Итирик суоппар икки оҕону түҥнэри көппүтүнэн дьыала тэрилиннэ

Share

Дьокуускай куораттааҕы силиэстийэлиир отдела итирик туруктаах сылдьан суол быраабылатын кэһэн, икки оҕо өлүүтүгэр тиэрдибит 36 саастаах эр киһиэхэ холуобунай дьыала тэрийдэ.

Бу туһунан Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтэ иһитиннэрэр. Силиэстийэ дааннайынан, атырдьах ыйын 9 күнүгэр түүн «Toyota Allion» массыына суоппара итирик туруктаах сылдьан, Хатас сэлиэнньэтин Каландарашвили уулуссатынан айаннаан иһэн, утары суолга тахсан 16 саастаах уол ыытан иһэр, учуокка турбатах матасыыкылын кытта харсыбыт.

Суол саахалын түмүгэр матасыыкыл ыытааччыта уонна 15 саастаах пассажир оҕо  тутатына миэстэтигэр өлбүттэр. Хаарчахтыыр миэрэ быһыытынан буруйдаах хаайылынна. Дакаастабыллары хомуйар сыалтан силиэстийэлиир дьайыылар ыытыллаллар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -49 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 10 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -49 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

38 минут ago
  • Сонуннар

11 ый иһигэр 9,5 тыһ. кырачаан күн сирин көрдө

Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…

11 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирэ дьоруойдарынан киэн туттар

Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин  устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх
  • Чэгиэн

Оҕо этигэр-сиинигэр D битэмиин төһө элбэҕин босхо бэрэбиэркэлииргэ этии көтөхтүлэр

Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…

11 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Буровой баазатыттан уоран сууттанна

Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нэһилиэгин бүтүн Арассыыйаҕа ааттатта

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…

12 часов ago