Итирик туруктаах киһи массыынаҕа киирэн биэрбит

Итирик туруктаах киһи массыынаҕа киирэн биэрбит

Ааптар:
25.02.2023, 14:29
Хаартыска Саха сиринээҕи ГИБДД киэнэ.
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээхтэн Чурапчы диэки барыыга итирик туруктаах киһи суолга массыынаҕа киирэн биэрэн суорума суолламмыт. 

Быһа барыллаан быһаарыынан, суорума суолламмыт киһи итирик туруктаах эбит. Аллараа Бэстээххэ Чурапчы диэки барыыга «Toyota Prius Hybrid» массыына суоппара киэһэ хараҥаҕа уонна сырдатыыта суох учаастакка суолга эмискэ сүүрэн тахсыбыт киһини өйдөөн көрбөккө, тута тимир көлөтүн бытаардыбатах.  Ылбыт эчэйиититтэн 52 саастаах эр киһи  суһал көмө кэлиэр диэри тыына быстыбыт. Саха сиринээҕи ГИБДД иһитиннэрбитинэн, массыынаҕа киирэн биэрбит киһи итирик туруктаах эбит. Суоппар тимир көлөнү ыыппыт ыстааһа 20-чэ сыл. Быһылаан тахсар кэмигэр арыгы испэтэх. Курун баанан испит буолан, эчэйбэтэх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: