биллибитинэн, суоппар матасыыкылы ыытар дастабырыанньата суох уонна саахал кэмигэр итирик туруктаах эбит. Кини уонна пассажир шлемэ суох айаннаан испиттэр.

Саахал тула бэрэбиэркэ ыытыллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 сентября
  • 4°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 87% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: